Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев: «Саха сирэ сайдыы суолун саҥа аартыгар үктэнээри турар кэмигэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа дьону түмэ тардыахтаах. Саҥа таһымҥа тахсарга бастыҥ технологияны уонна өркөн өйдөөхтөрү туһаныахтаахпыт. Ол наадатыгар Саха сирэ аһаҕас буолуохтаах. Бачча улахан сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэ ойдом турара сатаммат. Владимир Путин эппит 12 национальнай бырайыагар кыттарбыт наада. Дьону хамсатан, киһи сайдыытыгар болҕомто ууруохтаахпыт. Бу үлэни ыытарга «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа сүрүн тэрийээччи буолуохтаах», — диэн иһитиннэрдэ бэҕэһээ «Биир ньыгыл Россия» баартыйа ыыппыт форумугар. Кини Ил Дархан э.т. Айсен Николаев туруоруллубут соругу толоруоҕа, уопуттаах салайааччылары үлэлэтэн, өрөспүүбүлүкэни сөптөөхтүк салайыаҕа диэн бэлиэтээн эттэ.
Онуоха Айсен Николаев: «Уруккулуу олорор кэммит ааста, билигин күүспүтүн түмэн иннибит хоту айаннаан олохпутугар уларытыыны киллэрэргэ дьулуһуохтаахпыт», — диэтэ. Кини Ил Дархан эбээһинэһин толорооччунан ананыаҕыттан Халыма улуустарыгар, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига сырытта. Бүгүн Мэҥэ Хаҥаласка үлэлиир. Хас биирдии сылдьыбыт улууһугар олохтоохтору кытары көрсүһэн кэпсэтэр. «Улуустарга сылдьан үгүс киһини кытары көрсөн кэпсэттим. Билигин биһиги сайдыы биир түһүмэҕэр үктэнэн эрэбит. Олох хаамыытын кытары тэҥҥэ хаамсан эбэтэр сайдыыттан хаалан иһэрбит бэйэбититтэн тутулуктаах. Биһиги сайдарбытыгар барыта баар.Талааннаах, идэлэрин толору баһылаабыт дьонноохпут-сэргэлээхпит, үлэ саҥа ньыматын күннэтэ туһанабыт. Билигин уон араас сиринэн эрдэ сылдьыбакка бары сомоҕолоһон, күүспүтүн-уохпутун түмэн иннибит хоту айаннаан иһиэхпитин наада», — диэн бэлиэтиир Айсен Сергеевич.
Ил Дархан эбээһинэһин толорооччу бэлиэтииринэн, билигин дьон дохуоттаах буоларыгар ураты болҕомтону уурар наада. Онуоха киһи хапытаалын, доруобуйа харыстабылын сайыннарыы, дьон үлэлээх буолуутун ситиһии, исписэлиистэри үөрэтэн-такайан таһаарыы улахан оруоллааҕын эттэ. «Эдэр исписэлиис уопута суох диэн үлэттэн туоратыллар кэмэ ааспыта. Хас биирдии киһи үлэтигэр бэйэтин көрдөрөр, айар-тутар талаана арыллар усулуобуйата тэриллиэхтээх», — диэн этэр кини.
Ону сэргэ үлэҕэ саҥа ньыманы киллэрии, цифровой экономиканы, ИТ технологияны сайыннарыы, тулалыыр эйгэни харыстааһын улахан суолталааҕын эттэ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорор, хотугу улуустарга уларыйыы киириэхтээҕин бэлиэтээтэ. Тырааныспар, суол-иис туһунан этэригэр, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста икки биэрэги ситимниир эрэ буолбатаҕын, бу бырайыак Арассыыйаҕа, Чуумпу акыйаан кытылыгар сытар дойдуларга улахан суолталааҕын эттэ.
Уонна түмүгэр былаас бары таһымыгар хас биирдии киһи санаата, этиитэ учуоттаныллыахтааҕын, онуоха былаас өттүттэн бэйэ-бэйэҕэ бырахсыы, дьон кыһалҕатыгар халы-мааргытык сыһыаннаһыы суох буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru