Быйыл Туймаада хочотун Үс Хатыҥар сүүрбэһис сылын ыытыллыбыт Ыһыах биир сүрүн тэрээһинэ – «Дыгын оонньуулара», буоларын курдук, элбэх кэпсэтиини, сэҥээриини таһаарда.
edersaas.ru
Ыһыахха кэлбит үгүс ыалдьыт «Дыгын оонньууларын» көрдөҕүнэ эрэ, ыһыахха сылдьыбыт курдук сананара кистэл буолбатах. Быйыл, өссө бу оонньуулары тэлэбиисэргэ быһа көрдөрөн, уолаттарбытыгар ыалдьааччы, кинилэр кыайыыларынан киэн туттааччы өссө үксээтэ.
«Дыгын оонньууларын» быһа көрдөрүү кэнниттэн тута сөрөөн, оонньууларга үһүс төгүлүн кыайбыт Егор Филиппов туһунан бэртээхэй биэриини көрөн, кыайыылааҕы чугастык биллибит. Кинини төрөппүттэригэр, төрөөбүт дойдутугар улахан махталлаах, булчут, айылҕа оҕотун, уопсайынан, киһи быһыытынан үчүгэй хаачыстыбаларын арыйдыбыт.
Манна даҕатан эттэххэ, Егор Филиппов Үс Хатыҥҥа күрэхтэһии кэнниттэн биэрбит интервьютугар «нуучча сахата», «эримээн сахата» диэн арааралларын олох сөбүлээбэтин туһунан аһаҕастык билиммитэ.
Оонньуулары биир тыынынан көрбүт суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан Егор Филиппов бу санаатыгар сөпсөһөрүн биллэрэн, Үөһээ Бүлүүттэн Хаҥыл Хара диэн псевдонимнаах киһи айбыт хоһоонун бэчээттиирбитигэр көрдөстө.
«Сирэйинэн арахсыы
Омуккун диэн суустаһыы,
Ааһа баран ыыстаһыы
Атааннаһан бурайсыы.
Сыыһа эбээт билигин
Өйдүөх баара ис дьиҥин,
Бастаан ону билиэххэ,
Онтон баҕар сиилиэххэ.
Сирэйинэн саха да
Сахалыы да саҥарбат,
Айыылары тумнубут
Абааһыны умнубут.
Сиэри-туому тутуспат
Абыычайы сураспат,
Икки атах дэлэччи
Бу дуо, саха дэнээччи?
Биитэр хаана буккуспут
Сирэйинэн тоҥ нуучча,
Саха сиэрин тутуспут
Саҥалыын да чиҥ саха.
Айыылартан алгыстаах
Араҥаччы күрүөлээх,
Дьиктиргиэххит да буоллар
Дьиҥнээх Саха бу буолуо».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru