Аҕыйах хонуктааҕыта “Юность” стадиоҥҥа атах оонньуутугар Саха сирин, РСФСР спордун маастара, сахалыы ыстаныыларга өрөспүүбүлүкэтээҕи федерация салайааччыта, бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Хаҥалас улууһун, V Малдьаҕар, Сиинэ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Анатолий Добрянцев бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолла. Быйылгы турнир Анатолий Анатольевич 60 сааһыгар ананна.
Уон алтыс сылын ыытыллар күрэхтэһиигэ Саха сирин бүгүҥҥү күҥҥэ бары күүстээх маастардара аат ааттан кэлэн кытыннылар.
Уолаттарга үс көрүҥ түмүгүнэн 116, 57 м көрдөрүүлэнэн Дима Дмитриев (Мэҥэ Хаҥалас) бастаата. Биллиилээх атах оонньооччу Борис Ильин иитиллээччитэ кылыыга — үһүс (40,68 м), ыстаҥаҕа — иккис (39,42 м) уонна “куобахха” – бастакы (36,47 м) буолуталаата. Чурапчыттан Эдик Догойдонов (116,26 м) уонна Сергей Собакин (114,92 м) иккис, үһүс миэстэлэргэ таҕыстылар.
Дьахталлар сэттэ туоска куоталаспыттарыгар Дьокуускай уопуттаах спортсмена Любовь Унарова бастаата – 64,33 м. Кини кылыыга 22,49 м, ыстаҥаҕа 22,47 м, “куобахха” 19,37 м көрдөрүүлэннэ. Айыына Салышева (Уус Алдан, 63,43 м) уонна Алика Шадрина (Муома, 60,82 м) пьедестал иккис, үһүс үктэллэрин дабайдылар.
Эр дьоҥҥо Манчаары Баһылай сүүрбэһис үбүлүөйдээх оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа Иван Пестряков (Уус Алдан) 44,62 м кылыйан, 42,50 м ыстанан уонна 37,03 м куобахтаан, үс көрүҥ түмүгүнэн 124,15 м көрдөрүүлэнэн, бу да сырыыга иннигэр кими да түһэрбэтэ.
Мичил Яковлев (Дьокуускай) – иккис (123,88 м), Владислав Попов (Чурапчы) – үһүс (123,44 м) миэстэҕэ таҕыстылар.
Саха сирин кынаттаах кылыыһыттара Сергей Кривошапкин, Виталий Васильев, Юрий Гаврильев бэйэлэрин кэмнэригэр А.Добрянцев турнирын муҥутуур кыайыылаахтарынан буолбуттара. Манна Егор Филиппов, Еремей Ильин, Мичил Яковлев, Сергей Семенов, Николай Филиппов, уо.д.а. бастакы улахан кыайыыларын ситиспиттэрэ. Үрдүгү ойууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Ольга Кычанова, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ Мария Сокова, Любовь Унарова (Лялина), Виктория Шестакова кынталдьыһа кыырайбыттара.
“Куобахха” көрөөччүлэр болҕомтолоро ааспыт нэдиэлэҕэ Намҥа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр 42 м 35 см түһэн өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтообут Андрей Васильевка туһаайыллыбыта өйдөнөр. Бу да сырыыга Таатта талыыта бу көрүҥҥэ лидер буоларын итэҕэттэ, барыллаан ыстаныыга үһүс холонуутугар 41,44 м ойон, чугастааҕы куоталаһааччытын икки миэтэрэ курдугунан хаалларда.
Күрэхтэһии түмүгүнэн Ньурбаттан Эрэл Тихонов “куобахха” 37 м 58 см түһэн уонна Мэҥэттэн Алексей Тастыгин үс көрүҥ түмүгүнэн 118 м 09 см көрдөрүүлэнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарын нуорматын толордулар. Итигирдик Анатолий Добрянцев турнира спорт национальнай көрүҥнэригэр саҥа ааттары арыйсар.
Тэрийээччи санаата
Анатолий Добрянцев, сахалыы атах оонньуутугар, курдаһан тустууга Саха сирин, РСФСР спордун маастара:
—Мин аармыйа кэнниттэн, СГУ-га киирэн баран спордунан дьарыктаммытым. Хойутаан диэххэ сөп. 80-с сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ Александр Платоновы, Василий Николаевы кытта бииргэ кэлин үтүөлээх тириэньэр буолбут Гавриил Сивцевкэ эрчиллибиппит. Балтараа сылынан атах оонньуутугар спорт маастарын нуорматын толорбутум. Кылгас дистанцияларга сүүрүүгэ, уһуну ыстаныыга, мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэрим, хаста да бастаталыы сылдьыбытым.
Спорду кытта эҥэрдэһиим миэхэ тулуурдаах, туруоруммут сыалы ситиһиигэ дьулуурдаах буолууну иитиэхтээбитэ. Онтум Муоманан, Аллараа Халыманан, Хаҥалаһынан сопхуос дириэктэринэн, райкомол бастакы сэкирэтээринэн, улуус баһылыгынан, билигин Ил Түмэҥҥэ үлэлиирбэр сүрдээҕин көмөлөстө дии саныыбын.
Сахалыы атах оонньуутугар саҥа ааттар тахсыыларыгар мин сэмэй кылаатым баарыттан испэр үөрэ саныыбын.
Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru