Сааскылаах оскуолата оҕуруот аһын үүннэрэн атыылыыр

Сааскылаах оскуолата оҕуруот аһын үүннэрэн атыылыыр

Сааскылаах орто оскуолата оҕуруот аһын үүннэриигэ ылсыбыт. Кылгас сайыннаах хоту дойдуга былырыын 40 киилэ оҕурсуну атыылаабыттар. Быйыл сайын бу үлэни эбии сайыннаран, оскуола теплицатыгар оҕурсу, укуруоп уонна моркуоп олордубуттар. Үлэ уонна технология учуутала Акакиева С.И. иилээн-саҕалаан, көрөр-истэр.


— Быйыл саас 70 оҕурсу, укуруоп, моркуоп, луук арассаадатын биология учуутала К.П. Симакова оскуола иһигэр олордубута. Онтон саас халлаан сылыйбытын кэннэ теплицаҕа таһааран олордубуппут. Бэс ыйыттан саҕалаан атырдьах ыйыгар диэри 50 киилэ оҕурсуну атыылаан, 16 000 солк барыыһырдыбыт. От ыйыгар халлаан муҥутуур итийэ сылдьыбыт кэмнэригэр элбэх үүнүүнү ылбыппыт, — диэн кэпсиир үлэни тэрийээччи С.И. Акакиева.

Оҕурсуларын үс күн буола-буола хомуйаллар. Сыыс отун үргүүллэр. Нэдиэлэҕэ биирдэ ынах киитинэн оҥоһуллубут уоҕурдуунан сирин, силистэрин аһаталлар. Быһа холоон биир күн 9 киилэ оҕурсуну ылаллар, ол эбэтэр 40 устуука буолар.

Оҕурсуларын суортара «Стелла» уонна «Зозуля». Маны кытта сэттэ дьааһыкка укуруоп олордоллор. Итиэннэ моркуоп.

Нэһилиэк маҕаһыыннарыгар атыыланар оҕуруот астарын сыаналарыттан чэпчэкигэ атыылыыр буолан, үүнээйилэрэ хамаҕатык атыыга барар.

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *