Саха киһитигэр идэһэ суолтатын билиһиннэрэр туһугар учууталлар алын кылаас оҕолоругар маннык кылаас чаастарын ыыталлара үтүө үгэскэ кубулуйда.
Кылаас чааһын барыллаан сценарийа:
(учуутал Н.И.Саввинова)
«Кыстыкка киирии. Идэһэ» кылаас чааһын ыытыы сыалынан-соругунан кыстыкка бэлэмнэнии туһунан оҕолор билиилэрин кэҥэтии, «Идэһэ» диэн сыл суолтатыгар ураты болҕомтону ууруу буолаллар.
Кылаас чааһын былаана:
- Тэрээһин
Киирии тыл.
– Сыл ханнык кэмигэр идэһэ өлөрүллэрий?
– Идэһэ иһигэр туох баарый?
– «Идэһэ» диэн тыл хайдах үөскээбитий уо.д.а.
Кэпсэтии хаамыытыттан көрөн, эбии боппуруостары биэриэххэ сөп.
- Саха олоҕун туһунан кинигэ быыстапкатын билсэллэр.
Дуоскаҕа оҥорбут уруһуйдарын өбүгэлэрбит олохторун кытта тэҥнээн көрөллөр: олорор дьиэ матырыйаалын, хаһаайыстыбаны, дьиэ ис-тас бараанын уо.д.а.
«Улахан уларыйыы суох» диэн түмүккэ кэлэллэр. Сыл кэмэ улахан оруолу оонньуур, тоҕо диэтэххэ, биһиги өбүгэлэрбит урут алаастарга олорбуттара.
- Паараларга хайдыһан үлэ: «Билигин – урут» диэн тиэмэҕэ кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин тэҥнээн көрөллөр. Бэйэлэрин этиилэрин көмүскүүллэр. Бэйэ-бэйэлэригэр ыйытыктары биэрэллэр. Онтон уопсай түмүгү таһаараллар.
- «Саха сылгыта» тиэмэҕэ пааранан үлэлэрин бэлэмнииллэр уонна көмүскүүллэр. Онно сылгы урут уонна билигин олохпутугар туох суолталааҕын, сахалар астарын уо.д.а. кэпсэтэллэр.
- Оскуолаҕа «Идэһэ киэһэтин» ыытыыны былаанныыллар. Оскуола оҕолоругар дьаарбаҥка суолтатын, атыыга тугу туруоруохтарын сөбүн, үлэ көдьүүстээх буоларын туһугар тугу гынары толкуйдууллар.
Кылаас чааһын түмүктүүллэр.
ИДЭҺЭ — бэйэ сииригэр анаан өлөрүллэр сүөһү. Былыр дьахтар оҕолоноругар хайаан да идэһэ сиир буолаллара. Сахалар идэһэни өлөрөллөрүгэр элбэх сиэри-туому тутуһаллар. Оччоҕо эрэ ыал хаһаайыстыбата кэхтибэккэ үүнэр-сайдар, ууһуур-тэнийэр диэн өйдөбүл баар.
Надежда Егорова, edersaas.ru