#100Друзей Сайсары аахсыйа — үтүө дьулуур тэрээһинэ

«Сахамедиа» АУо «Саха сирэ» хаһыатын сүрүн эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин бүгүн Үтүө дьулуур сылынан уонна #100ДрузейСайсары аахсыйа чэрчитинэн, Сайсары уокуругар ырааһырдыы субуотунньугун тэрийдэ.

edersaas.ru

Сайсары уокурук төрүт олохтооҕо, уопсастыбанньык Павел Ксенофонтов үтүө дьыала чэрчитинэн норуот хамсааһыннарын, бырайыактары тэрийэн ыытар. Биир оннук уопсастыбаннай үлэнэн #100ДрузейСайсары аахсыйа буолар.

Ол курдук, бу тэрээһиҥҥэ кыттар дьон араас хайысхалаах үлэни ыыталлар — кыамматтарга көмөлөһөллөр, кирдээх уунан туолбут улууссалар ууларын хачайдаан ыраастыыллар, ырааһырдыы субуотунньуктарын тэрийэллэр. Аахсыйаҕа бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн кытталлар.

Прокопий Бубякин уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ дьону бэйэтинэн көҕүлүүр, хас да өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бырайыактары ыытар уопуттаах уопсастыбанньык буолан, #100ДрузейСайсары аахсыйаны өйөөн, Үтүө дьулуур сылыгар кыттыһан, хас да сылы быһа сыппыт эргэ массыыналар хаарбах тимирдэрин ыраастыыр субуотунньугу тэрийдэ.

— Бүгүн киин куораппытыгар былыр былыргыттан саха дьоно түөлбэлээн олорор уокуругар өйөбүл оҥорон, уопсастыбаннай аахсыйа чэрчитинэн ыраастааһын үлэтигэр бэйэм кылааппын киллэрдим.

#100ДрузейСайсары  норуот аахсыйата салҕанар. Ким кыахтаах Сайсары уокуругар үтүө дьыаланы оҥорорго кыттыһаргытыгар ыҥырабын, — диэн санаатын тиэрдэр «Саха сирэ» хаһыат» сүрүн эрэдээктэрэ.

Бу курдук, хас биирдии киһи уопсастыбаннай аахсыйалары тэрийэн, олорор сирдэрин ырааһырдыыга үлэлэстэҕинэ, улахан хамсааһын тахсыа этэ. Үтүө дьулуур сылыгар «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн  өс хоһооно ордук дириҥ ис хоһоонноох уонна суолталаах.

 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

 

 

0
0

Добавить комментарий