День: 14.08.2018

К труду и обороне готовы: В селе Тулагино открыли спортивную площадку

Готовиться к сдаче нормативов Всероссийского физкультурно-спортивного комплекса ГТО жители села Тулагино теперь смогут на качественном и современном оборудовании. Торжественное открытие площадки с…

Continue Reading

ОҔО ООННЬООБУТ ҮРЭҔЭ

Куорат хаба ортотунан үрэх ааһар. Дьикти үрэх. Аата да киһини толкуйдатар — «Оҕо оонньообут үрэҕэ». Үрэх куорат кытыытынан кыыс биилинии синньиир сирдээх. Манна оҕо аймах сөбүлээн оонньуур.  Биир сайын үрэх уута уолан, бу сири киһи саппыкынан тэпсэн туоруур буолбута. Дьэ, оҕолор, манна көрүлээбиттэрэ. Кыралар тобуктарыгар диэри ууга туран эрэ кумаҕынан оонньууллара, оттон арыый да улахаттар уу дириҥин кэмнээн үрэҕи уҥа-хаҥас сүүрэллэрэ. Били, хаһааҥҥыта эрэ далаһанан оттонон-мастанан нэһииччэ туоруур үрэхтэрин таах тэпсэн, кинилэр саҕа дьоллоох дьон суохтар.  Аймахтарбар күүлэйдии бара сылдьан ыалдьыт оҕонньортон бу үрэх туһунан бэрт интэриэһинэй кэпсээни истибитим. Чэйдээн бараммыт таһырдьа күүлэҕэ кэпсэтэ олорбуппут. Үксүн ыалдьыппыт кэпсээбитэ.  — Ити үрэҕи тоҕо «Оҕо оонньообут үрэҕэ» диэн ааттыыллара буолуой ээт? — диэн сэһэнньиппит кэпсээнин саҕалыан иннинэ биһигиттэн ыйыппыта.  Биһиги бэйэ-бэйэбитин көрсөн кэбиспиппит. Кырдьыгын эттэххэ, хайабыт да билбэт эбит.  — Билбэккит дуо? Дьэ оччотугар маннык, истиҥ, — диэт, сыҥааҕар сабырыйан түспүт муус маҥан бытыгын имэринэ-имэринэ, хараҕын симэн ыла-ыла уутугар-хаарыгар киирэн, бэл, тылын-өһүн чочуйа-чочуйа өрөөбүт уоһун өһүлэн, бу курдук кэпсээн барбыта.  — Былыр манна баай киһи олорбут. Кини уон кыыстааҕа. Ойоҕо оһоҕостонноҕун ахсын уол оҕону кэтэһэн түүннэри-күннэри таҥараҕа үҥэрэ эбитэ үһү. Араас ойууну, удаҕаны кыырдаран, көрүүлэтэн көрөрө да, туһа тахсыбат эбит. Баабыскаһыт эмээхсинтэн «дьэ, Сэмэн, эҕэрдэлиибин, кыыстанныҥ» диэнтэн атыны истибэт. Улахан үс кыыһа хайыы-үйэ эргэ тахсан туспа ыал буолан олороллоро. Киһи дьиктиргиэн иһин, хайаларыгар да уол оҕо төрөөбөтөх.  — Ноо, тугун баҕайытай, — таайым сөбүлээбэккэ баһын быһа илгистэр.  — Салгыы истиҥ. Биир түүн кинилэргэ бэрт дьикти ыалдьыт хонон-өрөөн ааспыт. Дьиэлээх киһи дойдутун дьонун да, тастан киирбиттэри да билэттиирэ эрээри, бу киһини хаһан да көрбөтөх, эгэ, аатын-суолун истиэ дуо? Суох. Онон аан бастаан ыалдьыта хантан кэлбитин, кимин-тугун сылыктыы таарыйа, тулатынааҕы алаас дьонун сураспыт. Ыраахтан иһэр киһи буоллаҕына, хайаларыгар эмэ таарыйан ааспыт буолуон сөп. Хоноһото ханна да сылдьыбатаҕын, арай ала-чуо кини балаҕаныгар тохтоон ааһар санааламмытын истэн өссө эбии дьиктиргээбит. Киэһээҥҥи аһылыкка диэри ити курдук биир-икки тылынан кэпсэтэ олорбуттар. Аһылыкка киһилэрэ тиллэн, онуоха эбии хаһаайын арыгынан күндүлээн, кэпсээнэ-ипсээнэ элбээн, дьэ көхсө кэҥээбит. Кэпсээниттэн иһиттэххэ, кини дойдутугар баран иһэрэ үһү. Хотуттан сылдьар дуу, хайдаҕа дуу, бу дойду дьонуттан атын тыллаах-өстөөх эбит. Бука, сулумах быһыылаах. Дьонун туһунан ончу тугу да быктарбатах.  Сотору иккиэн да биллэ холуочуйбуттар. Дьиэлээхтэр сыппыттарын кэннэ хаһаайын санаатыгар өр иитиэхтээбит кыһалҕатын кэпсээбит. Онуоха ыалдьыта судургу гынан баран, киһи сонньуйуох сүбэтин биэрбит. Биллэн турар, биһиги киһибит сүбэни ылымматах, өссө иһигэр күлүү гынар диэн өһүргэнэ санаабыт. Түүн үөһэ ороннорун булан утуйбуттар. Сытааттарын кытта ыалдьыт төбөтүн сыттыкка уураат утуйбут, мунна хаһыҥыраан барбыт, бука, сылайдаҕа да буолуо.  Сэмэн төһө да итэҕэйбэтэҕин иһин, ыалдьытын тыла санаатыттан түспэтэх. Өр саараҥныы сытан баран, таҥнан таһырдьа тахсыбыт. Тахсыбыта — таһырдьа ыйдаҥа эбит. Ыалдьыта бу сүбэ ыйдаҥалаах түүн оҥоһуллуохтааҕын саныы биэрбит да, үрэх диэки тэбинэ турбут. Тиийэн ньылбы сыгынньахтанан киирэн сөтүөлээбит. Балаҕан ыйын бүтүүтэ уу тымныыта сүрдээх буоллаҕа. Онон биирдэ-иккитэ умсубут. Холуочуйбута ааһан тииһэ ыпсыбат буолуор диэри бабыгыраччы тоҥмут. Ол да буоллар, сүбэни тиһэҕэр тиэрдэргэ соруммут. Сүбэһитэ эппитинэн, аны үрэх устун сүүрэн кэлиэхтээх уонна саамай үрэх синньиир сиринэн «уол оҕото бэлэхтээ» дии-дии төттөрү-таары хаамыахтаах эбит. Дьэ, киһибит күүһэ төһө тиийэринэн сыралаһан сүүрэ сатаабыт. Үрэҕи биэс тарбаҕын курдук билэр буолан, саамай синньиир сиригэр чуо тиийэн, ыстаанын тобугар диэри өрө тардынан баран «уол оҕото бэлэхтээ» дии-дии төттөрү-таары хаамыталаабыт. Бу кэмҥэ халлаан номнуо суһуктуйбут. Онуоха эбии атаҕын билбэт буолуор диэри тоҥон, күүһэ өһүллэн, былаат курдук салбыҥнаан барбыт. Балаҕаныгар нэһииччэ тиийбит. Кэлээт да таҥастыын-саптыын оронугар умса түһэн утуйбут.  Сарсыарда ойоҕо уһугуннарбытыгар турбут, сирэйин-хараҕын ньуххаммыт. Саҥарыах буолбута, саҥата иһиттэн тахсыбата эбитэ үһү. Тымныы ууга түүнү быһа сылдьыбыта, аанньа буолуо дуо, тымныйбыт. …

Continue Reading