Кэлэр сылтан «Саха сирэ» уонна «Якутия» хаһыаттар төлөбүрдээх сурутуунан тарҕанар буолуохтара.
edersaas.ru
Бу күннэргэ «Сахамедиа» холдинг коммерческай салаатын үлэһиттэрэ уонна суруналыыстар састааптаах бөлөхтөр улуустарынан сылдьан ааҕааччылары кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, сурутуу хампаанньатын ыыталлар.
Биһиги — «Сахамедиа» холдинг коммерческай сулууспатын салайааччыта Андрей Петров, сурутуу салаатын салайааччыта Светлана Борисова уонна «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Василий Никифоров уонна мин Үөһээ Бүлүү улууһугар сырыттыбыт. Онно Харбалаах, Балаҕаннаах, Кэнтик, Үөдүгэй уонна Ороһу нэһилиэктэригэр тэрилтэлэргэ сырыттыбыт, уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта көрүстүбүт.
Командировкабыт улуус баһылыга Владимир Поскачины уонна тэрилтэ салайааччыларын кытта көрсүһүүттэн саҕаланна.
Баһылык улуус олоҕун сырдатта, сонун хайысхалары билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн «Сахамедиа» холдинг салалтата уонна Үөһээ Бүлүү дьаһалтата бииргэ үлэлээһин Сөбүлэҥин түһэристилэр.
Кэрэхсэбиллээҕэ уонна үөрүүлээҕэ — улуус баһылыга тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр анаан босхо сурутууну көҕүлээтэ. Кырдьаҕастар барахсаттар бу үтүө сонунтан төһө эрэ үөрээхтииллэр!
Ити кэнниттэн биһиги иккилии буолан хайдыһан, тэрилтэлэринэн сырыттыбыт, биирдиилээн дьону, түмсүүлэри кытта көрүстүбүт.
Бастакы сырыыбыт Үөдүгэй нэһилиэгиттэн саҕаланна. Манна урбаанньыт Илья Семенов дьоҕус тэрилтэтигэр сырыттыбыт.
— 2009 сыллаахха бэйэ дьыалатын тэриммитим. Мас соҕотуопкалааһынынан дьарыктанабын. Тутуу матырыйаалын оҥорон таһааран эрбэтэбин. Бастайааннай үлэһиттэрдээхпин. Сыанам удамыр буолан, хамаҕатык атыыга барар. Холобур, лафет — 2 тыһ. солк., эрбэммэтэх хаптаһын кууба- 10 тыһ. солк., 3-түү миэтэрэлээх остуолба маһа баар — 400 солк. (биирэ). Бэйэм идэбинэн суоппарбын. Бастаан утаа бэйэ дьыалатын тэринэн баран дьоҥҥо, тэрилтэҕэ мас таһа сылдьыбытым. Сыыйа бэйэм масчыт буолбутум. Үксүгэр тэрилтэм үлэһитэ — бэйэм. Суоппарбын да, тырахтарыыспын да. Мас кэрдиитигэр анал биригээдэ таҥабын. Хамнастарын хайдах кэпсэтэрбитинэн — харчынан эбэтэр тутуу матырыйаалынан. Үлэм көрүҥэ дьыл кэмин хаамыытынан. Суола суох кэмҥэ тиит маһы бэлэмниибин. Акылаат, остуолба, баанньык матырыйаала. Кыһын суол аһылыннаҕына онтубун таһыам, — диэн кэпсиир Илья Ильич.
Ылдьыыс (олохтоохтор таптаан ааттыылларынан) биһигини бэйэтэ этэринэн, «аһаҕас халаан анныгар биир пилорама турар дьоҕус тэрилтэтин» илдьэн көрдөрдө.
Үлэһиттэр үлэ-хамнас бөҕө буола сылдьаллар эбит. Биир массыына саһаан хаһаайынын буларга номнуо бэлэм турара.
Үлэһиттэр хаһыаттарбытын ылан, сынньалаҥ биллэрэн, көрөн-истэн барбыттара.
Сотору буолан баран, сурутууну тэрийэр Светлана Борисова аттыгар кэлэн, хаһыакка сурутуу саҕаламмыта.
Ылдьыыс «өйдүү-саныы сылдьарга» диэн хаһыатын кытта анаан хаартыскаҕа түспүтэ.
Биһиги аны «Сказка» оҕо саадыгар тиийдибит. Үлэһиттэр хаһыаппытын тута интэриэһиргээн, көрөн-истэн бардылар.
Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу оҕо саадыгар тулалыыр эйгэни, дойдуларын айылҕатын үөрэтиигэ, кыыл-сүөл чуучалатын тутталлар эбит. Онуоха төрөппүттэр күүс-көмө буолаллара харахха быраҕыллар.
Салгыы ааттаах-суоллаах «Кэнчээри» оҕо саадыгар тиийдибит. Көҥүл санаа тыына манна баар эбит! Кырачааннар ким тугу гынарынан дьарыктана сылдьаллара. Биһиги киирэн кэлбиппитигэр, «атын дьон кэллилэр» диэн ким да сонургуу көрбөтө. Оннук бэйэлэрин айар түгэннэригэр ылларан сылдьар этилэр. Норуот үөрэҕириитин туйгуна Маргарита Яковлева салайар дьоҕус кэлэктиибиттэн түөрт иитээччи «Сыл бастыҥ иитээччитэ» күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кыттыбыта да үгүһү этэр. Онон хаһыаты ааҕар уонна сэргиир дьоҥҥо түбэстибит.
«Кэнчээрилэр» хаһыаппытын эмиэ олус интэриэһиргээтилэр, ханнык тиэмэлэри, туох туһунан хото сырдатыллыаҕын баҕаралларын туһунан санааларын атастастылар. Оҕо бу тэрилтэтигэр «Саха сирэ» хаһыат бэйэтин ааҕааччыларын бигэтик булла.
Виктория Павлова салайар Үөдүгэй нэһилиэгин кулуубун иһинэн үлэлиир «Дьүөгэ» уопсастыбаннай тэриллиитигэр нэһилиэк актыбыыс-бэтэрээн дьахталлара түмсүбүттэр. «Дьүөгэлэр» быйыл 13-с сылын «Кэнчээри ыччаппыт туһугар сүрэхпит баҕатын сүһүөхпүт уйуохтун!» диэн девиһинэн салайтаран үлэлииллэр. «Дьүөгэлэр» ыытар үлэлэрин билиһиннэрэн баран, туох матырыйааллары ааҕыахтарын баҕаралларын туһунан санааларын атастастылар, «Саха сирэ» хаһыакка суруттардылар.
… Ити курдук Үөһээ Бүлүү Улууһугар сурутуу хампаанньатын ситиһиилээхтик ыытан, дириҥ ис хоһоонноох матырыйааллары хомуйан, санаалыын сырдаан, дууһалыын сэргэхсийэн, өйдүүн-санаалыын байан кэллибит, бэрт элбэх дьону-сэргэни кытта алтыстыбыт, билистибит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.