Олохпут сайдыытын тэтимэ түргэнэ бэрт буолан, билигин дьон-сэргэ сонуну интернет ситимиттэн билэр. Ону ааһан, бүгүҥҥү күҥҥэ ким баҕарар бэйэтэ тугу көрбүтүн-истибитин атын дьоҥҥо араас социальнай ситимнэргэ аспыт тус аккаунун нөҥүө тиэрдэр кыахтанна. Балай эмэ хаачыстыбалаах камералаах телефоннаах буоллуҥ да, онон видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн, суруналыыс оруолун боруобалыаххын сөп.
Билигин социальнай ситимнэртэн биир саамай биллэрдэринэн, элбэх киһини интэриэһиргэтэр, түмэр кыахтаах Инстаграм буолар. Бу ситим киһини тардар, абылыыр кыаҕа үгүс. Ол курдук, бастатан туран, Инстаграмҥа киһи бэйэтэ альбом оҥостон хаартыска, видео таһаарар кыахтаах. Иккиһинэн, хаартысканы тупсарар, киэркэтэр элбэх фильтр баар. Үсүһүнэн, ханнык баҕарар биллэр киһи страницатыгар киирэн, онно суруйтаран, кини тугу таһаарарын, суруйарын билсиэххэ, тус бэйэ санаатын суруйан хаалларыахха, санаа үллэстиэххэ сөп. Инстаграмҥа элбэх суруйтарааччыланнаххына, реклама көмөтүнэн харчы да өлөрөргө кыах баар.
Мин Евгений Слепцов (jekasleptsov) диэн Инстаграмҥа киэҥник биллэр саха уолун кытта сэһэргэстим.
— Интернет нөҥүө дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибиккин кэннэ, олоххор туох уларыйыы таҕыста?
— Мин олохпор Инстаграм улахан оруолу оонньоото, бэйэм кылгас көрдөөх видео устарбын уруккаттан сөбүлүүр этим, дьарыгырбытым ыраатта, онон вайнер буолбутум чугас дьоммун соһуппатаҕа буолуо. Олохпор сүрүн уларыйыы диэн – элбэх саҥа доҕоттордоннум, билэр дьонум эмиэ олус элбээтэ.
— Инстаграмҥа аккауҥҥун хайдах арыйбыккыный, өрө таһаарбыккыный? Хейтердэргэр хайдах сыһыаннаһаҕыный?
— Аккауммар суруйтарааччылары (подписчиктары) хомуйаары видеоларбын биллэр бөлөхтөргө ыыталыыр этим, үксүн mbt_off диэн бөлөххө ыытааччыбын, ол иһин подписчиктарым эбиллэн испиттэрэ. Хейтердэрбэр наадыйбаппын, кинилэргэ үчүгэйи эрэ баҕарабын.
— Суруйтарааччыларыҥ саастарын төһө көрөҕүнүй? Рекламанан төһө дьарыктанаҕыный?
— Мин аккауммар суруйтарар дьон саастарын көрбөппүн, мин санаабар киһи сааһа туох да улахан оруолу оонньообот. Рекламанан наһаа дьарыктана сатаабаппын.
— Билигин хас киһи эн страницаҕар суруйтарданый?
— Билигин 7590 подписчиктаахпын, өссө да элбии туруохтара диэн эрэнэбин.
Иккис кэпсэтэр киһим – Туяра Корнилова (Tuyara_Kornilova) диэн биллэр блогер кыыс.
— Инстаграмҥа аккаунуҥ хаһыс сылын үлэлиирий, страницаҥ хайдах биллэр буолбутай?
— Аккауммун 2016 сылга аспытым, бастаан мээнэ хаартыскалары эрэ угар этим, онтон кылгас видеону устар буолбутум. Саҥа саҕалыырбар дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр буолуом, элбэх подписчиктаныам дии санаабат этим. Мин страницабар ссылкалары дьон бэйэтэ тарҕатар буолбут этэ. Ким эмэ киирэн көрөн баран, сөбүлээтэҕинэ, табаарыстарын кытта үллэстиэн сөп буоллаҕа дии. Мин саҕалыырбар блогер игин диэн өйдөбүл олус тарҕамматах буолан, биллиилээх буоларга билиҥҥитээҕэр быдан чэпчэки этэ.
— Билигин эйигин уулуссаҕа игин дьон төһө билэрий? Хейтердэргэр хайдах сыһыаннаһаҕыный? Төһө элбэх киһини кытта билсэр буоллуҥ? Билиҥҥи туругунан хас подписчиктааххыный?
— Син билэллэр, кэлэн хаартыскаҕа игин түһэллэр. Хейтердэрбин улахаҥҥа уурбаппын, итинник дьон куруук баар этэ, баар да буолуоҕа. Быдан элбэх интэриэһинэй, айар куттаах дьону кытта билсэр буоллум, онтон наһаа үөрэбин. Билиҥҥи туругунан 33800 подписчиктаахпын.
Инстаграм туохха нааданый? Хас биирдии киһи бэйэтэ олоҕор туспа сыаллаах-соруктаах. Сорох бу ситими туһанан, киэҥник биллиэн-көстүөн баҕарар, ол иһин подписчигын элбэтэ сатыыр, онтон сорох бэйэтин хаартыскаларын, видеоларын угаары, дьону-сэргэни көрөөрү киирэр. Ол эрээри, үксүгэр дьон Инстаграмҥа доҕотторо-аймахтара хайдах олороллорун, тугунан тыыналларын билээри, кэрэ айылҕалаах сири-дойдуну көрөөрү, туох эмэ туһалаах сонуну булаары киирэр.
Лена Васильева. edersaas.ru