Улахан быыбар түмүгэ (Боротокуоллар)

Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Саха сирин аныгы историятыгар саамай улахан быыбар буолан ааста. Ол курдук, Ил Дарханы, Ил Түмэн дьокутааттарын, Дьокуускай куорат, улуус, нэһилиэк баһылыктарын, улуус мунньаҕын дьокутааттарын таллыбыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 634 тыһ. 269 быыбардааччы баарыттан балаҕан ыйын 9 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга 50,71 %-а куоластаата. Ордук көхтөөхтөр: Өлөөн 90,34 %Амма 80,04 %, Анаабыр 72 %. Нэстэрин көрдөрдүлэр: Ленскэй 35,03 %, Мирнэй 37,23 %.Алдан 40,24 %.

Киин быыбардыыр хамыыһыйа боротокуоллары киэҥ араҥаҕа таһаарар. 

Ил Дархан быыбарын боротокуолун манна көр. 

Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарын боротокуолун манна көр.

0
0

Добавить комментарий