Бу күннэргэ 20 оҕолоох «Тимир уус» уолаттара номнуо айылҕалыын алтыһан, эттэрин-хааннарын эрчийдилэр диэххэ сөп. «Тимир уус» түмсүү көҕүлээһининэн Сунтаар улууһугар маҥнайгы лааҕыр 2016 сыллаахха Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Лааҕыр бастакы сылыгар салайааччыларынан С.Н. Петров уонна Д.В. Николаев үлэлээбиттэрэ.
Былырыыҥҥыттан бу лааҕыр иккис сылын Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй базатыгар ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу лааҕыры тэҥэ лиссиэйгэ алта араас хайысхалаах лааҕыр үлэлии олорор. СПТЛ-И директора О.К. Сосин оҕо үөрэххэ эрэ буолбакка, олоххо барытыгар бэлэмнээх буола иитиллиэхтээҕин, ханна да буолбутун иһин мэлдьи чопчулаан этэр. Олег Константинович бу да сырыыга лааҕыр бары ирдэбиллэри толорон, оҕоҕо сөптөөх усулуобуйа тэриллэрин, оҕо бары өттүнэн туһалаах билиини эрэ буолбакка, кылгас сайыммытыгар этин-хаанын чэбдигирдиэхтээҕин төрөппүттэр мунньахтарыгар иһитиннэрдэ.
«Тимир уус» лааҕырга лиссиэй эрэ үөрэнээччилэрэ буолбакка, Сунтаар нэһилиэгин атын оскуолаларыттан уонна Хадан, Сиэйэ нэһилиэктэриттэн эмиэ бааллар. Иккис сылын сөбүлээн сылдьааччылар эмиэ аҕыйаҕа суохтар.
Салайааччынан, лааҕыр начаалынньыгынан эдэр кэскиллээх педагог СПТЛ-И английскай тылга учуутала С.К. Никитина үлэлиир. 21 хонуктаах лааҕырга оҕолор доруобуйаларын күннэтэ биэлсэр Т.Н. Степанова көрөр-истэр. Уолаттар лиссиэй пансионатыгар хоно сытан дьарыктаналлар. Күҥҥэ биэстэ-алтата минньигэс, тотоойу аһынан хааччыллаллар. Утуйуохтарын иннинэ олохтоох үрүҥ аһы аһыыллар.
Лааҕыр сүрүн сыала-соруга оҕо 21 күн иһигэр тимири уһаныыга эрэ буолбакка, бэйэ-бэйэни кытта сатаан тапсан алтыһарга, эппиэтинэстээх буоларга, айылҕаҕа туһалаахтык сылдьарга, о.д.а. билэ-көрө үөрэнэллэрин ситиһии.
Киэһээ утуйуу иннинэ тула мустан олорон бүгүҥҥү күн хайдах ааспытын биир-биир туран хайаан даҕаны санааларын үллэстэллэр. Маннык ньыма оҕо элбэх киһи иннигэр санаатын сааһылаан, сатаан саҥарарга үөрэнэр диэн салайааччылара Сардаана Константиновна этэр. Сарсыҥҥы күн таһаарыылаах, туһалаах буоларын инниттэн киэһэ утуйалларыгар оҕолор суотабай төлөпүөннэрин бары иитээччигэ туттараллар.
«Тимир уустарга» уолаттары Сунтаар улууһун илиилэригэр талааннаах педагогтара В.С. Аммосов, М.И. Никитин, В.А. Уаров, С.Н. Петров анал мастарыскыайга икки бөлөххө арааран, саха быһаҕын таптайыыга, оҥорон-чочуйан таһаарыыга үөрэтэллэр-такайаллар. Бу дьарыкка оҕолор бастатан туран, аһаҕас уоттан сэрэхтээх буолууга, тимири кытта үлэҕэ, саҕалаабыты тиһэҕэр тиэрдэргэ үөрэнэллэр. Иитээччилэр эр дьон быһыытынан кытаанах хонтуруол, ирдэбил эрэ буолбакка, хас биирдиилэригэр аҕалыы, убайдыы сайаҕас сыһыаннарынан, сүбэ-ама быһыытынан такайаллара оҕолор күннэрэ таһаарыылаахтык ааһарыгар олук буолара мэлдьэҕэ суох.
Лааҕыр быйылгы үлэтин саҕалыаҕыттан уолаттар Бүлүү өрүс нөҥүө сытар Устье бөһүөлэгэр болгуо тимир (руда) көрдөөһүнүгэр, балыктааһыҥҥа, о.д.а. сылдьан, сонурҕааһын, көрүү-истии бөҕөлөрө. Ону тэҥэ маанылаах ыһыахпыт аһыллыытыгар «Тоҕус мэҥэ хамсаныы» үҥкүүтүн хореограф В.А. Слепцова уолаттарга үөрэтэ сылдьар. Бу күннэргэ «Тещин язык» спортивнай туркомплекска тахсан, экскурсияҕа сылдьан астыннылар.
Оттон төрөппүттэр оҕолоро туох-хайдах сылдьалларын күннэтэ салайааччы С.К. Никитина бассааабынан хаартыскалаах иһитиннэриитин долгуйа, астына көрөллөр. Уолаттар умсугуйан туран дьарыктаныылара, барытыгар үөрүүнү кытта ылсыһан иһиилэрэ, үөрэн мичилиспит харахтара бу лааҕыр сыалын-соругун ситиһэр туоһутунан буолаллар.
Сайыҥҥы туһалаах сынньалаҥ түмүгүн бу ый 20-21 күннэригэр ыытыллар Улуу тунах ыһыахха оҕолор оҥорон таһаарбыт саха быһаҕын, уонна кыалыннаҕына, хомус оҥорбуттарын быыстапкаҕа туруоруохтара.
Юлия АЛЕКСЕЕВА, Сунтаар.