«Газпром» 1200 киһини үлэҕэ ылыаҕа

«Газпром трансгаз Томск» ХЭУо «Сибиир күүһэ» гаас ситимин тардыыга 1200 киһини үлэҕэ ылар былааннааҕын «Интерфакс» биллэрдэ.


«Сибиир күүһэ» бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр уонна Амурскай уобаласка биэс производственнай управление тэрилиннэ. Гаас ситимэ 2019 сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киирэрин саҕана, 35 идэҕэ үлэһиттэри ылыахтара.

Кыра нэһилиэнньэлээх оройуоннарга үлэ миэстэтэ аҕыйаҕынан сибээстээн, үлэһиттэри онтон ыла сатыыллар.  Атырдьах ыйыттан саҕалаан, тэрилтэ Свободнайга, Сковородиноҕа, Нерюнгрига, Ленскэйгэ уонна Өлүөхүмэҕэ үлэ дьаарбаҥкаларын ыыппыта. Дьаарбаҥка түмүгүнэн 383 үлэһити таллылар.

2018 сылга «Газпром» «Сибиир күүһэ» бырайыакка 2018 млрд солкуобай кэриҥэ харчыны угар былааннаах. Аан маҥнайгыттан ситим тардылларын 800 млрд солкуобайга сыаналаабыттара. Билигин ситим 1,1 трлн солк. сыаналанар.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *