Суоттулар олбуордарын саҥардаллар

Бу күннэргэ кыстыкка бэлэмнэнэн, тыа сиригэр араас хайысхалаах үлэ үгэнэ саҕаланна.

edersaas.ru

Ким сир астыыр, ким оттуур. Дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннүүр дьон эмиэ үгүс.

Бу маннык эппиэттээх кэмҥэ Уус Алдан улууһун  Суотту  нэһилиэгин  баһылыга  Василий  Иванов  биир дойдулаахтарыгар, сайыҥҥы күнү баттаһа, олбуордарын өрөмүөннүүллэригэр анаан киин куораттан тимир илиистэри атыылаһан аҕалан БОСХО түҥэттэ.

—  Суоттуга 649 бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаах ыал дьиэ-уот туттан олорор. Сорох сылларга Өлүөнэ Эбэ халааннаан,  нэһилиэк аллараа өттө ууга баран, үгүс ыал уһаайбалара, күрүөлэрэ-хаһаалара сытыйан, Суотту тас көстүүтэ  биллэ мөлтөөтө.

Маннык балаһыанньаны учуоттаан, былырыын нэһилиэги тупсарыыга кыайбыт 4,5 мөл. солк. суумалаах граны  20-лии тыһ. солк. үллэрэн, 25 ыалга олбуор матырыйаалын атыылаһан аҕалан, дьиэлэрин таһыгар түһэрдибит. 

Бу матырыйаалынан дьоммут  бу күннэргэ тиэргэннэрин, уһаайбаларын олбуордарын саҥардыахтара, — диэн кэпсиир Суотту нэһилиэгин баһылыга Василий Иванов. 

Олохтоохтор матырыйаалларын ардахха сытыта сытыарбакка, тута олбуордарын саҥардан бардылар.

 Сотору кэминэн  Суотту нэһилиэгин дьиэлэрэ саҥа олбуорданан, нэһилиэк ис-тас көстүүтүн киэргэлинэн буолуохтара.

Дьонун-сэргэтин туһугар кыһаллар баһылык нэһилиэгин бэйэтин тус дьиэтин-уотун курдук көрөрө-истэрэ  хайҕаллаах суол. Маннык холобур үксүү турдар ханнык!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *