Өймөкөөн улууһун Үөрэҕин управлениетын начаалынньыгынан Алексей Егоров ананна

Өймөкөөн улууһун Үөрэҕин управлениетын начаалынньыгынан Алексей Егоров ананна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, 19 сыл үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлиир Алексей Егоров 2008 сылтан 2013 сылга диэри биһиги улууспут Үчүгэй нэһилиэгин орто оскуолатыгар математика учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Онтон Сордоҥноох орто оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Онон Алексей Александрович улууска саҥа киһи буолбатах, маннааҕы үөрэхтээһин эйгэтин үлэтин-хамнаһын бэркэ билэр. Үгүс кэскиллээх бырайыактар ааптардара, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустары дьүүллэспит уопуттаах педагог. 


Өймөкөөн улууһун Үөрэҕин управлениетын начаалынньыгынан Алексей Егоров ананна. Кини 2013 с. кини өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогтар куонкурустарыгар кыттан, “Арктика учуутала” номинация кыайыылааҕынан буолбута.

Дуоһунаһыгар ананаат, саҥа салайааччы Алексей Егоров тыа сиригэр сылдьан, оскуолаларга, уһуйааннарга тиийэн, баар балаһыанньаны билсииттэн үлэтин саҕалаата. Бу күннэргэ Аартык оскуолатыгар сылдьан инники былаан туһунан кэпсэтиэхтэрэ.

Алексей Егоров аныгы үйэҕэ үөрэхтээһин салаатын сайдыытын туохха көрөрүн туһунан маннык кэпсээтэ:

— Улуус учууталлара туох баар кыахтарынан, сатабылларынан үлэлииллэрин билэбин. Ол да буоллар, улууска үөрэхтээһин салгыы сайдыытыгар саҥа хамсааһыннары киллэриэххэ наада. Үөрэхтээһин аныгы инновационнай технологиялара диэн бырагыраама иитинэн улууска бырайыактыыр (проектное управление) үлэ сайдара ирдэнэр. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев этэрин курдук, киин сиргэ уонна кырыы сытар нэһилиэккэ үөрэнэр оҕо усулуобуйата тэҥ буолуохтаах. Саамай сүрүн сорук онно сытар. Хотугу улуус усулуобуйата, кыаҕа атын сирдэртэн уратылаах. Ону биһиги киин сирдэри кытта тэҥнии сатыыр соруктаахпыт. Онуоха бастатан туран, материальнай-техническэй өттүнэн хааччыллыылаах буолууну сайыннарыахпытын наада.

Маны сэргэ учууталлар квалификацияларын үрдэтиигэ туспа болҕомто ууруллуохтаах. Мин манан улуус учууталларын таһыма мөлтөх диэн этээри гыммаппын. Аныгы оҕо олох атыннык толкуйдуур, ону ылыныахтаахпыт, өйдүөхтээхпит.

Холобур, оҕо кып-кыра эрдэҕиттэн, ситэ саҥарбакка, хаампакка даҕаны сылдьан, араас смартфоннары илиитигэр ылар уонна сатабыллаахтык туһанан барар.

 Аныгы о5о төбөтүн олоруута оннук, олох түргэнник сайдарын кытта тэҥҥэ барсан иһэр, толкуйдуура ураты. Оннук оҕолору биһигини бэйэбит кэммитигэр оскуолаҕа үөрэппиттэрин курдук үөрэтэ сатыырбыт сыыһа. Биһиги кинилэри кытта тэҥҥэ сайдан иһиэхтээхпит. Урукку барыта сыыһа диэн эппэппин, олох сайдыыта оннук. Биһиги урукку үөрэхтээһин систиэмэтиттэн үчүгэйин туһаныахпытын төһө баҕарар сөп. Аныгы олох, аныгы оҕо өйдөбүлүн учуоттаан туран үөрэтэргэ дьулуһуохтаахпыт.

“Цифровизация образования” диэн өйдөбүл баар. Бу хайысханан үлэлиир сорук ылынан, эрдэ эппитим курдук, бырайыактыыр үлэни сайыннаран, саҥа технологиялары күүскэ туттуохпутун, материальнай базабатын көрүнүөхпүтүн наада. Ол иһин улуус учууталларын быйылгы балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын ураты хайысханан, атын көрүҥү тутуһан ыытарга кыһалынныбыт. Мунньах, дакылаат эрэ буолбакка, учууталлар миэстэтигэр араас бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр.

Алексей Александрович, улууска каадыр боппуруоһа хайдаҕый?

— Үөрэх дьыла саҕаланна эрэ, оҕо ханнык баҕарар предмети үөрэтиитэ саҕаланыахтаах. Онон тиийбэт вакансиялары үлэлии сылдьар учууталлар ылан, үөрэх процеһа бара турар.

Улууска каадыр тиийбэтин сүрүн төрүтүнэн олорор дьиэнэн хааччыллыы кыһалҕата буолара биллэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн, араас бырагыраамалар чэрчилэринэн эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэлэр тутуллаллар. Ол да үрдүнэн бу кыһалҕа син биир баар. Каадыр боппуруоһугар хас биирдии оскуола туһунан үлэлэһэр. Управление төһө кыалларынан бэйэтин өттүттэн эмиэ көмөлөһө сатыыр.

Идэлээх бырааһынньыккытынан кэллиэгэлэргэр баҕа санааҥ.

— Күндү кэллиэгэлэрбин Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин. Дойдубут инники кэскилэ оҕолорбут сайдыылаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх буолалларыттан тутулуктааҕын бары өйдүүбүт. Кэнчээри ыччаты биһиги иитэн таһаарабыт. Педагогтар бары олус эппиэтинэстээх үлэҕэ үлэлии сылдьабыт, хас биирдии учуутал ону өйдүүр. Туох баар уустуктары туораан, инники өттүгэр тэҥҥэ хардыылаан иһэрбитигэр баҕарабын.

Ону таһынан төрөппүттэргэ, уопсастыбаннаска туһаайан баҕа санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын – учууталларгытын убаастааҥ, кинилэртэн ордук эһиги оҕолоргутун сайыннарар дьон суохтар. Оҕо олоҕун улахан аҥарын үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр атаарар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Учууталлар иитии боппуруоһун төрөппүттэри кытта үллэстэллэр. Онон төрөппүттэр эмиэ туора турбакка, оскуолалары кытта тэҥҥэ биир сутурук курдук хамсаныыны оҥорон, бэйэбит оҕолорбут тустарыгар биир сомоҕо буолан кыһаллыаҕыҥ, айымньылаахтык үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабын.

Ааптар: Любовь КРИВОШАПКИНА