Аркадий чинчийиитэ динозаврдартан саҕаламмыта

— Буукубаны ким даҕаны үөрэппэтэҕэ эрээри, хантан эрэ билэрим. Онон оскуолаҕа киириэм иннинэ номнуо ааҕа үөрэммитим. Маҥнай араас динозаврдаах, планеталаах, кэлин арыый улаата түһэн баран байыаннай, сэбиэскэй тиэхиньикэлээх энциклопедиялары үлүһүйэн көрөрүм, — диэн Аркадий Яковлев кэпсээнин саҕалыыр.

edersaas.ru

СӨ Наукатын Аччыгый академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, эдэр чинчийээччи от ыйын 8-15 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыахтаах Норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай оонньууларга кыттаары сылдьар.

Аркадий энциклопедияларга байыаннай тиэхиньикэлэри көрөрүгэр уруһуйун эрэ буолбакка, кини төһө түргэнин, атыттартан туох уратылааҕын, тугунан ордугун билэ сатыыра.

 

Чинчийэр үлэнэн – 4-с кылаастан

Чинчийиигэ маҥнайгы хардыыларын төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан саҕалаабыт. Учуутала Октябрина Лазаревна Семенова салайыытынан “Бережем энергию” диэн ааттаах тиэмэҕэ үлэ суруйан, “Мин – чинчийээччибин” улуустааҕы күрэхтэһиигэ 2-с миэстэни ылары ситиспит.

Кытардыы лаампата көдьүүһэ суоҕун үөрэппитим. Оччолорго тыа сиригэр аныгы лаампалар соччо киэҥник тарҕана иликтэрэ. Билигин туохха барытыгар уоту кэмчилиир соруктаахтар.

Эһиилги сылыттан “Инникигэ хардыы” научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэҕэ кыттыыта саҕаламмыта. Бу сырыыга полиэтилен туһаныллыбытын кэннэ ханна гынар туһунан суруйбута (салайааччы  —математика учуутала А.М.Максимова). Ол эрээри, хомойуох иһин,  миэстэлэспэтэҕэ. Ыйытыам да иннинэ, ханнык ыйытыыны биэриэхтээхпин эрдэттэн сэрэйбиттии, хоруйдуу охсор. Итиэннэ туохха, тоҕо сыыспытын быһаарбытынан барар. “Ити тиэмэни үөрэтэрин үөрэппитим эрээри, мунньуллубут бөҕү-саҕы чааһынай дьиэлээхтэр буочукаҕа уматыахтарын сөп диэн суруйбутум. Ити этиибин уматар бобуллар, экологияҕа, доруобуйаҕа буортулаах диэн ылымматахтара”, — диэн быһаарар.

Аны алтыс кылааска тахсаат, (сал. — биология, химия учуутала В.В.Кузьмина) норуот билгэлэрин үөрэтэр. “Ити курдук, үс ый устата хас даҕаны билгэни чинчийбитим. Улахан аҥаара сөп түбэспитэ. Ол эрээри, хайдах, тоҕо оннук буоларын наука өттүнэн кыайан дакаастаабатаҕым”, — диэн итэҕэһэ тугун ала-чуо бэлиэтиир.

 

 

“Сириуска” мэктиэлээбит чинчийии

Били, нууччалыы эттэххэ, “учиться на своих ошибках” диэбиккэ дылы, арааһа, тустаах кэмпириэнсийэлэргэ ыт атаҕын тутан буолуо, сөптөөх түмүгү оҥосторго үөрэннэҕэ. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан, үөрэҕин саҥа бүтэрэн үлэлээн эрэр физика учуутала, робототехника куруһуогун салайааччы И.И.Малгаров салалтатынан “Электронный сонар-браслет для незрячих людей” диэн ЛЕГО конструктор көмөтүнэн көрбөт дьоҥҥо туһалаах тэрили айбыта. “Робототехника куруһуогар көннөрү роботтары таҥарбыт. Аны дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруохха диэн санаа киирбитэ. Араас бырайыактары бары сыымайдаабыппыт. Тустаах тэрили интэриниэттэн көрдөөн, хасыһан көрбүппүт, син табыллыах курдук этэ. Ол иһин ылсан барбыппыт”, — диэн кэпсиир. Бу тэрил харыга кэтиллэр чаһы курдук, 100 см иһигэр туох мэһэй баарын бэрэбиэркэлиир. Көннөрү чаһыттан уратыта диэн, туох эмэ мэһэй баарын биллэҕинэ: “Внимание, препятствие”, — диэн сэрэтэр эбит. Онон көрбөт дьоҥҥо улахан туһалаах тэрил. Эдэркээн чинчийээччи ити үлэтинэн улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ юниордарга бастаабыт. Былырыын Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сириус” үөрэтэр кииҥҥэ баран үгүһү билэн кэлбит. Дьиҥэр, ити бырайыагы салгыы сайыннарыахха сөп этэ эрээри, Arduino (Ардуино) конструкторы булбакка, кыайан салҕамматаҕа диэн сиппэтэх санаатын биллэрэр.

«Сириуска» сүүмэрдээһин кэтэхтэн интэриниэтинэн ыытылларын туһунан истибиттэр. Арассыыйаттан 2000 сайаапка киирбититтэн 200 оҕо эрэ сиидэлээһини ааспыт. Кинилэр кэккэлэригэр Аллараа Бэстээхтэн (Мэҥэ Хаҥалас) икки оҕо уонна Аркадий.  “Сириуска” Москва уобалаһын, Ханты-Мансийскай оҕолорун кытта төрдүө буолан кыттыһан оҥорбут бырайыактара “Лучший экологический проект” номинацияҕа бастаабыт.

 

Кыһалҕаны быһаарбыт бырайыак

9-с кылааска үөрэнэр сылыгар уокка холбонор, салгыны ыраастыыр тэрили оҥорор (сал. — нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала С.Н.Корнилова). “Кыыллааҕы уу ылар буолан, Даппарайга көһөртөөбүттэрэ. Арыыга аһаҕас буолан кэм салгыннаах, тулабыт барыта уу. Ол иһин быыл суоҕун кэриэтэ. Даппарайга көһөн тахсыбыппыт кэннэ, Токколуур суолу оҥорон саҕалаабыттара. Дьиэбит иннинэн “Камаастар” күҥҥэ хастыыта даҕаны  сыбыытыыллара, быыл-буор оргуйан олороро. Ол иһин кыһалҕаттан салгыны ыраастыыры оҥорорго санаммытым”, — диэн бырайыагын төрүөтүн үллэстэр. Бу үлэтинэн Аркадий улууска бастыыр, өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэбил кырааматаны тутар.

Виртуальнай олох

Эдэр педагог, информатика учуутала, робототехника салайааччыта Нь.Л.Банчин идиэйэтинэн, С.Н.Корнилова салалтатынан, былырыын “Олоҕу дьиҥ толору кээмэйдээхтик көрдөрөр технология (технология дополненной реальности)” бырайыагы толкуйдуур. Өссө эрдэттэн толкуйдаммыт бырайыак буолан, “Сириуска” сылдьан элбэхтик ыйаталаһар, билэр-көрөр уонна ааспыт үөрэх дьылыттан бырайыагар ылсыбытынан барар.

Ити үлэтинэн улууска бастыыр, өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэлэнэр итиэннэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттарга мэктиэлэнэр. Ол түмүгэр муус устарга Казаньҥа ыытыллыбыт Н.И.Лобачевскай аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы (Приволжскай) кэмпириэнсийэҕэ тиийэн, кыайыы өрөгөйүн билэн кэлбитэ.

Аркадий бу үлэтин судургутук маннык быһаарар: “VR (виртуальная реальность) диэн баар. Холобура, мин ороммор сытан эрэн, анал ачыкы кэттэхпинэ, виртуальнай эйгэҕэ (виртуальный мир) баар буолан хаалыахпын, онно тугу баҕарар гыныахпын сөп. Билигин ити улаханнык сайда илик. Сүрүннээн, игровой индустрияҕа туттуллар. Онтон  AR диэн баар. Ити VR-тан уратыта диэн – дьиҥнээх олоҕу кытта туох даҕаны ситимэ суох. Букатын атын олох диэн өйдүөххэ сөп. Ону биһиги графика, тиэкис, аудио, видео көмөтүнэн ситэрэн биэрэбит”, — диэн кэпсиир.

Кини төрөөбүт Өлүөхүмэтин улууһун историятын кэпсиир хартыыналары талбыт. Ити инниттэн кини AR бырагырааматынан төлөпүөн сыһыарыытын толкуйдаабыт. Ол эрээри, уруок бириэмэтигэр көҥүллэммэт буолан, ааспыт үөрэх дьылыгар бэйэтин оскуолатын оҕолоро уруогу таһынан дьарыкка туһаммыттар. Холобура, Бородино кыргыһыытын үөрэтиигэ чиҥэтэн биэрэр уруокка аналлаах тиэмэни толкуйдуохха эмиэ сөп этэ диэн этэр. 

Интеллектуальнай оонньуу

Аркадий Интеллектуальнай оонньууларга кыттар бырайыагын көрдөрдө. Олортон биирдэстэринэн сэлии (мамонт) уруһуйа буолар. “Ити билигин улахан суолталаах. Букатын аҕыйах хонуктааҕыта мин олорор дэриэбинэбиттэн сэлии (мамонт) уҥуоҕа көһүннэ”, — диэн эбэн биэрэр. Көрдөхпүнэ, боп-боростуой дьабах курдук сэлии хартыыната. Төлөпүөнүгэр баар сыһыарыы нөҥүө көрбүтүм доҕоор, киһи итэҕэйимиэн курдук сэлиим туран кэллэ эбээт. Төлөпүөнтэн бу тахсан кэлиэх курдук.

Биллэн турар, барытын араас бырагыраамалар нөҥүө аттарбыт. “Оҥорорго уустук. Киһи ылбычча оҥорон кэбиһэрэ кыаллыбат, саҥаттан саҥаны билиэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, толкуйдаабыт моделбын уруһуйдуохпун наада. Ол иһин баҕарбатаҕым да иһин, 3D-программированиены баһылыырым ирдэнэр. Ити курдук, хас даҕаны бырагыраама туһаныллар”, — диэн этэр.

 

Сөбүлүүр уруогум — физика

Эдэр чинчийээччи сөбүлүүр биридимиэтэ — физика. Уустук эрээри, олоххо буолар ханнык баҕарар хамсааһыны барытын физика нөҥүө быһаарыахха сөп диэн этэр.

Улахан тэрээһин иннинэ кэлэн нэдиэлэ устата анаан-минээн бэлэмнэммиттэр. “Кэмпириэнсийэ англия тылынан барар. Саамай долгуйарым диэн, мин — эксперпин, эксперим миигин өйдүө суоҕа диэн. Оччотугар бырайыагым туһата суох хааларыгар тиийэр. Ол иһин билигин тылбын-өспүн (англия тылынан) тупсарар уонна экспертэр ханнык ыйытыылары биэриэхтэрин сөбүн толкуйдаан, чопчу хоруйдары бэлэмниибин”, — диэн түмүктээн этэр. Кэскиллээх чинчийээччигэ ситиһиилэри баҕарабыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *