Ийэ хапытаалын туохха туһаналлар эбитий?

Оҕолоох ыалы өйүүр сыалтан, Арассыыйа үрдүнэн Ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала сэртипикээт бэриллэр буолбута быданнаата. Бу сыл 9 ыйдааҕы түмүгүнэн, Саха сиригэр 3770 сэртипикээт бэриллибит. Бу туһунан Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Георгий Степанов иһитиннэрдэ.


Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сыыйа аҕыйаан иһии бэлиэтэнэр. Сорох дьыл 9 тыһыынчаҕа тиийэ биэрэ сылдьыбыттар эбит. Туһааннаах өйөбүл киириэҕиттэн, өрөспүүбүлүкэҕэ, уопсайа, 85489 сэртипикээт туттарыллыбыт.

Быйыл 4965 ыал сэртипикээтин туһаммыт:

— олорор дьиэни тупсарыыга 3934 (79,2%) сайабылыанньа

— оҕону үөрэттэриигэ 586 (11,8%)

— ийэ биэнсийэтин мунньуллар чааһыгар 3 (0,1 %)

— иккис оҕо төрөөбүтүнэн ыйдааҕы төлөбүрү ыларыгар 442 (8,9 %)

Тоҕус ый түмүгүнэн уопсай төлөбүр суумата 1 758,8 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспит.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий