Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи РЭС бэтэрээнэ Гаврил Егорович Иванов кэргэнин Валентина Семёновнаны кытта ыал буолбуттара 50 сылын бэлиэтиир дьоро киэһэлэрэ буолбута. Чугас аймахтара, доҕотторо уонна биир идэлээхтэрэ эҕэрдэ эгэлгэтин эппиттэрэ. Ол иннинэ ЗАГС-ка кыһыл көмүс сыбаайба буолбутун туоһулуур суругу үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара. Дьоллоох ыалга чэгиэн-чэбдик буолууну, уһун олоҕу, кэрэни, сырдыгы, үтүөнү баҕарбыттара.
edersaas.ru
Кыһыл көмүс урууну иккиэн бииргэ көрсөр диэн киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт дьылҕа күндү бэлэҕэ буолар. Ивановтар 50 сыл устата бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, өйдөһөн, көмө-тирэх буолан, тапталга, сылаас сыһыаҥҥа угуттанан дьоллоохтук олорбуттар.
Гаврил Егорович – биһиги ытыктабыллаах бэтэрээммит, 41 сыл устата электромонтердаабыт, РФ бочуоттаах энергетига, РФ Минтопэнерго үтүөлээх үлэһитэ, энергетика уонна энергетическай тутуу бэтэрээнэ. ССРС бочуоттаах дуонара. Аан бастаан кэргэнэ оҕолонон баран элбэх хааны сүтэрбитигэр дуонар буолбут, онтон ыла 20 сыл устата олус элбэх киһиэхэ хаан туттаран көмөлөспүт. Аат-суол туһугар буолбакка, ис сүрэҕиттэн. Гаврил Егорович бэйэтин дьоллоох киһибин дэнэр. «Тулаайах хаалан баран, киһи-хара буолбутум. Сөбүлүүр идэбинэн үлэлээн, дьон-сэргэ ытыктабылын, сыанабылын ылбытым, таптыыр кэргэммин көрсөн олоҕум тухары дьоллоохтук олордум», — диэн бэтэрээн санаатын үллэстэр.
Кэргэнэ Валентина Семёновна – алын кылаастар учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо. Кини кэргэнин эрэллээх көмөлөһөөччүтэ. . Кинилэр тапталлара, бэйэ-бэйэлэригэр эйэҕэс сыһыаннара оҕолоругар, сиэннэригэр үтүө холобур буолар. Ивановтар үс оҕолоохтор, сэттэ сиэннээхтэр уонна биир хос сиэннээхтэр. Уолаттар аҕаларын туйаҕын хатаран энергетик буолбуттар. Егор Гаврильевич Сунтаардааҕы РЭС Элгээйитээҕи учаастагын маастара, Пётр Гаврильевич – «Якутскэнерго» ПАУо Арҕааҥы электрическэй ситимин Айхаллааҕы РЭҺ-ын салайааччыта. Кыыстара Анна Гаврильевна – оҕо уһуйаанын иитээччитэ.
«Биһиги дьиэ кэргэн олоҕо энергетиканы кытта ыкса ситимнээх. Энергетиктар кыбартаалларыгар олорбуппут. Төрөппүттэрбит онно өссө да олороллор. Аҕабыт биһигини кыра эрдэхпититтэн үлэтигэр илдьэ сылдьыбыт буолан, уот хантан, хайдах кэлэрин билэр этибит. Төрөппүттэрбит олохпут суолун сөпкө ыйан-кэрдэн биэрбиттэригэр, үлэһит дьон оҥорбуттарыгар, төрөөбүт дойдуга истиҥ тапталы иҥэрбиттэригэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Күндү ийэлээх аҕабытыгар чэгиэн туругу, уһун үйэни баҕарабыт», — диир Пётр Гаврильевич. Ивановтар оҕолор, сиэннэр, хос сиэн тапталларынан угуттанан хас биирдии күнү үөрэ-көтө көрсөллөр, дьол диэн дьэ бу буоллаҕа.
«Якутскэнерго» ПАУо Арҕааҥы электрическэй ситимин пресс-сулууспата