Алтынньы 11 күнүгэр Амма Сулҕачытыгар сахалартан бастакынан Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыт гражданскай сэрии геройа, ЯЦИК бэрэссэдээтэлин П.Ойуунускай бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит Иннокентий Поисеевич Михайлов-Харачаас төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтээһин буолан ааста.
Билигин кэм-кэрдии уларыйан гражданскай сэрии геройдарынан кими ааттыырбытыгар булкуллан да бардыбыт. Боссоойко, Артемьев «саха чулуу дьоннорунан» ааттаннылар, кинилэргэ өйдөбүнньүк туруорарга туруорсаллар.
Үрүҥнэр төгүрүктээһиннэригэр түбэһэн олорор Амма горнизонун быыһаары тымныы үгэннээн турдаҕына 4 хонук устата эккирэтииттэн, тоһууртан куотан сис тыанан, тайҕанан айаннаабыт, хаары хаһан хоно сылдьыбыт хоодуот санаалаах разведчик, улахан үөрэҕэ суох эрээри Ойуунускай бастакы солбуйааччытынан үлэлээн «Бүтүн Саха Сирин старостатынан» ааттаммыт Харачаас саҥа кэм саҥа геройдарыгар күлүктэппит курдук буолла.
Харачаас кыһыл да, үрүҥ да бандьыыттартан уратыта — оҕо, дьахтар хаанынан илиитин хааннаабатах киһи. Дьон санаатын бэйэтин диэки сахалыы мындыр өйүнэн, олохтоох, ылыннарылаах тылынан тардара. Саҥа былааска муҥура суох бэриниилээҕэ. Ол да иһин, кыһыллар кини төрөппүт уола Буокай үрүҥ этэрээтин хамандыырынан сылдьарын үчүгэйдик билэллэрэ эрээри, улахан эппиэттээх соруктары сүктэрэртэн дьиксиммэтэх буоллахтара.
Харачаас мындыр, киэҥ өйдөөх-санаалаах киһи буоларын биир чахчы чаҕылхайдык туоһулуур. Уола Буокай өлбүтүн кэннэ кини П.Ойуунускайтан көрдөһөн дойдутугар аҕалан аҕабыкка малыыппа аахтаран көмтөрбүт. Ону кини маннык быһаарбыт: “Гражданскай сэриигэ бэйэтэ сөбүлүүр былааһын көмүскэһэ сылдьан өлбүт ханнык да киһи киһилии көмүллүөхтээх”. Ол иһин мин кинини кэмтэн-кэрдииттэн тутулуга суох дьиҥнээх дьоруойунан сыаналыыбын.
Үбүлүөйдээх күн Сулҕаччы олохтоохторо, ыалдьыттара, дьоруой сыдьааннара Харачаас уонна кыһыл бартыһааннар көмүллэ сытар уҥуохтарыгар тиийэннэр кыһыл гвоздика дьөрбөлөрүн уурдулар, номох буолбут дьоруой саҥардыллыбыт бюһун таһыгар үс төгүл бойобуой саа тыаһа сатараата. Ыалдьыттар Михаил Носов аатынан художественнай галереяҕа туруоруллубут самодеятельнай худуоһунньук Николай Рязанскай быыстапкатын көрдүлэр, хаттаан сөргүтүллүбүт кыраайы үөрэтэр музейга сырыттылар. “Тоҥустар өрө туруулара” дэммит хамсааһын салайааччыларыттан биирдэстэрэ Михаил Артемьев эйэлээх кэпсэтии түмүгэр 1925 с. ыам ыйын 9 күнүгэр саатын-сэбин ууран биэрбитин туоһутунан буолбут Тупсуу сэргэтин сөргүтэн туруоруу ураты долгутуулаахтык ааста.
Киэһэ кыраайы үөрэтээччи, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин ытык олохтооҕо Петр Павлов 50 сыл кэриҥэ хомуйсан булбут матырыйаалларын түмпүт “Харачаас” диэн бу күннэргэ саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэҕэ дьоруой улахан олоҕун туоһулуур ханна да бэчээттэнэ, көрдөрүллэ илик архыып докумуоннара киирбиттэрэ мустубут дьон улахан сэҥээриитин ылла.
Татьяна ПАВЛОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтыгар анаан