Сойбот сонуннаах Амма ТВ

Алтынньы 8 күнэ — Саха телевиденията төрүттэммитэ 55 сыла. Күөх экран нөҥүө күннэтэ сойбот сонуну кэпсиир «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Амматааҕы филиала 1991 сыллаахтан үлэлиир.


Ол сыл муус устар 19 күнүгэр Амма оройуонун депутаттарын Сэбиэтин уурааҕынан улууска телестудия үлэтин саҕалыырга туоһуламмыт уураах тахсар. Муус устар 29 күнүгэр Саха АССР Министрдарын Сэбиэтэ телестудия телевидениенан уонна радионан биэриилэри оҥорон таһаарар маассабай информация тэрилтэтин быһыытынан регистрациялыыр.

«Амма» телестудия бастакы редакторынан Наталья Бубякина ананар, операторынан Виталий Афанасьев үлэлиир. Кинилэргэ бу үлэ общественнай ноҕорууска быһыытынан сүктэриллэр. Биир камералаах, видеомагнитофоннаах уонна эфиргэ таһаарар передатчиктаах телестудия бастакы сэмэй хардыыларын партия райкомун дьиэтиттэн оҥорор. Кэнники редакторынан Ульяна Яковлева, оператордарынан Иван Семенов, Егор Федоров үлэлииллэр.

Советскай Союз үрэллэн, хаалбыт оборудование Яковлев Павел Ивановичка туттарыллар, ол кэмҥэ уус-уран киинэлэри көрдөрөн, биирдиилээн биэриилэри таһаарбыттара.

1995 сыллаахха культура отделын көҕүлээһининэн телестудия үлэтэ сөргүтүллэр. Редакторынан Саргылана Харитонова, режиссерынан Валерий Соловьев, операторынан Егор Михайлов анананнар, телестудия үлэтин саҥалыы тыыннаан айымньылаах үлэлэрин саҕалыыллар. Республика канаалыгар бастакы биэрии 1996 сыл муус устар ыйга «Түөлбэ» программаҕа тахсар, оччолорго аппаратура суох буолан бастакы биэрии Намнааҕы телестудия баазатыгар таҥыллыбыта. 1997 сыллаахха улуус дьаһалтытын уурааҕынан 4 киһилээх штат бигэргэнэр, саҥа оборудование атыылаһыллар. Онон улууска араас ис хоһоонноох биэриилэр нэдиэлэҕэ иккитэ тахсар, биирдиилээн НКИК сонуннарыгар сюжеттар көстөр буолаллар.

Ааспыт сыллары анаарар буоллахха, кырдьык да үлэҕэ бэриниилээх дьон үлэлээн телестудия атаҕар турдаҕа. 27 сыллаах айар айаҥҥа биир санаанан үгүс дьон тэҥҥэ хаамсан кэллэ, биэриилэр ис хоһоонун байыттылар, саҥа сүүрээни киллэрдилэр. Ордук таһаарыылаахтык СР культуратын утүөлээх үлэһитэ, суруйааччы, суруналыыс Саргылана Гольдерова — Саргы Куо, поэтесса Зинаида Архипова, Россия суруналыыстарын союзтарын чилиэннэрэ Наталья Бубякина, Саргылана Харитонова, Александра Хабытчарова, Ким Нестеров, Мария Ким үлэлээбиттэрэ.

Күн бүгүн «Саха» НКИК Амматааҕы филиалын „Амма“ телестудия коллективыгар үс айар куттаах үлэһит айымньылаах үлэни өрө тутан күннэтэ буола турар олоҕу кытта быстыспат ситими олохтуур. Сыллата «Саха» НКИК канаалыгар сонуннары сырдатыы, биэриилэри таһаарыы кээмэйэ улаатар, итиэннэ бу сыл кулун тутар ыйыттан сана тэриллибит «Якутия 24» канаалга эмиэ үгүс матырыйааллары ыытар.

Ааптар: Тамара Сметанина