Ил Дархаҥҥа хандьыдаат Айсен Николаев кэргэнин Людмила Николаеваны кытта Дьокуускай куорат 202-с микро-оройуонугар баар 779-с №-дээх быыбардыыр учаастакка куоластаатылар.
«Бүгүн Саха сиригэр быһаарыылаах күн, суолталаах тэрээһин буола турар. Маннык таһымнаах быыбар ыытыллыбатаҕа ыраатта«, — диир Айсен Сергеевич.
«Киһи быыбарга кыттыахтаах. Кими эмит утарар даҕаны буоллаҕына, быыбарга кэлэн бэйэтин хандьыдаатын талыахтаах«, — диэн санаатын эттэ. Маны таһынан, быыбардааччы ахсаана биллэ үрдээбитин бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев быыбар түмүгүн үлэтигэр кэтэһиэҕэ, сарсыҥҥы Владивостокка командировкатыгар бэлэмнэниэҕэ. edersaas.ru
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
0
0