Судаарыстыбаннас күнүн көрсө, балаҕан 26 күнүгэр “Тhe Askot” английскай пабка Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, бэйиэт уонна публицист Гаврил Андросов “Тупсуу олоҥхото (бар дьон амнистията)” диэн ааҕар-кэпсиир киэһэтин ыытта.
Бырайыак ааптара саха өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи интеллигенцията Күлүмнүүр салалтатынан Англия джентельменнэрин кулууптарыгар майгынныыр эйгэлэри тэрийэн, норуоттарын кэскилин, саҥа үөскээн эрэр саха искусствотын, култууратын уонна наукатын туһунан санаа атастаһалларын санатан туран, тоҕо маннык киэби талбытын кэпсээтэ. “Тhe Askot” английскай паб салайааччыта Максим Васильев: “Гаврил Андросов “Тупсуу олоҥхото” айар киэһэтиттэн маннык хабааннаах бырайыактары саҕалаатыбыт”, – диэн иһитиннэрдэ.
Бастакы түһүмэххэ бэйиэт өссө тахса илик хоһооннорун хомуурунньугар киирбит үрүҥнэр бырабыыталыстыбаларын бэрэссэдээтэлэ Г.С. Ефимов, ол бырабыыталыстыба чилиэнэ К.В. Ксенофонтов, үрүҥ хамсааһын биллэр хамандыырдара М.К. Артемьев уонна П.И. Оросин-Хайыкы туһунан айымньыларын билиһиннэрдэ.
Иккис түһүмэҕинэн суруйааччы доҕотторо – СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев уонна Саха араадьыйатын диктора Гаврил Неустроев үрүҥ хамсааһыҥҥа кыттыбыт уонна сыһыаннаах саха аатырбыт да, умнуллубут да суруйааччыларын хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Ол кэннэ Гаврил бэйэтэ саха литературатыгар үрүҥ эйгэ баарын уонна сорох үрүҥ бэйиэттэр тустарынан сэһэргээтэ.
Үһүс түһүмэххэ бэйиэт аныгы кэм уорҕатыттан ааспыт кэми анаарар хоһооннорунан ааҕар-кэпсиир киэһэтин түмүктээтэ. “Тупсуу олоҥхото (бар дьон амнистията)” ааҕар-кэпсиир киэһэтигэр кэргэннии культуролог Лена уонна публицист Олег Сидоровтар, үрүҥ хамсааһын историятын биэс тарбаҕын курдук билэр кыраайы үөрэтээччи Илья Колосов, СӨ үтүөлээх геолога Николай Кириллин, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ Иван Яковлев, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Андросова, култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Николай Макаров, Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Изабелла Сивцева, Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччы Мария Андреева, литературовед Татьяна Васильева, адвокат Мария Гаврильева, Аграрнай баартыйа Саха сиринээҕи салаатын исполкомун салайааччы Прокопий Старостин, устудьуоннар уонна бары саха поэзиятын, историятын таптааччылар ыалдьыттаатылар.
“Аһаҕас микрофон” бэриллибитинэн, ыалдьыттар санааларын үллэһиннилэр.
СӨ Духуобунаска академиятын вице-президенэ, “Илин” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Олег Сидоров:
– Олус интэриэһинэй уонна кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолла, инникитин даҕаны салҕаныа диэн эрэниэххэ наада. Гаврил бэйэтин поэт быһыытынан туспа хайысхатын көрдөрдө диэххэ наада, айымньылара, мин санаабар, дириҥ хорутуулаахтар уонна киһини кэрэхсэтэллэр, долгутар даҕаны тиэмэлэри таарыйаллар. Итиэннэ, Алампа, Алтан Сарын үгэстэрэ күүстээҕин көрдөрөллөр. Ол курдук үөрэппит, чинчийбит, хомуйбут 20-с сыллардааҕы саха литературатыгар үрүҥ хайысхатыгар тирэҕирэн, ол дьон санаатын бу билиҥҥи ыччакка, билиҥҥи ааҕааччыга, саха дьонугар тириэрдэрэ олус кэрэхсэбиллээх, кэскиллээх. Биһиги историябытын билиэхтээхпит, историябытын үөрэтиини сайыннарыахтаахпыт. Гаврил, литератор, поэт уонна публицист быһыытынан, мин санаабар, олус кэскиллээх дьыаланы саҕалаата. Кини үрүҥ хамсааһыны үөрэтиинэн дьарыктаммыта ырааппытын бары билэбит, билигин ону чөкөтөн таһаарбыта өссө даҕаны кэскиллэннин, сайыннын!
Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы, п.н.к. Изабелла Сивцева:
– Гаврил үрүҥнэр поэзияларын көрдүөхтээхпит диэн ити олох саҥа, сонун идиэйэни биэрдэ, ол аата биһиги бу дьоммутун барытын итинник атын өттүттэн таһаартыыр кыахтаах эбиппит. Холобур, “бандьыыттары бүгүн дьоруой оҥороору гынныгыт” диэччи, урукку өйдөбүлтэн өндөйбөтөх дьон бааллар. Биһиги онно эппиэттиир кыахпыт суох этэ. Онно хоруй биэрэрбитигэр бүгүҥҥү киэһэ идиэйэни укта. Ити хоһооннортон, бары даҕаны айылҕалаах дьон, олох долгунугар оҕустаран, онно-манна үтүөх-батаах быраҕыллан сүтэн, симэлийэн хаалбыт аймалҕаннарын, дууһаларын, санааларын ыарыытын этэн хаалларбыттарын истэргэ олус ыарахан. Кинилэр: “Мин саха омук уола этим!” диэн күүстээх санаалаах уонна төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолан, бу суолу тутуһан бардахпытына сайдыахпыт этэ диэн, ол ыраларын дьулуура баһыйан итинник дьылҕаланан хаалаахтаатахтара…
“Тупсуу олоҥхото (бар дьон амнистията)” диэн ааҕар-кэпсиир киэһэ ааптара бэйиэт уонна публицист Гаврил Андросов бу бырайыак олоххо киириитигэр көмөлөспүт доҕотторугар – бизнесмен Максим Васильевка, бэйиэт Рустам Каженкиҥҥа, дизайнер Станислав Афанасьевка, музыкант Анна Томскаяҕа махталын тиэрдэр.
Бу киэһэ кэнниттэн, үгүстэр билбэккэ хааланнар уонна кыараҕас соҕус буолан, билиэт аҕыйаҕынан, сылдьыбатах дьон Гаврилтан өссө тэрийэригэр, хатылыырыгар көрдөһөллөр, улуустарга ыҥыраллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru