Саһыл Сыһыыга үрүҥ генерал Пепеляев уонна кыһыл хамандыыр Строд сиэннэрэ кэлэ сырыттылар

Саһыл Сыһыыга үрүҥ генерал Пепеляев уонна кыһыл хамандыыр Строд сиэннэрэ кэлэ сырыттылар

Атырдьах ыйын 30 күнэ гражданскай сэрии устуоруйатыгар ураты күн буолла. Ол курдук 95 сыл анараа өртүгэр эһэлэрэ 18 күн устата утарыта туран кырыктаах кыргыыһыыга киирсибит сирдэригэр кинилэр сыдьааннара, ол эбэтэр Строд сиэнэ Эмиэрикэттэн кэлбит Ольга Русина-Строд, Москубаттан хос сиэнэ Ян Строд уонна Пепеляев сиэнэ Узбекистан Ташкент куоратыттан Виктор Пепеляев уолунаан Игорьдыын кэлэннэр эйэлэһии дуоскатын ииллилэр.


Кэриэстиир дуоска кыһыл гвардеецтар саппаас этэрээттэрэ олорон, үрүҥнэри кытта сэриилэспит соҕотоҕун ордон хаалбыт историческай дьиэтигэр ууруллунна.

«Мин эһэм сылдьыбыт сиригэр, кини хаампыт суолугар кэлбиппиттэн олус диэн долгуйдум. Сыалым-соругум диэн ол этэ. Кинилиин хайдах эрэ бииргэ буолбут курдукпун. Сашка Пулеметчик көмүллүбүт уҥуоҕар сырыттым. Строд сиэнэ Ольгалыын, хос сиэнинээн Янныын көрсөн олус истиҥник кэпсэттибит. Буолбут сылаас көрсүһүүлэртэн наһаа астынныбыт«, — диэн этэр Виктор Лаврович Пепеляев.

Строд сиэнэ Ольга Новомировна наһаа долгуйан, ытамньыйан ылла, эһэтэ 1932 сыллаахха кэлэ сылдьан суруйан хаалларбыт истиэнэтин таһыгар соҕотоҕун олорон ылла. «Мин бу аан бастакы сырыым. Наһаа долгуйабын. Ян манна иккис сырыыта. Кыра сылдьан кэлэ сылдьыбыта«, — диэн этэр кини.

Бу курдук эйэлэһии, урукку өстөһүүнү умнар үтүө тэрээһин кыттыылаахтара 95 сыл анараа өртүгэр элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыы буолбут алааһын көрдүлэр. Анал тэрилинэн ыйдаран музей үлэһиттэрэ хас да буулдьаны, бэл диэтэр граната бытархайдарын буллулар. Ону гражданскай сэрии кыттыылаахтарын сиэннэригэр өйдөбүнньүк быһыытынан туттардылар.

Саһыл Сыһыыга кэлиэхтэрин иннинэ ыалдьыттарбыт Покровка нэһилиэгэр сылдьан чосуобунньа аһыллыытыгар кыттыыны ыллылар. Алгыстаах Амма сиригэр сылдьыы «Долгий путь к покаянию: уроки гражданской войны в Якутии» диэн конференциянан түмүктэннэ. Амма улууһугар гражданскай сэрии кэмигэр саамай быһаарар оруоллаах киирсиилэр буолбуттара. Онон быйыл Саһыл Сыһыы кыргыһыытын 95 сылыгар бу маннык умнуллубат ураты көрсүһүүлэр буолбуттара чахчы да хатыламмат түгэн.

Сиһилии “Амма олоҕо” хаһыаттан ааҕан билсээриҥ.

Ааптар: Наталья БУБЯКИНА.

Добавить комментарий