Кутанаҕа кырдьаҕас балыксыты өлөр өлүүттэн быыһаатылар

Кутанаҕа кырдьаҕас балыксыты өлөр өлүүттэн быыһаатылар

Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһугар Кутана нэһилиэгэр хорсун быһыы оҥоһулунна. Киһи киһиэхэ сыһыана, аһыныгас буолуу, тустаах эбээһинэһи толоруу, дьон туһугар кыһаллыы холобура көрдөрүлүннэ. Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, буор балыксыт, үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото, тыа харыстабылын бэтэрээн үлэһитэ, кэлэр сыл олунньутугар 80 сааһын туолаары сылдьар Максимов Борис Павлович эбиэт кэмигэр балыктыы барбыта. Нэһилиэктэн тоҕус биэрэстэ ыраах сытар Дьытталаах күөлүн хайысхатынан 2 чаас 30 мүн. айаҥҥа туруммута.


Борис Максимов бу күөл балыгын Кутана үгүс ыалыгар амсатара. Алтынньы 15 күнүгэр Кутанаҕа тоҥорон тымныйбыта. Күөл мууһунан бүрүллүбүтэ.

Балыксыт күөл ортотугар түһэрбит илимэ мууһурбутун, эрдиитинэн алдьата-алдьата кытыыга тахса сатаабыта да, кыаллыбатах. Кырдьаҕас киһи сэниэтэ эстиэр диэри муҥнанан, күөл ортотугар олорбутунан тоҥор дьылҕаламмыт. Төһө да трасса чугаһын иһин, массыыналаах дьон киһи балыктыы сылдьара буолуо дии санаан тохтооботторо чахчы.

Борис Павлович куруук биир бирииэмэҕэ дьиэтигэр кэлэрэ. Бу сырыыга хойутаабыта, кэргэнэ Розалия Алексеевна сэрэхэдийэн Кутана нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Минин Семен Валентиновичка дьиэтигэр тахсан, киэһэ 10 чаас ааһыыта тыллаабыта.

Семен Валентинович уонна дьаһалта успуорка инструктора Архангельскай Ярослав Михайловичтыын суһаллык массыынанан Дьытталаах күөлүгэр барбыттар. Тиийэллэригэр хараҥарбыт, онон фараларын уотунан кырдьаҕас матаһыыкылын булбуттар. Борис Павловиһы син өр көрдөөбүттэр. Онтон күөл ортотугар мууһу охсор тыаһы истэллэр. Хаһыытаһан оҕонньор тыыга олорорун билбиттэр.

Кинилэр бөһүөлэккэ төннөн, хамаанда хомуйан, наада буолар сэби-сэбиргэли, тыыны ылан, миэстэлэригэр төннүбүттэр. Крыжановскай В.В., Архангельскай М.Г., Игнатьев П.Г., Тисяков А.А., Минин С.В., Архангельскай Я.М. миэстэтигэр тиийэн, түүн үс аҥар чааска диэри хабыс-хараҥаҕа банаарынан, массыыналарын фараларынан сырдатан, 4 см халыҥнаах күөл мууһун алдьатан, тыынан киирэн, кырдьаҕаһы өлөр өлүүттэн быыһаатылар.

Борис Павлович 14 чаас устата күөл ортотугар мууска хаайтаран олорбут. Быыһыылларыгар ибис-инчэҕэй таҥастаах, тыытын тыына тахсыбыт.

Кэнники сылларга, оннооҕор Бокуруоп саҕана дьон илимнэрин көрөр буолла. Ол курдук аһара сылыйда. Күнүс сайын, киэһэ күһүн кэлэр буолла. Онон дьон сэрэхтээх буолара наада. Дэҥ-оһол эдэри, кырдьаҕаһы билиммэт.

Хайа да нэһилиэккэ хорсун-хоодуот дьон баар. Кутанаҕа оннук дьонунан нэһилиэк олохтоохторо, «Айан Суол» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Крыжановскай В.В., тэрилтэ үлэһиттэрэ Архангельскай М.Г., Игнатьев П.Г., Тисяков А.А. уонна кинилэри түмэн, дьаһайан быыһыыр үлэни тэрийбит нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Минин С.В., успуорт инструктор Архангельскай Я.М. буолаллар.

Кинилэр хорсун быһыылара кэлэр көлүөнэ эдэр ыччакка холобур буоллун.

Ааптар: Али АЛЕКСЕЕВ,
Кутана нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин
III, IV ыҥырыктарын дьокутаата.

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *