Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, аламай маҥан күн сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайар кэмигэр Yөhээ Бүлүү улууhун Дүллүкү нэһилиэгэр үлэ, тыыл бэтэрээнэ, нэhилиэк бочуоттаах олохтооҕо ытыктабыллаах Елена Фёдоровна Евдокимова 100 сааһын бэлиэтиир дьоро күнэ үүннэ. Елена Фёдоровнаҕа үбүлүөйдээх үтүө-мааны күнүнэн оҕолоро, сиэннэрэ, күтүөттэрэ, кийииттэрэ уонна нэһилиэк олохтоохторо, улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэрин үлэhиттэрэ итии-истиҥ эҕэрдэлэрин тириэрдэ кэлбиттэр.
Улуус баhылыгын бастакы солбуйааччы Семен Михалев: «Елена Фёдоровна биир үйэ саас толору олорон, этэргэ дылы, муус түннүктээх балаҕантан саҕалаан олох сайдыытын, хаамыытын кэрэһитэ буолан, Арассыыйа, Саха сирэ, Дүллүкү нэһилиэгин ыарахан кэмнэрин, үөрүүтүн-көтүүтүн — барытын этигэр-хааныгар, дууһатыгар иҥэринэн этэҥҥэ олус сайдыылаах, үчүгэй кэмҥэ кэлэн олорор», — диэн этэн туран, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, СӨ Ил Дарханын эбээһинэһин толорор Айсен Николаев эҕэрдэлэрин тириэртэ уонна Саха сирин уһун үйэлээхтэригэр бэриллэр «Үйэ саас» диэн бэлиэни туттарда. Маннык ытык бэлиэ Үөһээ Бүлүү улууһугар төрдүс, оттон Саха сирин үрдүнэн 105-с №-инэн Елена Федоровнаҕа туттарылынна.
Ытык кырдьаҕас туhунан
Елена Федоровна 1918 сыллаахха Дүллүкүгэ Хаҥырыҥда алааска Федор Иннокентьевич Чуллургасов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Варвара Герасимовна Герасимова Бүлүү Тылгынытыттан төрүттээх, Венгрияттан кэлбит көс сыылынайдартан төрүттээх эбит. Елена Федоровна иннигэр икки оҕо төрөөн төннүбүт, онон кини — соҕотох оҕо. Ийэтэ кинини, оччотооҕу сиэринэн, хотон күкүрүгэр төрөппүт. Ол кэнниттэн Хаҥырыҥдаттан кыһыл оҕону тымтайга сүгэн, Далырга илдьэн сүрэхтэппиттэр. Аҕабыыт харыстаан «өлбөт-сүппэт Өлөөнө буоллун» диэн Елена диэн ааты биэрбит. «Ол да иhин, баҕар, уhун үйэлэммитим буолуо» диэн ытык кырдьаҕас кэпсиир. Кини аҕатынан Чуллурҕааhаба диэн араспаанньалаах. Ону оскуолаҕа киирбитигэр оҕолор «чуллур-чаллыр» диэн ыыстаан, эһэтин араспаанньатын ылан үйэлээх сааһыгар Евдокимова диэн араспаанньаламмыт.
1941 сыл сэрии иннигэр от ыйын 14 күнүгэр Үрэн нэhилиэгэр 1914 с. төрөөбүт Алексей Николаевич Прокопьев диэн эдэр киһилиин ыал буолбуттар. Оччолорго Көлүйэҕэ «Восток» диэн маҕаhыын баар эбит, Алексей онно атыыhытынан үлэлээбит. Кэргэнэ 1941 сыл балаҕан ыйыгар бастакы ыҥырыыга сэриигэ барбыт. Сэриигэ барааччылар Yөһээ Бүлүүттэн «Диктатор» борохуотунан айаннаан, Дүллүкүнэн Саҥа аппанан Дьокуускай диэки ааспыттар. Мантан оҕолорун, кэргэннэрин атаарааччылар биэрэккэ киирэн кэтэhэн турбуттар да, борохуот ырааҕынан хаhыытаан-ыhыытаан ааhа турбут. Алексей сэриилэhэр чааhыгар тиийэн баран «сотору сэриигэ ыыталлар» диэн суруйбут. Кини Харьков, Воронеж куораттары босхолооhуҥҥа сылдьыбыта: «Уоттаах сэриигэ иккитэ киирэн таҕыстым, бааhыран госпитальга эмтэнэ сытабын», — диэн суруга кэлбитэ. Онтон кэлин «үhүспүн сэриигэ ыыталлар» диэн суруйбута. Сотору олохтоох Сэбиэккэ сураҕа суох сүппүтүн туhунан биллэрии кэлбит. Өлөөнө кэргэнэ барарыгар ыарахан хаалбыт. Балаҕан ыйыгар холуоhанан сылдьан халтарыйан, кэмин иннинэ эрдэ оҕолонорго күhэллибитэ сатамматах. Кэргэнэ сэриигэ барарыгар Өлөөнөҕө алтан браслет бэлэхтээбит. Ол билигин даҕаны кини туhунан сырдык өйдөбүл туоhута буолан харыстабыллаахтык хараллан сытар эбит.
Ытык киhилиин атах тэпсэн олорон кэпсэтии
Бүтүн үйэ саастаах киhи төhө эрэ кырдьаҕас эбитэ буолла дии санаан тиийбитим, Елена Федоровна сынньана сытар хоhуттан бэрт чэпчэкитик туттан тахсан кириэhилэҕэ олорунан кэбистэ. Добун саастаах сэhэргэhээччим элбэх кэпсээннээх эбит, ким оҕото буоларбын билэн баран, дьонум, бииргэ төрөөбүттэрим тустарынан ыйыталаста. Кэлбит сыалбын-сорукпун эттим.
«Сэрии сылларыгар үлэ элбэх этэ. Далыр оскуолатыгар алтыс кылааhы бүтэрэммин, манна нолуогабайга үлэлээбитим. Ону тэҥэ сиппит-хоппут улахан киһи араас үлэҕэ сылдьыбытым. Арыылаахтан хааман кэлэн Ойбон Күөлгэ молотилкаҕа үлэлиир этибит, хаар типтэриитигэр, ноһуом тиэйиитигэр, сайын 7-8 чаас атынан от мустарыытыгар сылдьыбытым. Үчүгэйдик үлэлиир буоламмын, удаарынньык буоларым. Сэрии кэмигэр кыhамньылаах үлэм иһин 1947 сыллаахха Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмытым», — диэн Елена Федоровна кэпсэтиибитин саҕалаата.
— Елена Федоровна, оҕо сааскыттан кэпсиэҥ дуо?
— Ыал соҕотох оҕото этим. Соҕотох үөскээбит буолан ыаллыы сайылык оҕолоругар баран оонньуурум. Yксүгэр Никифоровтар диэн аҕыс оҕолоох ыалга барар этим. Улахан дьиэ кэргэн үлэтэ элбэх буоллаҕа. Мин оонньуу охсоору, онно бурдук тардыhар этим, үлэни бүтэрэн бараммыт оонньуу ыстанарбыт. Былыргы оҕо оонньуура диэн туох кэлиэй, отунан-маhынан оҥостон оонньуур этибит. Арыылаах алааска оонньуур этибит. Туос иhиккэ уу баhарбыт. Уу-хаар барыта туос иhиккэ турара. Үүтү сөрүүн сиргэ ууран холбуйан баран арыылыырбыт. Ордубут үүтүнэн суорат, быырпах астаан аhыырбыт. Үс хонноро-хонноро холбуйарбыт. Икки-үс иhит буолара, ону арыылыырбыт. Дьоммуттан хаалбыт саар ыаҕас, тымтай, кымыс иhэр чороон билигин да бааллар. Дьонум үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэр этэ. Күн аайы ынах хомуйсарбын өйдүүбүн.
— Оҕо тэрилтэтигэр уhуйааҥҥа үлэлии сылдьыбытын туhунан ахтан-санаан аастахха хайдах этэй?
— Детсаадка үлэлээн бөҕө буоллаҕа, ол саҕана ыарахан үлэ этэ. Хонуктаах детсаад буолара. Билиҥҥи курдук сарсыарда бараҕын, киэhэ дьиэҕэр кэлэҕин буолбатах. Бырааһынньыкка үлэ элбэх. Ол сэрии сылыгар эмп эҥин, туох да суох. Ол-бу гириип, бэтэрээҥкэ, быардара ыалдьыбыттар эҥин диэн, ону отой тарҕаппаттар. Сылга биирдэ эмэ, аҕыйахта дьиэлэригэр баран кэлэллэр. Оннооҕор бу чугас буола турар ыhыаҕы детсаад тиэргэниттэн көрөр кэммит баара. Уот диэн оччотооҕуга суох, билииккэ оһох баар буолара. Ону маһынан уматан ититэҕин. Хоско биирдии оһох баар буолар, онтуккар чаайгын, аскын сылытаҕын. Уот оттоҥҥун аhыыр, утуйар хосторун сылытаҕын. Оҕолору аһатаҕын-сиэтэҕин, утутаҕын, сууннараҕын, таҥастарын сууйаҕын… Биирдэрин ааспыт оҕолор дьааhылаҕа киирэллэр этэ. Саҥа хаама сатааччылар эмиэ бааллара. Сороҕор эмиэ да асчыттыыгын, эмиэ да санитаркалыыгын, эмиэ да дьиэ сууйаҕын — үлэ элбэх. Утуйарыҥ да кыра буолар. Тымныы баҕайыга саһаан тиэйэҕин, мас көтөҕөҕүн, тыраахтарга олороҕун. Онно бараргар сатыы бараҕын, сатыы кэлэҕин. Күн аайы килиэп оҥоруута, лэппиэскэ буһарыыта буолар. Итинник үлэлээн-хамсаан олорбуппут. Ол курдук 1975 сылга диэри үлэлээн баран, ыалдьан, эпэрээссийэлэнэн баран уурайбытым. Дьоммун, хаhаайыстыбабын көрөн олорбутум.
— Уhун үйэлээх буолуу туох кистэлэҥнээх дии саныыгын?
— Бу диэн чопчу туох кистэлэҥнээҕин билбэппин. Төрүт аhы-үөлү аhыыр, үрүҥ ас көмөлөөх буоллаҕа. Улаханнык кэлиигэ-барыыга, онно-манна ордук хос сырыыга сылдьыбат этим. Ол оннугар дьиэҕэ көмөлөhөн ону-маны гынарым. Оонньууга эҥин мээнэ сылдьыбаппын, оччотооҕуга танас-сап да аҕыйах буолара. Yчүгэй таҥастаах буоллаххына онно-манна ыраах бараҕын. Арыгыны отой испэтэҕим, табаҕы тардыбатаҕым. Ийэм 94, аҕам 95, эhэм 104 саастарыгар диэри олорбуттара.
— Yйэ саастаах киhи оҕолорун, сиэннэрин баhаам буоллаҕа.
— Кэлин ыал буолан алта оҕоломмутум. Кэргэмминээн Захар Борисович Борисовтыын 19 сыл бииргэ олорбуппут, ыалдьан эрдэ суох буолбута. Соҕотох киhиэхэ оҕолору иитии ыарахан буоллаҕа. Оҕолорум этэҥҥэ бары үөрэхтэнэн, ыал буолбуттара. Улахан уол Сүөдэр Захарович СГУ-га учуонай-зоотехник идэтигэр үөрэнэн үлэлээбитэ. Марк финансовай технукуму, Валентина Магаданнааҕы пединституту, Маруся Бүлүүтээҕи педучилищены, Роза Дьокуускайга педучилищены бүтэрэннэр, бары үтүө үлэhит дьон буолбуттара. Сиэннэрим, хос сиэннэрим, хос-хос сиэннэрим даҕаны элбэхтэр. Олор орто, үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр, анал идэ ылан, ыал буолан, бэйэлэрэ оҕолоохтор, сиэннээхтэр. Сиэннэрбэр үөрэнэллэригэр көмөлөhөбүн — биэнсийэбиттэн харчы бэрсээччибин. Бары өрөспүүбүлүкэ араас муннугар үлэлииллэр, этэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэбин. Оттон хос сиэннэрим оскуолаҕа үөрэнэллэр, уhуйааҥҥа сылдьаллар.
— Оҕолорго, ыччат дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Yөрэхтээх дьон буолан, үлэhит буолалларыгар баҕарабын. Куhаҕан дьаллыкка ылларымаҥ.
— Елена Федоровна, кэпсээниҥ иhин махтал! Чэгиэн туругу уонна этэҥҥэ сылдьаргар баҕарабын.
Елена Федоровна улахан кыыhын Валентина Захаровна иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэнин кытта олорор: «Ийэм аттыбар баар буолан баччааҥҥа диэри көмүскэллээх-харысхаллаах курдук сананабын. Доруобуйата оччоттон ама, балыыһаҕа киирэрин сөбүлээбэт. 90 сааhыгар дылы үлэбититтэн кэлэрбитигэр миини, торуойу, бурдук аhы буhаран тоhуйааччы. Ийэм киhи үйэтигэр биир олоххо олоруохтаах диир. Инньэ гымматаҕына табыллыбат эбит диир. 1918 сыллаахха төрөөбүт соҕотох оҕо бачча тэнийэн киһи-хара буолбута — ыччакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур. Кини чөл олоҕу тутуhан, дьоҥҥо-сэргэҕэ амарах сыhыанынан, кимиэхэ да куhаҕаны санаабакка, үтүөнү эрэ баҕаран олорбута уhун үйэлэммитигэр эмиэ суолталаах буоллаҕа дии саныыбын», — диир кыыhа — алын кылаас учуутала, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Валентина Захаровна.
«Yйэҕэ биирдэ буолар саамай үчүгэй дьылҕаны Yрдүк Айыылар Елена Фёдоровнаҕа бэлэхтээн бүгүҥҥү дьоро күн тэриллэр. Эн ыччатыҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, удьуордарыҥ эйигин ууһааннар уһун үйэлээх, бөҕө туруктаах, бигэ ыйаахтаах үтүө дьон буоллуннар. Бары үтүөнү эрэ тускулаатыннар, дьолу эрэ туһаайдыннар, кэскили эрэ кэрэһэлээтиннэр. Эhигини үрдүк мэҥэ халлааҥҥа олохтоох Yрүҥ Айыылар алгыы, арчылыы, көрө-истэ, көмүскүү, харыһыйа турдуннар», — диэн дьоро күн ыалдьыта, алгысчыт Семенова В.В. алгыстаах тылларынан ытык-мааны Елена Федоровна туhунан суруйуубун түмүктүүбүн.
Уруйдаана Афанасьева,
Yөhээ Бүлүү Дүллүкүтүн оскуолатын
сэттис кылааһын үөрэнээччитэ.
«Эрчим» корпост.
edersaas.ru