“Дыгын оонньууларын” таһыма кэнники сылларга биллэ үрдээтэ. Ону кытта тэҥҥэ спортсменнар кыахтарын, дьарыктарын таһыма сылтан сыл күүһүрэн иһэр. Иннокентий Макаров, Николай Дьяконов, Уйбаан Белолюбскай урукку көрдөрүүлэрин эдэрдэр лаппа куоһардылар. Егор Филиппов үс сыл тухары иннин кимиэхэ да биэрбэккэ аатын үйэтиттэ. “Саха национальнай спордугар чэпчэки атлет Егор Филиппов кэмэ кэллэ” диэн сүгүрүйээччилэрэ сабаҕалыыллар. Биһиги Егордуун тус олоҕун, утарсааччыларын, инники былааннарын туһунан кэпсэттибит. Эһиил кыттарын, суоҕун ыйыттыбыт.
Болҕомтобун маска уонна хапсаҕайга уурбутум
— Быйылгы “Дыгын оонньууларыгар” хайдах кытынным диэн сыаналыыгыный? 100 бырыһыан бэйэҕин көрдөрдүҥ дуо? Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххинэ хайдаҕый?
— Быйыл үчүгэйдик кытынным. Эрэллээхтик бастаатым. Алта саҥа аат баар. Онон интэриэһинэй. Былырыын, холобур, элбэх чөмпүйүөннээх күрэхтэһии буолбута. Уйбаан Белолюбскай, мин, Алексей Кутуков, Петр Старостин, Любомир Николаев. Күүстээх састаап этэ. Быйыл ыарахан ыйааһыннаахтар туорааннар, сүүмэрдээһин кэнниттэн чэпчэки ыйааһыннаахтар киирдилэр. Бэлэмнэнии атыннык барда. Холобур, ыарахан ыйааһыннаахтары кытта киирсэргэ ордук мас тардыһыытыгар болҕомто уураҕын. Многоборье диэн оннук, ымпыга-чымпыга элбэх. Тутумҥа болҕомтоҕун уурдаххына, мас, сүүрүү мөлтүөн сөп. Эбэтэр төттөрүтүн чэпчэки атлетикаҕа оҕуннахха, хара күүс өттө мөлтүүр. Уйбаан Белолюбскай миэхэ хаһан эрэ эппитэ, “биир көрүҥү батыһыма” диэн, барыта тэҥник сайдыахтаах. “Дыгын оонньуута” хаарты курдук дии санаатым, кэлин: тоҕус хаартылааххын уонна, холобур, үс куоһурдаах буолуохтааххын. Үс куоһурдаах буоллаххына, бэйэҕэр эрэллээхтик киирсэҕин. Мин куоһурум биир – ыстаныы. Быйыл урукку оҕум алдьаммыта. Онон саас саҥа ох ылбытым, сыалбыт эмиэ уларыйда. Онон, сүрүн болҕомтобун маска уонна хапсаҕайга уурбутум. Дьарыктанан истэххинэ, сыыйа бары өттүнэн сайдаҕын.
Спортан тохтуур санаалар бааллар
— Эһиил кыттар санаалааххын дуо? Саарбахтыыр саҥаҥ иһилиннэ. Уйбаан Белолюбскай рекордун эккирэппэккин дуо?
— Эһиил кыттарым биллибэт. Көстөн иһиэҕэ. Уопсайынан, киһилии үлэлиэхпин баҕарабын. Доруобуйа да мөлтүүр, эчэйиилэр бааллар. Бэйэм таптыыр үлэбин булуохпун баҕарабын. Сэттэ төгүл “Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕын аатын эккирэтэр туһунан толкуйдамматаҕым. Баҕар санаам уларыйыа.
Кулуубум уолаттара —доҕотторум
— Сүрүн утарылаһааччынан кими көрөҕүн?
— Эрдэттэн кэтиибит буоллаҕа, ким хайдах дьарыктанарын, туругун. Николай Матаннанов күүстээх утарсыыны оҥорбута. Петр Старостин үчүгэй турукка сылдьарын бэлиэтии көрбүтүм. “Тоҕус томторго” ылбыт эчэйиитэ эрэйдээтэ, мэһэйдээтэ.
— “Көбүөргэ — утарсааччылар, көбүөр таһыгар — доҕоттор” диэн этии многоборецтарга төһө барсар дии саныыгыный? Чугас доҕотторуҥ многоборецтартан кимнээҕий?
— Ити этиини кытта толору сөбүлэһэбин. Күрэхтэһии аата күрэхтэһии. Тус олоххор күрэхтэһиини булкуйар сатаммат. “Боотур” спорт кулуубугар эрчиллэр многоборецтар барыта доҕотторум. Бииргэ эрчиллэбит, сайдабыт, сылы быһа күүстээхтик үлэлиибит.
“Дыгын оонньуулара” — улахан кыайыым
— Саамай ыарырҕатар көрүҥүҥ ханныгый?
— Быйылгы “Дыгын оонньууларыгар” кыра ыйааһыннаах уолаттар киирэннэр, тутум эргииргэ таһым үрдээбит. Быйыл ити көрүҥҥэ сэттис миэстэ буолбутум. Эрдэттэн да билэр этибит, улахан уолаттар бэһис эҥин миэстэни былдьаһарбытын.
— Саамай улахан ситиһиигинэн спорка ханнык кыайыыгын этэҕиний?
— Многоборьелыам иннинэ чэпчэки атлетиканан дьарыктанар этим. Чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа кубогар, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга ситиһиилээхтик кыттан турардаахпын. Сүрүн кыайыыбынан “Дыгын оонньууларыгар” чөмпүйүөннээбиппин ааттыыбын.
Мин — сахабын
— Эйиэхэ хоһоон айаллар, элбэх киһи билэр-көрөр, кэтиир. Ону кытта “нуучча” диир дьон эмиэ баар. Ол дьоҥҥо туох диэҥ этэй?
— Туох да диэбэппин. Сирэйбэр кэлэн эппэттэр. Кэннибиттэн саҥарааччыларга наадыйбаппын. Эрдэтээҥҥи интервьюбар эппитим курдук, омугу сирэйинэн быһаарбаттар, тылынан уонна итэҕэлинэн быһаараллар. Мин — сахабын, сиэри–туому тутуһабын, айылҕабын харыстыыбын, Саха сиригэр төрөөбүтүм, дьонум эмиэ сахалар.
Чугас дьонум турукка киллэрэллэр
— Кыайан ылбыт массыыналаргын ханна гынаҕыный?
— Бэйэм массыыналаахпын, ол иһин кыайан ылбыт «NISSAN TERRANO» массыынабын атыылаары сылдьабын.
— Аһылыккын көрүнэҕин дуо?
— Аспын улаханнык хааччахтаабаппын. Барытын аһыыбын. Наадыйдахпына, тутуһуохпун сөп.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ. Идэтийбит спортсмен кэргэннээх буолара ыарахан дии саныыгын дуо?
— Араас ыарахаттар бааллар. Дьонуҥ син биир долгуйаллар. Кэргэммэр махтанабын, элбэҕи тулуйар.
— Эйиэхэ туох көҕүлүүр күүс буоларый?
— Үгүс табаарыстарым, билэр дьонум үс төгүл кыайыаххын наада диэн сорук туруорбуттара. Спордунан уһуннук дьарыктаммыт табаарыстардаахпын. Кинилэр усулуобуйа туруораллар, ыгаллар, кэмигэр киһиргэтэн-ыган биэрэллэр. Киһи турукка киирэр. Миэхэ ыалдьыбыт, өйөөбүт дьоҥҥо, табаарыстарбар, көрөөччүлэрбэр уонна күрэхтэспит уолаттарга махтанабын.
Баҕалаах баҕанаҕа ыттар
— “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ?
— Бастатан туран, бэйэҕэр итэҕэйиэххин наада. Туруоруммут сыалгытыгар иннигит диэки бара туруҥ. Баҕа санаа баар буоллаҕына, киһи сыалын ситиһэр. Холобур, мин “Дыгын оонньууларыгар” үстэ чөмпүйүөннүөхтээхпин диэн сыал туруоруммутум уонна ону ситистим. Ситиһиилээх буолуҥ!
Филиппов Егор Анатольевич
1990 сыл алтынньытыгар Хаҥалас улууһун Сиинэ бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ.
ХИФУ физкультураҕа институтун бүтэрбитэ.
«Модун» СК тириэньэринэн үлэлээбитэ.
Саха национальнай ыстаныытыгар СӨ спордун маастара.
Штанганы туруору тардыыга Арассыыйа спордун маастара.
2016, 2017, 2018 сыллардааҕы “Дыгын оонньууларын” чөмпүйүөнэ.
Кэргэннээх, оҕолоох.
Дьулустаан Сергеев, спортивнай суруналыыс:
— Егор Филиппов сыл аайы сайдан иһэр. Кэнники сылларга күүс-уох өттүнэн биллэ эбиллибит. Ону сэргэ, ыстаныытыгар, сүүрүүтүгэр көрдөрүүтэ түспэт. Кини “Дыгын оонньууларыгар” үс төгүл субуруччу кыайбыта, туруоруммут сыалыгар-соругугар дьулуурдааҕын көрдөрөр.
Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru