Таабырыннаах дьиэлэр

Орто туруу дойдуга кэлбит киһи алаһа дьиэтигэр үөрэ-көтө, уһуннук, дьоллоохтук олоруон баҕарара кэмнээх буолуо дуо.


Дьуоҕаҕа, урукку кылабыыһаҕа, аһаҕас сирдээх миэстэҕэ, былыргы айан суолугар, суол быһа охсуһуутугар дьиэни тутар сэрэх­тээх диэн этэллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Бу туһунан кэлин ордук айылҕаттан уратылаахтар элбэхтик суруйаллар, этэллэр, сүбэлииллэр.

Тас дойдуга дьиэни-уоту туттарга тугу эмэ тутуһаллара эбитэ дуу, суоҕа дуу… Арай, араас таабырыннаах дьиэлэр тустарынан суруйбуттара балачча баар. Баҕар, ол хайдах сиргэ-уокка тутуллубутуттан, хаһаайыттар хайдах олорбуттарыттан тутулуктааҕа эбитэ дуу…

 

Монте Кристо уһаайбата

Австралияҕа Джуни куоракка 1885 сыллаахха тутуллубут дьиэ. Уон тохсус үйэ бүтүүтүгэр бу дьиэҕэ сэттэ киһи өлбүт эбит. Ол дьон илэ сүүрбүттэр диэн сурах киэҥник тарҕанан дьону-сэргэни улаханнык куттаабыт.

Билигин бу “кутталлаах дьиэҕэ” мусуой уонна антикварнай маҕаһыын бааллар эбит.

 

МакПайк дьиэтэ

АХШ Иллинойс штатыгар Олтонҥа 1869 сыллаахха тутуллубут кыраһыабай дьиэҕэ билигин даҕаны урукку хаһаайынын Генри МакПайк күлүгүн көрөллөр үһү диэн суруйаллар.

Хаһаайын тоҕо көстөрө эбитэ буолла? Бу дьиэ туһунан, бэл, “Самые пугающие места на Земле” диэн документальнай киинэҕэ кытары уһулбуттар.

1994 сыллаахха аукциоҥҥа атыылаһан ылбыт Шарин уонна Джордж Людкелар, дөрүн-дөрүн урукку хаһаайыны уонна хамначчыттарын көрөллөрүн туһунан кэпсээбиттэр.

 

Лаванг Севу

Индонезияҕа баар дьикти кистэлэҥнээх дьиэнэн биллэр. Сибиэннэрэ илэ хаамарын ааһан, оннооҕор анаан уста кэллэхтэринэ сүгүннээбэт эбит.

Манна дьон Голландия ледитин уонна төбөтө суох вампирдары көрөллөрүн туһунан суруйбуттар. Оннооҕор анал биэрии оҥороору устубуттарыгар, камераларыгар вампир илэ көстүбүт.

 

Куоскалаах дьиэ

Стюарт дьиэтигэр наһаа улахан хап-хара куосканы көрбүттэрин, куолакал тыаһын истибиттэрин туһунан элбэх киһи айманан суруйбут. Бу дьиэ Ирландияҕа Дублинтан олус ырааҕа суох сиргэ турар эбит. Буолан баран, 1765 сыллаахха тутуллуоҕуттан итинник таайыллыбатах таабырыннааҕынан аатырбыт.

Көрбүт дьон суруйбуттарынан, кып-кыһыл харахтаах улахан да улахан хап-хара куоска хаамар эбит. Ону сэргэ, куолакал тыаһыыр, туох эрэ атын баара биллэр эбит.

Тоҕус уонус сылларга бу дьиэҕэ эрэс­тэрээн арыйан үлэлэтэ сылдьыбыттар эрээри, 2001 сыллаахха сабыллыбыт.

 

Эрэйдээбит казино

Бухареска баар казино абааһылааҕынан аатырбыт. Буолбакка, үлүгэрдээх иэдээннэр тахсыбыт дьиэлэригэр.

Өссө ааспыт үйэҕэ казиноҕа оонньуу кэлэр хас да киһи сүүй­тэрэн баран, бу дьиэҕэ тута бэйэ­лэрин бэйэлэрэ “дьаһаммыттар”. Ол кэнниттэн манна араас сибиэннэр биллэр-көстөр буолбуттар. Ааһа баран, миэбэли хамсаталлар, көрүдүөргэ дьону утары көрсөллөр эбит.

 

Муҥур уһук дьиэтэ

Мексикаҕа Гуанахуато диэн куоракка баар биир дьиэни итинник аатынан билэллэр эбит.

Дьиэ уон ахсыс үйэҕэ тутуллубут. Оттон уон тохсус үйэ бүтүүтүгэр, сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар, бу дьиэҕэ дьону өлөрбүттэр. Ол кэнниттэн манна дьон хаһыыта-ыһыыта, часкыыра иһиллэр, күлүктэр көстөр буолбуттар. Суруйбуттарынан, быһылаан иннигэр өлөрүөхсүт быданнааҕыта өлбүт ойоҕун кытары кэпсэтэр буолан хаалбыт. Оттон маннык кутталлаах дьиэҕэ ким сылдьыай, ким олоруой?

 

Сүбэлэр

Дьиэни-уоту туттуу сиэрдээх-туомнаах, ону билэр-көрөр олус наада диэн былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар улаханнык тутуһан, сүбэлээн, үөрэ­тэн-такайан кэллэхтэрэ.

Дьиэни тутарга

Дьиэни-уоту ыллыҥ да мээнэ туппутунан барар табыллыбат дииллэр. Бу сир хайдаҕын, дьиэни ханан тутуохха сөбүн бэрэбиэркэлииллэр, билэр-көрөр дьонтон ыйыталаһаллар. Үрдүк дьылга дьиэ тутуутун саҕалаабаттар. Ол дьыл саҥа дьиэҕэ да киирбэттэр. Сорохтор дьиэни туттарга күнүн, ыйын, оннооҕор толору ый буоларын кэтэһэр, тутуһар үгэстээхтэр эбит. Бэл, нэдиэлэ ханнык күнүттэн саҕалыыры кытары болҕомтоҕо ылалларын туһунан интэриниэккэ эмиэ суруйаллар. Холобур, сорохтор тутууну оптуорунньукка, бээтинсэҕэ, чэппиэргэ эбэтэр субуотаҕа саҕалыыр ордук дииллэр эбит. Өссө саас, күһүн акылаатын түһэрэри ордук диэччилэр эмиэ суох буолбатахтар. Аны туран, субу ыйыллыбыт күннэргэ саҕаламмыт дьиэ өр кэмҥэ адьас туох да буолбат, эмэҕирбэт, тэллэйдэммэт диэн бэлиэтээбиттэр. Ол хайдаҕын, кырдьыга, билбит суох.

 

Дьиэҕитигэр-уоккутугар сылаас-сымнаҕас сыһыаны олохтооҥ. Өбүгэ сиэрин-туомун тутуһуҥ. Оччоҕо иэримэ дьиэҕит эһиэхэ сылааһынан илгийиэ. 

 

Интэриниэт матырыйаалларыттан бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана НИКОЛАЕВА

Хаартыскалар: интэриниэттэн

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *