Муомаҕа Дьиэрэҥкэйгэ аналлаах Ырыа ыһыаҕа ыытылынна

Муомаҕа Дьиэрэҥкэйгэ аналлаах Ырыа ыһыаҕа ыытылынна

Муома үрэх Индигир эбэлиин холбоһор сиригэр Суон Тииккэ биир дойдулаахпыт, Арассыыйа култууратын туйгуна, самодеятельнай композитор, хомусчут, худуоһунньук, уус, үрдүк категориялаах уһуйааччы, «Төгүрүк алааскын эн таптаа» кинигэ ааптара Гаврил Слепцов-Дьиэрэҥкэй төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах Ырыа ыһыаҕа ыытылынна.


Муома барахсан айылҕата тупсан, чэгиэн-чэбдик салгына сайа охсон, үтүө күн үүннэ. Сиккиэр тыалга араас өҥнөөх саламалар тэлибирээтилэр, остуол хотойорунан ас тардылынна. Гаврил Слепцов «Мин алааспар кэллим» ырыата дьону долгута эйээрдэ.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ И.Н. Слепцова тэрээһини арыйда. Алгысчыт, Дьиэрэҥкэй оҕо сааһын доҕоро, коммунальнай хаһаайыстыба бэтэрээнэ В.Г. Слепцов аал уоту оттон, сиэр сылгы сиэлинэн сыт таһааран, арыылаах алаадьынан, саламаатынан айах тутан, кыынньар кымыһынан ийэ сири аһатан, аан айылҕаттан уйгуну-быйаҥы көрдөстө, кэнчээри ыччат кэскиллээх буоларын түстээтэ.

Индигир нэһилиэгин «Талба» ансаамбыл кэрэ эбэлэрэ ыаҕайалаах, Арчы үҥкүүһүттэрэ дэйбиирдээх үҥкүүнэн эҕэрдэлээтилэр.

Ырыа күрэҕэр Индигиртэн Г.Г. Слепцова, Т.И. Слепцова, М.А. Шкулева, Хонууттан Е.Н. Готовцева, А.Н. Егорова, Н.Г. Слепцова, Суон Тииттэн И.Г. Слепцов, Е.А. Слепцова кытыннылар, ийэ кыыһынаан М.Г., А.Е. КорякиналарЕ.И. Слепцова, Р.И. Прибылых дуэттаатылар. Ону таһынан үс ансаамбыл күрэххэ кытынна.

«Уус-уран тарбахтар» түһүмэххэ А.С. Слепцова, В.С. Слепцов, М.В. Слепцова, А.Н. Егорова, Л.Е. Ефимова, Г.И. Чугунова, А.Е. Корякина күрэхтэстилэр.

Түмүккэ «Ылбаҕай ырыаһыт» ааты И.Г. Слепцов, «Хомоҕой хоһоонньут» М.Е. Хабарова, «Бастыҥ оһуохайдьыт» Е.И. Слепцова, «Уран тарбах» М.В. Слепцова, «Бастыҥ асчыт» А.В. Михеева, «Имигэс үҥкүүһүт» М.Е. Хабарова буоллулар. Кыттыбыттар бары сертификат, бэлэх туттулар.

«Баай-талым талба хотун» күрэххэ кэтэ сылдьар симэхтэрин ыйааһыҥҥа ууран кыайыылаахтары быһаардылар. 15 кэрэ аҥар симэҕин устан төһө ыйааһыннааҕы кэтэ сылдьарын чуолкайдаата. «Баай-талым талба хотун» күрэх кыайыылааҕынан Г.И. Чугунова буолла. Кини, бэйэтэ да сөҕүөн иннигэр, 1 киилэ 100 грамм үрүҥ көмүһү кэтэ сылдьар эбит.

Гаврил Слепцов-Дьиэрэҥкэйгэ анаммыт ырыа ыһыаҕар элбэх ахтыы оҥоһулунна, матырыйаал хомулунна.

Ырыа ыһыаҕар Индигир нэһилиэгиттэн бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ М.К. Корякина аҕыс кырдьаҕаһы илдьэ кэллэ. «Осикат» этно-киин үлэһиттэрэ, куруутун буоларын курдук, олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Бэтэрээннэри массыынанан тиэйбит социальнай харалта начаалынньыгар П.С. Федоровка, Индигиртэн А.О. Черовка, «Осикат» этно-культурнай киин үлэһиттэригэр, Суон Тиит олохтоохторугар тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Быйыл Гаврил Слепцов — Дьиэрэҥкэйгэ анаммыт Ырыа ыһыаҕа үһүс төгүлүн ыытылынна. Арчы дьиэтин салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ И.Н. Слепцова, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ Е.И. Слепцова, олохтоох мусуой дириэктэрэ С.С. Соркомов тэрийдилэр.

Ааптар: Е.И. СЛЕПЦОВА.

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *