Көдөһү Күөрэгэйин үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр
Бэс ыйын 12 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Историческай саалата толору киһинэн туолла. Саҥа-иҥэ оргуйан олороро. Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт дьон үөрбүт саҥа аллайыылара, куустуһан дорооболоһуулара, ахтыспыт кэпсэтиилэрэ иһиллэрэ. Үгүстүк күлэллэрэ, хаартыскаҕа түһэллэрэ, аа-дьуо хаама сылдьан көрдөрүүгэ турар кинигэлэри ааҕаллара. Улам саала ортотугар сибэкки киэргэтиилээх остуол тула уонна эрээтинэн турбут олоппосторго олоруу саҕаламмыта. Саха сирин норуодунай суруйааччыта Наталья Ивановна Харлампьева микрофонунан оҕо суруйааччыта уонна саха дьахталларыттан бастакы драматура Мария Петровна Обутова-Эверстова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үөрүүлээх киэһэтин биллэрэн киирии тылы эппитэ.
Нам Көдөһөтүттэн төрүттээх Мария Петровна Обутова-Эверстова «Күөрэгэй» диэн драматынан, оҕолорго анаммыт «Аргыс» кинигэтинэн, «Таба уонна Биичээн» диэн остуоруйатынан, «Мөккүөр» диэн пьесатынан уо.д.а. айымньыларынан биллибитэ. Кини суруйбут хоһооннорун, остуоруйаларын, мунньан оҥорбут хомуурунньуктарын үгүс киһи кыра да сылдьан, кэлин улаатан да баран аахпыт буолуохтаах.
Үөрүүлээх киэһэни Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара «Үрүлү Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны толорон арыйбыттара. СӨ култууратын уонна духуобунаһын миниистирин солбуйааччы Марина Силина эҕэрдэтин кэнниттэн Мария Обутова-Эверстова бииргэ алтыспыт, кини аатын үйэтитиигэ үлэлэспит, пьесаларыгар оонньообут дьон тыл эппиттэрэ. Платон Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыстара «Тэккэ», «Күөрэгэй» уо.д.а айымньыларыттан быһа тардыыны көрдөрбүттэрэ. Ийэлэригэр, доҕордоругар, биир дойдулаахтарыгар, холобур оҥостор киһилэригэр тапталлара, махталлара, сүгүрүйүүлэрэ уостубатын туһунан хас биирдии киһи элбэхтик эппитэ.
Таисия Ксенофонтовна, алтыс кыыһа:
— Ийэбит биһигини куруук элэккэй, кэпсэтинньэҥ буоларга, дьону кытта алтыһарга үөрэтээччи. Киһини кытта сатаан кэпсэтэр эрэ буоллаххына, олоххор тугу эмэ ситиһиэҥ диирэ. «Дорооболостуҥ дуо, кэпсэттиҥ дуо, тугу эрэ ыйыталастыҥ дуо» диэн хос-хос санатара. Кыра сылдьан ханнык эрэ түгэннэргэ кыбыстар, толлор буоларбыт, ону ийэбит кыра-кыралаан үөрэтэр-такайар этэ. Остуолбут куруук толору кумааҕы буолара. Ийэбит кумааҕылара, аҕабыт кумааҕылара диэн арахсан сыталлара. Билигин даҕаны элбэх дьааһыктарга кинилэр бэчээккэ тахсыбатах үлэлэрэ бааллар. Ону ийэбит 100 сылыгар анаан түмэн, дьаарыстаан, киэҥ эйгэҕэ таһаарар былааннаахпыт.
Мария Обутова-Эверстова.
Мария Петровна бэйэтэ дьоҥҥо куруук аһаҕас буолан, оҕолорун эмиэ оннукка үөрэппит эбит. Тылынан эрэ буолбакка, бэйэтин холобур көрдөрөн, уопсастыбаннай үлэҕэ куруук кыттан, сүүрэн-көтөн. Элбэх оҕолоохпун, үлэлээхпин диэбэккэ, мэлдьи актыыбынай олохтоох сылдьыбыт. Ыалдьытымсах, көрсүө, көмөлөһө охсорго түргэн буолан, историческай саала туоллаҕа.
Александра Елисеева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:
— Нуучча литэрэтиирэтигэр Агния Барто баар буоллаҕына, сахаларга Мария Обутова-Эверстова баар. Кини оҕолорго суруйбут хоһооннорун билбэт киһи суоҕа да буолуо. Суруйааччы оҕону кытта оҕо тылынан кэпсэтэр ураты дьоҕурдаах этэ. Мария Егоровна Охлопкованы кытта хомуйан таҥмыт «Аргыс» кинигэлэрэ элбэх учууталга көмө буолбута. Оҕону саха тылыгар эрэ буолбакка, олоххо эмиэ үөрэтэр сүрдээх үчүгэй методическай матырыйаал үлэбэр үгүстүк туһалаабыта.
Оҕо суруйааччыта Мария Обутова-Эверстова бэйэтэ аҕыс оҕо тапталын билбит ийэ. «Оҕо уйулҕатын мындыр чинчиһитэ» айымньыларын нөҥүө үүнэр көлүөнэни кытта истиҥник, төрөөбүт тылынан кэпсэтиитэ аһаҕас, көнө буолан, оҕолор сүрэхтэрин таайдаҕа. Ол онно көмө буолбут дьон, кини иэйиилэрэ, дьоруойдара, бастакы ааҕааччылара, бэчээттээн биэрээччилэрэ, эрэллэрэ – төрөппүт оҕолоро.
Евдокия Ксенофонтовна, улахан оҕо:
— Ийэм түүнүн, оҕолорун утутан баран, суруйар этэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, балыстарбар илиитинэн суруйан биэрбит остуоруйаларын ааҕарым. Ону кини оҕо өйдүүр эбит дуу, суох дуу диэн кэтээн көрөрө. «Мохсоҕолкоон Бэргэн уонна Кыталыкчаана Куо» диэн, буукубаны аан бастаан билэн баран, ааҕа үөрэммит остуоруйам.
Саха норуота киэн туттар дьонуттан биирдэстэрэ, саха дьахталларыттан бастакы драматург уонна оҕо суруйааччыта Мария Петровна Обутова-Эверстова аата уһун үйэлэргэ ааттаннын! Омугун туһугар олус кыһамньылаахтык үлэлээн-хамсаан ааспыт киһи олоҕо сэһэн буолан сэһэргэннин! Көдөһү Күөрэгэйин ырыата өссө да кутулла турдун!
Светлана ИВАНОВА, «Саха Сирэ» хаһыат, edersaas.ru