Сэтинньи – Баай Байанай ыйа

Бу сахалар саамай сүгүрүйэр ыйбытыттан биирдэстэрэ. Өбүгэлэрбит Байанайы булду-алды кытта ыкса сибээстииллэрэ. Олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Кинини үчүгэйдик саныыр булчукка баай байанайдаах үөрэ-көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут.


Күнүн-дьылын билгэтэ

  • Сэтинньини ыам ыйа батыһар.
  • Сэтинньи 2 күнүгэр былыттаннаҕына,  кыһына ичигэс.
  • Бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэр. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл буолар.
  • Былыта суох күн хаар кыыдам­наан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар диэн суруйаллар.
  • Сылаас кыһын буоларыгар, бэс, харыйа туораахтара аҕыйах буолаллар.
  • Өссө тииҥ уйатын мас үөһээ өттүгэр туттар.
  • Кыһын халлаан сылыйарыгар, оһох уота сырдыктыҥы өҥнөнөр.
  • Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына – кыһына сылаас, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүҥ.
  • Сэтинньи 8 күнүттэн (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар.
  • Сэтинньи 15-гэр ый уонна үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар дииллэр.
  • Сэтинньи 21 күнэ. Муҥха бүтэр (Саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).
  • Сэтинньи 22 күнүгэр былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс турар.
  • Сэтинньи 25 күнэ – Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан – Мэхээлэйэп таҥара күнэ.
  • Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-­даам тымныы түһүүтэ буолбатах.
  • Саҥа үүнэр ый туруору та­­ҕыстаҕына – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.
  • Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйарыгар.
  • Кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

 

Сэтинньигэ төрөөбүт дьон майгыта-сигилитэ

Байанай таҥаралаах киһи сылыктаан толкуйдуур, бэйэтин кыанар, сыыдам. Туохха эмэ ылыстаҕына, толоруор диэри мээнэ кэпсээбэт, эппэт. Болҕомтотун булуу-талыы дьоҕуругар хатыыр.

 

Ый туомнара

  • Байанайы олордуу, сүгүрүйүү туома. Байанай олоруоҕуттан Айыы дьиэтэ булчуттарга, сатабыллаах дьоҥҥо алгыс этэр кыахтанар.
  • Уруу тардыытын туома. Эдэр  ыаллар тускулларын оҥорор алгыс.
  • Суорумньу домо. Суорумньунан дьарыктанар дьоҥҥо алгыс. Ону сэргэ, отуттарын туолбут, ааһа көппүт ыал буола илик дьоҥҥо алгыс оҥоһуллуон сөп.
  • Күөсчүт алгыһа. Аска алгыһы биэрэр туом.

 

Идэһэ, идэһэ барахсан

Сүөһүнэн тыыннанан олорор өбүгэлэрбит барахсаттар, иитэр сүөһүлэрэ кэлэ, чэчирии, дьиэлээхтэри аһата турарыгар, сиэрдэрэ-туомнара элбэх буолар эбит. Олортон сороҕун да буоллар билиһиннэрэбит.

Саха ыала идэһэлэрин илин диэки хайыһыннаран, күрүө баҕанатыгар баайаллар. Былыр дьиэлээх хаһаайка идэһэтин хаҥас муоһугар эбэтэр кул­гааҕар таҥас кырадаһынын баайар эбит.

Идэһэни сыыһа-халты охсор бөрүкүтэ суох дииллэр. Ол иһин буоллаҕа, “сүөһү кырыыһыгар” киири­мээри, хараҕын саба баайаллара диэн суруйаллар.

Идэһэлэрэ уулаах буоллаҕына, ону күөх окко уураллар дииллэр. Ол кэлэр өттүгэр сүөһү кэхтибэтин диэн оҥоһуллар эбит.

Өбүгэлэрбит былыр сылгыны киирии-тахсыы үмүрүйбүтүн кэннэ эбэтэр дьон-сэргэ тура илигинэ сарсыардааҥы дьыбарга өлөрөллөр эбит.

Хараҕын таҥаһынан саба баайан, эбэ диэки хайыһыннаран, атын сүөһүгэ көрдөрбөккө астыыллар.

Идэһэҕэ туттуллар иһит-хомуос туспа уурул­луохтаах дииллэр. Бу иһит-хомуос идэһэ кэмигэр эрэ тыаһыахтаах-ууһуохтаах. Оннооҕор, идэһэни баайан туруорбут быаҕытын кытары мээнэ быраҕыа, элитэн кэбиһиэ суохтааххыт. Барыта чөкө буолуохтаах диэн сүбэлииллэр.

Идэһэни сүлэр кэмҥэ быһаҕы куҥ эккэ, хаарга, сиргэ-уокка хаһан да батары анньымаҥ. Сытыары ууруохтааххыт диэн этэллэр.

 

Саха төрүт аһа

 

 

 

Хаан

5 хамыйах хаан, 4 хамыйах үүт, оһоҕос, туус.

Сылгы хаанын субай диэн ааттыыллар. Субайы маннык бэлэмнииллэр. Иһиккэ ылбыт хааннарын 1-1,5 хонукка сөрүүн сиргэ сөҥөрдөллөр. Хамсаппаттар, булкуйбаттар. Хамыйаҕынан дьэҥкирин холбуйан ылаллар. 5 хамыйах хааҥҥа 4 хамы­йах үүтү, тууһу куталлар. Үчүгэйдик ыраастаммыт оһоҕоско биэс гыммыт үһүгэр сөп түбэһэр гына хааны куталлар. Илиилэринэн имэрийэн салгынын таһаараллар. Төбөтүн биинтэнэн, хас да хос сабынан баайаллар. Эрийэ тутан баран, кыра синньигэс үтэһэнэн тобулу анньан туттараллар. Оргуйа турар ууга уган буһараллар. Бустаҕына бэрдийбит курдук буолар. Илиинэн быһыта тутан көрөн билэллэр.

 

Халбаһы

Эти мясорубкаҕа эрийтэрэҕит.  Туус, биэрэс, луук, сөбүлүүр буоллаххытына, чеснок кутаҕыт. Хаһа эбэҕит. Үчүгэйдик булкуйан баран, оһоҕоско кутаҕыт.  Бустаҕына үллэр. Онон оһоҕоско кутарга миэстэ хаалыахтаах.  Икки өттүн сабынан баайаҕыт. Халбаһыны эт буспут миинигэр буһардахха ордук минньиир.

 

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

0
0