Бу күннэргэ Бүлүү улууһугар олорор норуот маастара, саха биллэр ууһа Николай Степановка Нижнэй Тагилтан табаарыһа, муус оҥоһуктар Аан дойдутааҕы бэстибээллэрин биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ Эдуард Пономаренко ыалдьыттыы кэллэ.
edersaas.ru
Арассыыйа аатырбыт ууһа Саха сиригэр аан бастакы кэлиитэ.
Норуот маастара Николай Степанов доҕорун кытта хайдах билсибитин маннык кэпсиир:
— Эдуарды кытта 2014 с. Аляскаҕа Фербенкс куоракка Муус оҥоһук чөмпүйэнээтигэр билсибиппит. Онно икки көрүҥүнэн күрэх буолта. Тус-туһунан үлэлээбиппит. Ити сыл иккиэн ол тэрээһиҥҥэ бастакы кыһыл көмүс мэтээли кэппиппит. Билигин Эдик сыл аайы онно тиийэн, номнуо 5-с төгүлүн чөмпүйүөннээтэ. Уопсайынан, доҕорум мууска, маска, бетоҥҥа үлэлиир буолан, Арассыыйаҕа уонна тас дойдулар күрэстэригэр үгүстүк кыттар. Табаарыспынаан өрүү билсэ олоробут. Кини соторутааҕыта: «Иркутскайга мас оҥоһук күрэҕэр кытта кэлэбин», — диэбитигэр, мин таарыйа Саха сиригэр ыалдьыттата ыҥырбытым.
Дьокуускайга тиийэн портка анаан көрсүбүтүм, киин куорат бэлиэ сирдэрин көрдөрбүтүм уонна дойдубар Бүлүүгэ аҕалбытым.
Сыдыбылга былыргы бизон пааматынньыгын оҥорорго кэпсэппитим. «Бачча кэлбиччэ, бу үлэни иккиэн оҥоруох», — диэн этиибин үөрүүнэн ылыммыта. Уонна: «Хата күүлэйинэн эрэ муҥурдаммакка, үлэлиир буоллум». — диэн үөрбүтэ. Билигин бизоммутун бетонтан оҥоро сылдьабыт.
Эдуард Пономаренко, мин этиибин ылынан, В.О.Каратаев аатынан Олоҥхо Дьиэтин тиэргэнигэр уустарга анаммыт маастар-кылааһы биэрдэ. Кини 45 мүнүүтэ устата 1 миэтэрэ үрдүктээх дүлүҥтэн туруйаны оҥорон көрдөрдө.
Улахан маастар мустубут дьоҥҥо бэйэтин айылҕаттан бэриллибит талаанын, сатабылын көрдөрөн сөхтөрдө. Ол курдук, кини ханан да уруһуйдаабакка, бэлиэтээбэккэ бензопиланан уонна шлифовальнай массыынанан туттарын көрдөрө-көрдөрө үлэлиирин интэриэһиргээн көрдүбүт.
Биллэр уус сэргээбиттэр интэриэһиргиир боппуруостарыгар эппиэттээтэ, кэккэ сүбэлэри биэрдэ. Улуустааҕы Култуура управлениетын салайааччытын э.т. Н.Н. Иванова ыалдьыппытыгар Эдуард Пономаренкоҕа Махтал суругу туттарда уонна айар алыптаах үлэтигэр ситиһиини баҕарда. Доҕорум Саха сирэ уонна Бүлүү туһунан бэрт иһирэх тыллары эттэ, ыалдьытымсах дьонун-сэргэтин, айылҕатын, үгэстэрин, саха аһын олус сөбүлээбитин бэлиэтээтэ. «Эһиил эмиэ кэлииһибин», — диир.
Эдуард оҥорбут туруйа оҥоһугун Бүлүүтээҕи оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатыгар бэлэхтээтэ. Оттон мин кини бэйэтэ көрөн турдаҕына, саха быһаҕын охсон, кыыннаан бэлэх быһыытынан туттардым, — диэн кэпсээтэ Николай Степанов.
Норуот маастара «Сахамедиа» холдинг «Саха сирин киэн туттуута» бириэмийэ «Норуот маастара» номинациятыгар Бүлүү к. олохтооҕо Николай Степанов кыайыылааҕынан тахсыбыта. Онон, бу айар куттаах киһини Саха сирэ барыта билэр.
Николай Степанов доҕорун, Нижнэй Тагилтан сылдьар Эдуард Пономаренконы төрөөбүт Сахатын сиригэр ыалдьыттатан, дойдутугар билиһиннэрэн, норуоттар доҕордоһууларын сайыннарыыга сүҥкэн кылаатын киллэрэн, бэртээхэй холобуру көрдөрдө.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.
Хаартыска — Николай Степанов дьиэтээҕи архыыбыттан.