«Тамма» кэпэрэтиип үлэтэ таһаарыылаах

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгэр 2009 с. түөрт уон үс ыал паайынан кыттыһан, «Тамма» кэпэрэтииби тэриммиттэрэ. Кэпэрэтиип бас билиитигэр бэкээринэ, пилорама, икки сайылык уонна арыы сыаҕа баар буоланнар, үлэ-хамнас хас да көрүҥүн тэрийэн олорор.

edersaas.ru

Биэкэр Акулина Зыкова көмөлөһөөччүтэ Мария Романовалыын нэһилиэнньэни сибиэһэй килиэбинэн хааччыйаллар. Пилорамщик Николай Куприянов сакааһынан мас эрбэтиитигэр өҥө оҥорор. Кэпэрэтиип бэйэтэ сүөһүтэ-сылгыта суох, онон сайылыктарыгар кэпэрэтип баайсыктара, биирдиилээн ыаллар, уонна дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалар сайылыыллар.

Бөһүөлэктэн икки биэрэстэлээх Алааска Матрена Дьячковская, Аграфена Дьячковская, Валерий Тарасов, Анна Готовцева, Иван Дьячковскай 50 ынаҕы ыыллар, 40-тан тахса ньирэйи көрөллөр-истэллэр. Бары сүөһү үлэтигэр уһуннук миккиллибит, уопуттаах сүөсүһүттэр. Холобур, Матрена Егоровна сүөһүгэ үлэлээбитэ 40 сыл буолбут. Сайылыкка бэс ыйын 3 күнүгэр тахсыбыттар, күн-дьыл этэҥҥэ турдаҕына, алтынньы бүтүүтэ кыстыкка көһөр санаалаахтар. Билигин күҥҥэ сэнтиниэртэн тахса үүтү ыыллар, саамай үүттээх ынахтара 20 киилэ үүтү ыатар эбит.

Ат Күөлэ сайылыкка Светлана Филиппова, Марфа Николаева уонна Еремей Никитин сүүрбэттэн тахса ынаҕы ыыллар. Күҥҥэ 80-90 киилэ үүтү туттараллар. Кэпэрэтииби 2014 сылтан салайар Егор Дьячковскай кэпсииринэн, сорох бааһынай хаһаайыстыбалар ыанньыксыт ыабыт үүтүн 40 %ын бэйэтэ ыларыгар кэпсэтэн ыатар эбиттэр. Пелагея уонна Еремей Никитиннэр сэттэ ыанар ынахтаахтар, ыччат сүөһүнү кытары 14 сүөһүнү кыстатар былааннаахтар.

Сааһырдыбыт, сүөһүбүтүн сыыйа аҕыйатарбыт дуу диибит, ‒ диир Пелагея Филипповна. ‒ Былырыын аҕыс ыанньыктаах этибит, бары төрөөбүттэрэ. Суол оҥоһуллан, сайылыкка үлэлиир-хамысыр усулуобуйа баар. Эһиил, баҕар, дьонтон ынах эбии ылан ыахпыт дуу диибит. Манна 1980 сылтан саҕалаан, сайын ахсын кэлэбит. Балаҕан ыйын бүтүүтүгэр төттөрү көһүөхпүт.

Арыы сыаҕа — нэһилиэк биир тутаах тэрилтэтэ. Маастар-технолог Дария Романова салалтатынан манна быйыл сайын сүрүннээн устудьуоннар үлэлии сылдьаллар: Алексей Николаев үүтү таһар массыынаҕа суоппардыыр, Туйаара Анисимова лабараанныыр, Сааскылаана Анисимова оробуочайдыыр, Виктор Анисимов хачыгаардыыр.

Үлэбит сарсыарда 7 чаастан саҕаланар, ‒ диэн кэпсиир Дария, ‒ Уубутун ОДьКХ салаатын массыыната баһар, мууһу харчыга кэпсэтэн, дьоҥҥо ылларабыт. Сыахха 42 ыал үүтүн туттарар, күҥҥэ 1 туонна 800 киилэ буолар. Күн аайы 100-тэн тахса киилэ сүөгэйи оҥорон, киилэтин 350-нуу солкуобайга батарабыт. Ону таһынан, күн өрүү-өрүү, арыылыыбыт. Сүүрбэлии эбэтэр уоннуу киилэлээх дьааһыктарга оҥоробут уонна дьоҕус гына суулаан, киилэтин 400-түү солкуобайга атыылыыбыт, хамаҕатык ылаллар.

Сыахха булууһу сэргэ, 2013 с. аҕалыллыбыт, 40 кубометрдаах рефрижератордаахтар. Онон, ханнык баҕарар өҥүрүк куйааска бородууксуйаларын холкутук харайаллар. Эриллибит «күөх» үүтү массыына бөһүөлэк ыалларыгар уонна сайылыктарга таһар. Тамма үрэх аатынан ааттаммыт кэпэрэтиип үлэтэ-хамнаһа ити курдук салаллан иһэр.

Майаттан Аркадий Инокентьев, 

«Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *