Соторутааҕыта батсаапка Хаҥалас улууһун олохтооҕо Михаил Терентьев айбыт бугул таһар атырдьахтаах көлүөһэни толкуйдаан оҥорбутун отчуттар туһана сылдьаллара тахсыбыта.
edersaas.ru
Михаил Терентьев 20 мм икки тимир уу турбаларын 25 мм-дээх 3 м курдук “угольникка” холбоон иһэрдэн, бугул таһар атырдьаҕы хайдах оҥорбутун бу курдук кэпсиир:
— Бастаан уһун турбаны сыалайдыы өҕүлүннэрэҕин. Икки кыра турбаны ортотугар киллэрэҕин, “угольниктан” көлүөһэ диэки турбалар анныларынан курдаһыннары аҕалан көлүөһэҕэ сыбааркалыыгын.
Турба “угольникка” кыбыллар сирдэрин 20 мм курдук быһан баран, 4 турбаҕын киллэрэҕин. Үрдүнэн 15-тээх тоһоҕону куурдаһыннары куустара иһэрдэҕин. Икки өттүгэр көлүөһэ олордоҕун.
Халыҥ кытай бэлэсипиэтин көлүөһэтин туһанар ордук. Чэпчэки буолар. Окко киирэр биилкэ төбөлөрүн иҥнэри быһаҕын. Турба иһигэр мас угаҕын уонна “эпоксиднай” сымала килиэйинэн килиэйдиигин. Бу маннык бугул таһар тэрилинэн биир күн 300 бугулу аҕалан от кэбиһиэххэ сөп.
Интэриэһиргээбит дьон ааптар оҥорбут уруһуйунан сирдэтиэххитин сөп.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru