Уважаемые якутяне!
От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем народного единства!
Этот знаменательный день для каждого гражданина России, который несет в себе дух героического прошлого, олицетворяет солидарность и сплоченность жителей нашей страны, недаром стало крылатым выражение: «В единстве — наша сила».
В настоящее время ценности братской дружбы, межнационального мира и любви к Родине являются основой государственности, обеспечения национальной безопасности страны, свободного духовного развития граждан.
И сегодня созидательный труд, взаимоуважение, консолидация всех жителей Якутии, где проживают представители разных национальностей, послужат дальнейшему развитию нашей страны и республики, чтобы сделать жизнь каждого из нас достойной и обеспеченной. Пусть этот праздник станет для всех Днем объединения добрых инициатив и начинаний.
Дорогие якутяне! Желаю вам крепкого здоровья счастья, семейного благополучия, новых трудовых свершений на благо родной Якутии и России.
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) Петр Гоголев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр дойдубут биир сүрүн бырааһынньыга биһиги баай историябытын ытыктыырбытын, үйэлээх үгэстэрбитигэр сүгүрүйэрбитин кэрэһилиир. Норуоппут түмсүүлээх уонна биир сомоҕо буолуута судаарыстыбабыт кыаҕын бөҕөргөтөр, сайдыытын түстүүр. Биһиги улуу Россия дьоно-сэргэтэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит патриотическай өйү-санааны, духуобунаспыт тулхадыйбат сыаннастарын харыстыах тустаахпыт.
Дойдубут президенэ Владимир Путин 2025 сылга диэри судаарыстыбабыт национальнай бэлиитикэтин стратегиятыгар уларыйыы киириэхтээҕин, президент ыам ыйынааҕы ыйааҕын кытта сөп түбэһиэхтээҕин ыйда. Социальнай-экономическай былааннар регионнар култуурунай, историческай, омук быһыытынан уратыларын учуоттуохтаахтарын, гражданнары кытта аһаҕас кэпсэтиигэ олоҕуран ылыллыахтаахтарын эттэ.
Биһиги Сахабыт сиригэр үгүс араас омук бэрэстэбиитэлэ эйэ-дэмнээхтик олорон, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут бигэ туруктаах буоларын туһугар уйгуну уһансар, айа-тута сылдьар, инникитин эрэллээхтик көрөр.
Саха сирин бары олохтоохторугар чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, дьолу, ситиһиилэри баҕарабын.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев