Чурапчы физрук учууталлара Уһук Илин күрэҕэр бэлэмнэнэллэр
Чурапчы физрук учууталлара Уһук Илин күрэҕэр бэлэмнэнэллэр
Дьокуускай куоракка 13-с төгүлүн ыытыллар Бүтүн Россиятааҕы «Мастер педагогического труда по учебным и внеучебным формам физкультурно-оздоровительной и спортивной работы» диэн куонкурус эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр Чурапчы улууһуттан үс учуутал ситиһиилээхтик кытыннылар.
Спорду өрө туппут Чурапчы учууталлара салгыы Уһук илин күрэҕэр Саха сирин көмүскүөхтэрэ. С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала, ДЮСШ атах оонньуутугар тириэньэрэ Павел Собакин, Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолатын ОБЖ предметигэр учуутала Сергей Абрамов, «Березка» уһуйаан физинструктора Дмитрий Иванов сэттэ бөлөҕүнэн ыытыллыбыт 60-тан тахса педагог кыттыылаах куонкуруска идэлэрин таһымын көрдөрдүлэр.
«Уһуйааннарга физкултуура уонна успуорт эйгэтин учуутала» диэн бастакы бөлөххө Дмитрий Николаевич Иванов «Хайыһардыырга бэлэмнэнии» ааптарыскай бырайыагынан бэйэтэ оҥорбут тренажерун көрдөрөн бастаата, дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылла.
Иккис «Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтин (үөрэх таһынааҕы үлэ) физкултуура уонна успуорт исписэлииһэ» бөлөххө Павел Дмитриевич Собакин «Сахалыы ыстаҥаҕа ураты оборудованиенан дьарыктаныы көдьүүһэ» диэн кыттыгас бырайыагын көрдөрдө. Манна дьарыкка айылҕа матырыйаалын – хатыҥ туоһун туттан, дьарыктыыр оҕолоро үрдүк ситиһиилэммиттэрин, уруокка хайдах туттулларын көрдөрөн, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан эмиэ бастаата.
Сэттис бөлөххө оскуолаҕа ОБЖ предметин үөрэтэр учууталлар күрэхтэстилэр. Манна Сергей Сергеевич Абрамов «Булчут ыыра» («Охотничья тропа») ааптарыскай бырайыагынан 2-с миэстэ буолла.
Куонкурус икки түһүмэҕинэн барда. Бастакы түһүмэх практическай – дьарыгы ыытыы, иккис түһүмэх – теорияны көмүскээһин, манна автореферат ис хоһоонун киэҥник сырдаттылар. Бу куонкурус кыайыылаахтара Уһук Илиҥҥэ Саха сирин көмүскүөхтэрэ. Онно кыайбыттар салгыы Бүтүн Россиятааҕы түһүмэххэ кыттар чиэстэниэхтэрэ.
Чурапчы физрук учууталлара сөптөөх хайысханы булан, дьиҥ-чахчы талан ылбыт идэлэрин, үлэлии сылдьар билиилэрин үрдүк таһымҥа көрдөрдүлэр. Кинилэр кылгас кэм иһигэр куонкуруска бэлэмнээн, сүрүн күүс уонна көмө буолбут дьоҥҥо махтаналлар.
Ааптар: И. Лукин