Якутия Сегодня

«Кубаттан төрүттээхтэр алта кубаны көрдүбүт»…

Бэҕэһээ — Бүтүн Арассыыйатааҕы Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүгэр, Сунтаар улууһун  Күүкэйигэр  Уоһук өтөҕөр  ааттаан-суоллаан көрсүбүппүт биэс сылын бэлиэтээри Кобельяновтар, Гороховтар, Акимовтар уонна Ивановтар  дьиэ кэргэттэрэ тиийэ сырыттыбыт.

edersaas.ru


Ол курдук от ыйын 8 күнүгэр икки тимир көлөнөн турунан, бастакы массыына Кутанаттан Өндөрөй Акыымабы уонна сиэнин Өндөрүүскэни ылан, Уоһук өтөҕөр  сатыы 3 биэрэстэни хааман тиийдибит.

Оттон иккис массыына Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ хойутаан кэлэн, суолу булбакка,  Күүкэйгэ төнүннүлэр. Биһиги Степанида Степановна, Өндөрөй сиэнинээн, мин кэргэмминээн Бүөккэлиин, балтыларбытынаан Арсулуун Амелиялыын өтөхпүт дьиэтин-уотун ыраастаан-хомуйан баран аһаатыбыт, Күүкэй Эбэбитин, сирбитин-уоппутун, холумтаммытын арыылаах алаадьынан күндүлээн, аны үс сылынан кэлиэхпит диэн алгыс анаатыбыт. Соторунан хаартыскаҕа түһэн, дьоммутугар төннүөҕүҥ дэһэн, кубалаах сэргэбит аттыгар туран хаартыскаҕа түһээппитин кытта дьикти саҥа иһилиннэ…

Арай көрбүппүт доҕоор, алта мап-маҥан, олус кыраһыабай кубалар  үрдүбүтүнэн көтө-дайа эҕэрдэлээн, уруйдаан олус чугаһынан аастылар. Биһиги сөҕүү-махтайыы, үөрүү-көтүү үктэлигэр түстүбүт, бэл диэтэр, ыраата быһыытыйбыттарын кэннэ саҥа аллайан кэннилэриттэн эрэ хаартыскаҕа түһэрдибит. Дьэ, онон аймахтар сөптөөх быһаарыныы ылыммыппытын, удьуордарбыт кытта бэлиэтээн аастылар.

Биһиги эһэбит Маҥан Ыстапаан эппитинии, Аҕа ууспут  ыһыаҕа биэс сыл буола-буола тэриллиэхтээҕэ. Онон  кэлэр ыһыах  2021 сылга түбэһэр. Ону этиппит курдук,  бүлүүлэр сөпкө аккаастаннылар уонна ийэбинээн дьиэм аттыгар, эһэм туруорбут сэргэтин уун-утары көрө олорон итинник быһаарыныы ылынан, ким баҕалаах бу сырыыга барыахха диэн санаммыппыт иччилээх буолла. Онон, доҕоттор, 2021 сылга, ол эбэтэр үс сылынан көрсөбүт, онно күүскэ, биир ситиминэн түмсэн кэлэрбит булгуччулаах! Салгыы кырдьаҕаспыт Өндөрөй Кирииллэбис хос эһэбит Лиһир Уоһук уонна Настаа хайдах ыал буолбуттарын, Өндөрөй хос эбэбит бииргэ төрөөбүт быраатын уола буоларын бигэргэтэр бэртээхэй сэһэни иһиттибит. Онтон Күүкэйгэ киирэн иккис массыынабыт дьонун Анна, Владимир, Сима, Валя, Владиана Ивановтары кытта бачча кэлбиччэ айылҕаҕа баран сынньаныахха диэн санаалаах, аны, Суһукуга кэллибит. Анна Серафимовнаҕа Уоһук өтөҕөр тиийэ барбатаххытыттан улаханнык хомойумаҥ, өтөхпүт быйылгы сырыыга чуумпуран турар кэми аймаамаҥ диэн халты хаамтарбыт буолуон сөп дэһистибит. Кырдьыга да оннук курдук, биһиги биэс сыл буола-буола кэлэн ыһыах ыһарга көҥүл ыллахпыт дии. Суһукуга тиийэн итии чэй иһэ-иһэ арааһы кэпсэттибит, оҕолорбут оонньуу-көр күндү түгэнигэр сырыттылар. Бүтэн баран, айылҕа чугас дьоно буоларбытынан бөх-сыыс, бытыылка араас ыһылла сытарын барытын хомуйан сыбаалкаҕа быраҕан, иллээх дьиэ кэргэн бырааһынньыгын олус дуоһуйуулаахтык уонна туһалаахтык атаардыбыт. Онон аймахтар — бүгүн дьиэ кэргэн күнүгэр ытык бэлиэбитин кубаны көрөн дьоллоннубут! Кырдьык, Кубаттан төрүттээхпит өссө төгүл дьикти түгэнинэн туоһуланна!

Мария КОБЕЛЬЯНОВА-ТУСКУЛААНА, Сунтаар, edersaas.ru саайтка анаан

0
0