Газпром «Сибиир күүһэ» гаас турбатын 95,5% тутан бүтэрдэ
Саха сириттэн Арассыыйа Кытайы кытта кыраныыссатыгар диэри 2064 км уһуннаах турба тардыллан, Амур өрүс аннынан туоруур ситимэ 90% бүтэн эрэр. Билигин Амурдааҕы гааһы переработкалыыр собуот тутаах эбийиэктэрэ тутулла тураллар.
Өрөспүүбүлүкэ Чайыҥдатааҕы уонна Иркутскай уобалас Ковыктинскай учаастагыттан күөх төлөн дойду иһинээҕи ырыынакка уонна Кытайга бэриллиэҕэ. Кытай илин оройуоннарыгар гааһы тиксэрии «илиҥҥи хайысха» диэн ааттанар.
«Сибиир күүһэ» гаас турбатын бырайыагар 2018 с. Газпром 218 млрд солк. угар санаалаах, 2017 с. — 158,8 млрд солк этэ.
Газпром уонна CNPC Кытай хампаанньатын икки ардыгар 2014 с. ыам ыйын 21 күнүгэр илии баттаммыт хантараак чэрчитинэн, «илиҥҥи хайысханан» 30 сыл иһигэр сыл аайы 38 млрд куб гаас тиксэриллиэхтээх. Дуогабар суумата 400 млрд дуоллар.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru