Таатта баһылыга улуус инники күөҥҥэ иһэрин бэлиэтээтэ

Бөдөҥ судаарыстыбыннай диэйэтэл, суруйааччы, олоҥхоһут, учуонай Былатыан Ойуунусукай 125 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ Ытык Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ үрдүк таһымнаахтык ааста.

edersaas.ru

«Таатта улууһа» МТ баһылыга Михаил Соров саха норуотун чулуу уола, үлэһит боростуой дьон интэриэһин өрө тутан, норуот былааһын олохтообут, туругурдубут төлөннөөх революционер Былатыан Ойуунускай бастакы акылааты охсон, Саха сирин сайдыытыгар олук ууран, индустрализацияны, холкуостааһыны олоххо киллэрбитин ахтан, история холобурдарын аҕалан туран, быйылгы үбүлүөйдээх ыһыах суолтатын анаан бэлиэтээтэ.

— Быйыл, урукку быыһык кэмнэр курдук, Сахабыт сиригэр улахан бэлитиичэскэй уларыйыылар буола тураллар. Өй-санаа күүһүнэн, үлүскэн үлэнэн Сахабыт сирин Арассыыйаҕа биир бастыҥ өрөспүүбүлүкэ, субъект быһыытынан хайаан да аатырдыахпыт.  Онно сайдыылаах өрөспүүбүлүкэҕэ  биһиги Тааттабыт инники күөҥҥэ сылдьыаҕа диэн бүк эрэнэбит. Былатыан  Ойуунускайбыт «100 сыллаах улуу былаанын» остуол кинигэтэ оҥостон, үлэбитигэр-хамнаспытыгар күннэтэ салаллабыт. Ол курдук, 2017 сыл түмүгүнэн тыа хаһаайстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, Таатта улууһа ынах сүөһүтүн ахсаанынан өрөспүүбүлүкэҕэ 2-c миэстэ буолла. Сыспай сиэллээҕин ахсаанынан 1-кы миэстэҕэ таҕыста. Таатта улууһа өрөспүүбүлүкэ бырабыытылыстыбатын 32 сорудаҕын 78%  толорон, өрөспүүбүлүкэҕэ 1-кы миэстэҕэ таҕыста. Биэс ый түмүгүнэн, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, промышленнай бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга табаар эргиирэ 121% буолла. Чох хостооһуна: былырыыҥҥы таһымтан 21 тыһ. тн элбэҕи хостоотубут. Тыа хаһаайыстыбата: ынах сүөһүгэ күн бүгүн 4720 ньирэйдибит. Күҥҥэ 25 тн үрүлүйэ турар үүтү ыан туттарабыт. Үлэтин тэтимирпит Тааттатааҕы «Ас кэмбинээтэ» күн аайы 10-нуу тонна үүтү астаан, үрүҥ ас 12  көрүҥүн  оҥорон таһаарар. Тэрилтэ бордууксуйатын Дьокуускай куоракка уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр батарар. Нэдиэлэ аайы 7-8 тн олохтоох аһы  улуус таһыгар батаран, үбү-харчыны киллэрэбит, — диэн улуус бүгүҥҥү ситиһиилэрин билиһиннэрдэ.

Улуус баһылыга Михаил Соров үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина» суолталаах ааты биир дойдулааҕар, аныгы көлүөнэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтилигэр Алексей Дьячковскайга туттарда.

Наҕараада дьоруойа Алексей Прокопьевич бэйэтин үлэтин норуот хаһаайыстыбатын саамай ыарахан салаатыттан — тыа хаһаайыстыбатыттан, чуолаан ыанньыксыттан саҕалаабыта. Бүгүн кини өрөспүүбүлүкэни  салайар салайааччыга тиийэ үүннэ. Үйэ аҥардаах үбүлүөйүнэн убаастыыр киһибитин эҕэрдэлиибит уонна улуус саамай үрдүкү наҕараадатын, норуот тапталын уонна билиниитин — «Ытык Таатта бочуоттаах олохтооҕо»  бэлиэни туттарабын, — диэн  анаан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.  Алексей Дьячковскай улууһун үрдүкү наҕараадатын тутан, бар дьонугар — таатталарга сүгүрүйэн, махталын биллэрдэ.

83 саастаах тыыл бэтэрээнэ, Игидэй олохтооҕо Анастасия Лопатина Былатыан Ойуунускай үбүлүөйдээх ыһыаҕар сиэнин Виктор Лопатины кытта анаан кэлсибит.

Игидэй орто оскуолатыгар дириэктэрдиибин. Эбэм өрөспүүбүлүкэ саҥа эдэр салайааччытын Айсен Николаевы илэ хараҕынан көрөөрү, кини этиитин эт кулгааҕынан истээри, эрдэттэн анаан хомунан кэлистэ. Ыһыах аһыллыытын кэнниттэн кэнсиэр көрүөхпүт, күрэхтэһиилэргэ ыалдьыахпыт, ат сүүрдүүтүн көрүөхпүт. Онон былааммыт баһаам, — диэн санаатын үллэстэр эбээ маанылаах сиэнэ, орто оскуола дириэктэрэ.

 

Ытык Таатта сирин олохтоохторо биир дойдулаахтара, судаарыстыбаннай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай 125 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар сылдьан, өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын тус санааларын иһиттилэр, күөх сайыҥҥа дуоһуйа сынньаннылар. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар уонна Андрей Сорокин түһэриилэрэ.

0
0