Судаарыстыбаннай суолталаах Таатта ыһыаҕа

Быйыл саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээбит суруйааччы, бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэл, учуонай, төлөннөөх революционер Былатыан Ойуунускай  төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах улуу убайбыт төрөөбүт Тааттатыгар ыһылынна.

edersaas.ru

Cуолталаах судаарыстыбаннай тэрээһин 25 сыл буола-буола тэриллэр.  Ол да иһин дьоһуннаах тэрээһиҥҥэ Ил Дархан э.т. Айсен Николаев, Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков, өрөспүүбүлүкэ эппиэттээх салайааччылара  кыттыыны ылбыттара үбүлүөйдээх ыһыаҕы судаарыстыбаннай тыыннаата.

Таатта улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара ыһыахтыыр түһүлгэҕэ биир ньыгыл кэккэнэн киирдилэр.

Үбүлүөйдээх ыһыахха Дьокуускайтан, Сунтаартан, Уус Алдантан, Томпоттон,  Чурапчыттан, Амматтан, Намтан уо.д.а. улуустартан  бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан түһүлгэҕэ сэлэлээн хаампыттара, дьон болҕомтотун тарта.

Саха норуотун убаастанар киһитэ, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, саха духуобунай лиидэрэ, тимир ууһа, ойууһут Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус төрөөбүт түөлбэтин Баайаҕатын дьонун кытта үөрэ-көтө ыһыахтыы кэлбит.

Үс саха үөскүөҕүттэн үөдүйбүт, түөрт саха төрүөҕүттэн  төлкөлөммүт,  уутуйан үөскээбит улуу олоҥхоһуттардаах, улуу тойуксут дьоннордоох Таатта эбэ туонатыгар бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл, Таатта эрэ буолбакка, Саха сирин бүттүүнүн киэн тутуута, ытык киһитэ Былатыан Ойуунускай 125 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыах алгыс баһа сыаланыытыттан саҕаланна.

 

Оҕолуун-эмэнниин алгыһынан арчыланан, үбүлүөйдээх ыһыах Таатта ытык сиригэр ыһыллыбытын айхаллыы көрүстүлэр.

Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай 100 сааһын бэлиэтииргэ РФ Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин кыттыыны ылбыта. 25 сыл устата туох уларыйыы тахсыбытын, быйылгы ыһыах уратытын туһунан Ил Дархан э.т. Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэ тылыгар тиэртэ:

— Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай үгүс баҕа санаата туолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ улуу Арассыыйа биир саамай бигэ субъегынан буолла. Сахабыт сирэ аан дойдуга тиийэ билиннэ.

Былатыан Ойуунускай Дьокуускайга анаабыт хоһоонугар хоһуйбутунуу, кырдьык да, өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар хурустаал таас дыбарыастар күлүмүрдүүллэр. Улуу киһибит хайдахтаах курдук инникини өтө көрбүтүй! 

Билигин Былатыан Ойуунускай аата Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ дорҕоонноохтук ааттаннар. 

Мин Таатта дьонугар бастакынан иһитиннэрэбин — быйыл сэтинньи ыйга улуу кытай омук, аан дойду бүттүүнэ киэн туттар Пекин операта «Туйаарыма Куону» туруоран,  Дьокуускай куоракка кэлэн көрдөрүөхтээх. Онтон бу күһүн Олоҥхо тыйаатыра тыйаатыр үөскээбит дойдутугар Грецияҕа, Александр Македонскай аҕата төрөөбүт сиригэр Филиппы куоракка тиийэн, хас да тыһыынча сыл тутуллубут тыйаатырга «Кыһыл Ойууну» көрдөрүөхтээх. 

Мин Ил Дархан э.т. туһунан ыйаах тахсыбытын кэннэ бастакынан Таатта улууһун суолталаах ыһыаҕар кэлэн турарбыттан сүрдээҕин долгуйабын, үөрэбин уонна киэн туттабын. Кистэлэҥ буолбатах, Өксөкүлээхтэн саҕалаан, саха омук  сайдыытыгар бу Таатта сириттэн төрүттээх дьон ыйан-кэрдэн биэрбит суолларынан биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыыта түстэммитэ уонна ол суолу билигин да тутуһар. 

25 сыл анараа өттүгэр Ытык Күөлгэ биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев ыҥырыытынан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин кэлэ сылдьыбыта. Ол бириэмэҕэ Арассыыйаҕа уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ уларыйыы-тэлэрийии бара турара. 25 сыл буолан баран,  биһиги өрөспүүбүлүкэбит иннигэр эмиэ улахан  уларыйыылар саҕаланнылар. Ол түмүгүнэн биһиги Сахабыт сирэ Арассыыйа биир бастыҥ субъегынан буолуохтаах. Дьоммут-сэргэбит баайдык , дьоллоохтук олоруохтаахтар.  Мин эрэнэбин: бу сорук туоларыгар Таатта дьоно-сэргэтэ биир бастыҥ кэккэҕэ сылдьыаҕа! Сайдыы суолун тутуһарга саха омук сомоҕоһуулаах  буолуохтаахпыт.  Сотору кэминэн нэһилиэктэргэ, улуустарга, өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан быыбардар буолуохтара. Дьэ, онно биһиги соччото суох үгэспитинэн ыал ыалынан, тэрилтэ тэрилтэнэн, нэһилиэк нэһилиэгинэн, улуус улууһунан хайдыһан, бэйэ-бэйэни кытта киирсэн, өстөһө олордохпутуна, туох да сайдыы тахсыа суоҕа. Ол иһин биһиги норуоппут, омукпут, өрөспүүбүлүкэбит туһугар биир санаанан, дойдубутугар  ханнык киһи көмөлөөх буоларын анааран туран, ол киһини талыах тустаахпыт. Дьэ, ол онно сомолоҕоһуулаах буолуохтаахпыт.  Күүстээх, биир ньыгыл норуоту ханныктаах да ыарахаттар кыайбаттар. Оччотугар биһиги улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай: «Үс саха төрүөҕэр, үөрүүлээх күнүгэр мин аатым ааттаныа, мин ырыам ылланыа…» диэбитэ дьиҥ чахчы үйэлэртэн үйэлэргэ хатылана туруоҕа. 

Күндү доҕоттор, суолталаах үбүлүөйдээх ыһыах сырдык алгыһа барыгытыгар тиийиэхтин, дьол-соргу тосхойдун, сирбит-дойдубут сайыннын. Туругурдун Ытык Таатта, туругурдун Саха сирэ, туругурдун улуу Арассыыйа! 

Үбүлүөйдээх ыһыахха кэлбит улуус олохтоохторо уонна Таатта улууһун ыалдьыттара Айсен Сергеевич бу этиитин олус сэргии иһиттилэр уонна ол ону биһирээбиттэрин сотору-сотору ытыстарын тыаһынан бигэргэттилэр.

Суолталаах этиитин кэнниттэн Ил Дархан э.т. Айсен Николаев Таатта улууһун ытыктанар дьонугар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.

Таатта сиригэр үрүҥ тунах ыһыах ыһыллыбытынан , Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков бэйэтин эҕэрдэтигэр:

Саха сирин судаарыстыбаннаһын, саха литэриитэритин, норуот инники кэскилин төрүттэспит эһиги  биир дойдулааххыт Платон Алексеевич Ойуунускай 125 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕын ыстыбыт. Саха норуота бэйэтин историятыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Саха бастыҥ дьонун, үрүҥҥэ-хараҕа араарбакка, утарыта туруорбакка, история араас дьалхааннаах кэмнэрин барытын этэҥҥэ туоратан, харыстаан, бэйэтин кытта бииргэ бүөбэйдээн илдьэ сылдьар.  Ол биир бэлиэтинэн бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата, Сахабыт сирин бары муннуктарыттан ыҥырыылаах ыалдьыттар бука бары мустан, улуу Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиир бэлиэ күҥҥэ түмсүбүттэрэ буолар.  Биһиги норуоппут былыр былыргыттан бэйэтин ытык үгэстэрин үрдүктүк тутар. Ыһыахпыт, олоҥхобут, саха норуота эрэ буолбатах, үгүс норуоттар кэрэхсиир сэргиир түһүлгэлэринэн буолла. Ол бэйэтэ биир төрүөттээх — биһиги үгэстэрбит сүрдээх дириҥнэр,  мындырдар уонна ханнык баҕарар омукка дэбигис өйдөнөллөр, дэбигис ылыныллар кыахтаахтар. Саха норуота былыр былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри дьылын сайынынан ааҕар . Ол иһин кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэн, кымыс ыан, чэчир анньан, ыраахтан-чугатан ыалдьыттарын ыҥыран, кус быһыйдары, ат бөҕөлөрү түмэн, аал уот оттон кэҥэрдии сыт таһааран үрдүк мэҥэ халлааҥҥа торҕо буруону унаарытар, — диэн бэлиэтээтэ уонна үбүлүөйдээх ыһыах ыалдьыттарын истиҥник эҕэрдэлээн туран: «Былатыан Ойуунускай кэриэһэ, кини баҕа санаата, ырата уонна ону батыһааччылар биһиги Сахабыт сирин инники өттүгэр чэлгитэ,  сайыннара турдуннар!» — диэн бэйэтин этиитин түмүктээтэ.

Ити курдук, улуу киһибит Былатыан Ойуунускай 125 сылын туолар үбүлүөйдээх ыһыахха өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын бэрт дириҥ ис хоһоонноох этиилэрин Ытык Таатта улууһун дьоно-сэргэтэ уонна ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттара олус сэргии иһиттилэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар уонна Андрей Сорокин түһэриилэрэ.

 

0
0

Добавить комментарий