Якутия Сегодня

Петр Черкашин: “Үтүө үтүөнэн эргийэригэр итэҕэйэбин”

“Үтүө санаа долбуура” диэн аахсыйа баарын үгүскүт истибит буолуохтааххыт. Маҕаһыыннарга, атыы-эргиэн кииннэригэр туспа долбуурга бородуукта, хаһаайыстыбаҕа туттар мал-сал атыылаһан уураҕын, ону кыаммат, наадыйар дьон ылар диэн ис хоһоонноох хамсааһын буолар. Эрдэ Дьокуускайга баар буола сылдьыбыта, ол эрээри хамсааһыны дьон сэҥээрбэтэҕэ.

Оттон бу сыл саҕаланыыта Уус Алдан Тумулуттан төрүттээх эдэр урбаанньыт Петр Черкашин “Үтүө санаа долбуурун” тэрийбитэ. Кини кыаммат, элбэх оҕолоох ыалга, соҕотоҕун олорор кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ көмөлөһөр эбит.

Петр Черкашин

Спортан — биисинэскэ

Петр кэпсээнин бу курдук саҕалыыр:

— Мин 2011 сыллаахха ХИФУ физкултуура уонна спорт институтун бүтэрбитим, спордунан утумнаахтык дьарыктанарым. Университет кэнниттэн тута “Дохсун” спорт комплексыгар инструкторынан үлэлии киирбитим. Күн аайы биир сиргэ үлэлиир­тэн сайдыбат эбиппин диэн түмүккэ кэлбитим. Түөрт сыл үлэлээн бараммын, дьиэ кэргэммин кытта Хаҥалас улууһун Чапаев бөһүөлэгэр көһөргө быһаарыммыппыт. Онно «Якутянка» диэн маҕаһыыны арыйан үлэлэтэн саҕалаабытым иккис сылыгар барда. Чапаевка былырыын иккис маҕаһыыммытын арыйбыппыт, манна холбоон түөрт үлэһиттээхпит.

Ыччат саҕалааһыннарын өйүүр араас бырагыраамалар бааллар. Туһамматаҕыҥ дуо?

— Маҕаһыыннарбын тэрийэрбэр барытын бэйэм үппүнэн сабыммытым,  кирэ­дьиит харчы ылбытым. Кэлин бырайыак оҥорон көмүскүүр, граҥҥа киирсэр былааннардаахпын. Ол эрээри, ордук оҥорон таһаарыыны өйүүллэр быһыылаах. Араас бырагыраамалары көрөн, үөрэтэ сылдьабын.

“Үтүө санаа долбуура” бырайыак “Саха сирин аҕаларын лигаларын” (салайааччы Айхал Габышев) иһинэн үлэлиир.

“Үтүө санаа долбуура”

Оттон “Үтүө санаа долбуурун” туох санаат­тан тэрийбиккиний?

— Дьоҥҥо көмөлөһөр баҕаттан саҕалаабытым. Америка биллэр ааптардара Роберт Кийосаки, Наполеон Хилл киһи өйүн-санаатын уларытар кинигэлэрин аахпытым. Онно кинилэр биисинэстэн киирбит үптэрин уон бырыһыанын дьоҥҥо көмөҕө ыыталларын туһунан суруйбуттар этэ. Үтүө үтүөнэн төннөр диэн санаанан салайтараммын, “Үтүө санаа долбуурун” тэрийбитим. Маҕаһыыным атыылаһааччылара уонна бэйэм манна араас бородууктаны, туттар малы-салы уурар этибит, баҕалаах, наадыйар ыллын диэн. Онуоха саха дьонун олус сэмэйдэр дииллэрэ кырдьык эбит, биир да устуука босхо малы ким да ылбатаҕа. Биэрэ да сатаатахпытына, ылаач­чылара суох. Онтон ол табаары кыаммат, элбэх оҕолоох, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ таһар буолбутум. Устунан долбуурум маннык хамсааһыҥҥа кубулу­йан хаалбыта, ону үөрэммиччэ, уопсай аатынан, “Үтүө санаа долбуура” диибит. Наадыйар дьон олус үөрэр-көтөр, махтанар. Санаабар, дьоҥҥо көмөлөстөхпүнэ маҕаһыыным табаа­ра хамаҕатык атыыланарга дылы буолааччы. Билигин “Үтүө санаа долбуурдара” дойдубар Уус Алдан Тумулугар, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар, Нам Хатырыгар уонна Чапаевка бааллар.

Оччоҕуна “Үтүө санаа долбуура” тыа сирин олохтоохторугар быдан наадалаах эбит дии санаатыҥ дуо?

— Быйыл Чапаевтан куоракка көһөн кэллибит. Тыа сиригэр сылгылаах-сүөһүлээх ыал элбэх, онон улаханнык көмөҕө наадыйар киһи суох. Дьокуускайга араас кыһалҕалаах, усулуобуйалаах, ыарахан олохтоох дьон элбэх бөҕө буоллаҕа. Олорго көмөлөһөбүт.

Бу аахсыйаҕа ким баҕалаах кыттыһыан сөп дуо?

— “Үтүө санаа долбуура” бырайыак “Саха сирин аҕаларын лигаларын” (салайааччы Айхал Габышев) иһинэн үлэлиир. Кинилэр көмөлөһөллөр, ону таһынан, биирдиилээн дьон эмиэ куруук суруйар, көмөлөһүөн баҕалаах элбэҕэ үөрдэр. Оттон көмөҕө наадыйар дьон “Инстаграммар” суруйааччылар. Ардыгар наадыйар дьон бэйэтэ көрдөһөр эбэтэр билэр дьоно суруйааччылар. Кими даҕаны ордорбокко, кыаҕым тиийэринэн, көмөлөһө сатыыбын. Ол эрээри, киһи тугу даҕаны гыннын, син биир мөҕөөччү-этээччи баар. Олорго наадыйбаппын, эппиэттэспэппин. Мин ис сүрэхпиттэн бу дьыаланан дьарыктанабын. Кимиэхэ да бэрт буола сатаабаппын.

View this post on Instagram

А5ыс о5олоох иллээх-эйэлээх Макаровтар дьиэ кэргэттэригэр утуе кеме онордубутО5олор уеруу-кетуу бе5ете буоллулар,керерге олус учугэй #иссурэхтэн2018 #лигаотцовякутии #полкадобра Музыка @nikolaynovgor

A post shared by Петр Черкашин (@ppetrovichch) on Aug 31, 2018 at 3:58am PDT

Волонтер сыла

— Быйыл Арассыыйаҕа Үтүө санаа уонна Волонтер сылын биллэрбиттэрэ. Эн бэйэҕин волонтербун дэнэҕин дуо?

— Билбэтим ээ, ким дэнэрим буоллар (күлэр). Маҕаһыыным арылларын саҕана маннык хамсааһыны оҥоруом уонна тохтотуом дии санаабытым. Дьон наадыйарын көрөн тураммын хайдах бүтэн хаалыахпыный. Дьоҥҥо көмөлөһүөххэ наада. 

— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.

— Кэргэним саха тылын учуутала идэлээх, кырачаан кыыспытын бүөбэйдиир. Оттон уолбут иккис кылаас үөрэнээччитэ.

Туох былааннардааххыный?

— Аҕыйах сылынан Дьокуускайга уонна Уус Алдан Бороҕонугар маҕаһыын арыйыахпытын баҕарабыт. Дьиҥэ, былааным элбэх, көстөн иһиэҕэ.

Уус Алдан Тумулуттан төрүттээх ыччаттар “Сэһэн сиэннэрэ” диэн түмсүүлээхтэр. Уолаттар кыһалҕаны көрсүбүттэргэ көмөлөһөр, үлэҕэ наадыйааччыларга үлэ булар, биир дойдулаахтарыгар тирэх буолар сыалтан, доҕордуу сыһыан үйэлээх буоларын туһуттан ситимнэрин быспаттар. Бу түмсүүнү “Эдэр саас” ыалдьыта Петр Черкашин салайар.

Элбэх былааннаах, киэҥ көрүүлээх эдэр киһиэхэ ситиһиилэри баҕарабыт!

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

0
0