Тымныы полюһуттан — Грузияҕа

«Дьэ, дорообо, Грузия! Мин эһээм ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдута!», — диэн, сөмөлүөттэн түһээт, саҥа таһааран, Дамир Чачуа күннээх Кавказ дойдутун кытта дорооболосто.

Эдэр киһи эһээтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Константин Чачуа 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, кини төрөөбүт дойдутугар Грузияҕа анаан кэллэ. Оҕонньор төрөөбүт Опетитыгар тиийэн сүгүрү­йэр, хаан-уруу аймахтарын билсэр санаатын толорон, бу кэлэн турдаҕа. 

Дамир Чачуа — Грузияҕа.

Опетига тиийии

Дамир хонор сирин булаат, гостиница администраторын сүбэтинэн Грузия национальнай архыыбыгар тиийэн, сайабылыанньа суруйда. «Эппиэтэ биэс күнүнэн кэлиэ», — диэн буолла. Бачча өр тугу гына сытыай, Дамир кэтэһэ таарыйа, Батуми диэн ку­­руорт куоракка муораҕа сынньана барарга сананна. Тбилиси уонна Батуми икки ардыгар Самтредия диэн улахан оройуон баар. Бу кини эһээтин төрөөбүт дойдута. Батумига үс хоноот, төннөн иһэн санаата буолбата, Самтредия оройуонугар тохтоон ааһарга сананна. Кинини кытта оптуобустан биир дьахтар түстэ. Дамир ол дьахтартан Опети дэриэбинэҕэ хайдах тии­­йиэххэ сөбүн сураста. Дьолго, дьахтар нууччалыы билэр буолан биэрдэ уонна автовокзалга сирдээтэ. Хомойуох иһин, ол күн Опетига барар оп­­туобус суох эбит. Онуоха аргыһа дьахтар тэйиччи ыччаттар туралларын көрөн, кинилэргэ тиийдэ. Эдэр киһи ыраахтан сылдьарын, аймахтарын көрдүүрүн, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин сиэнэ буоларын кэпсээн туран: «Кытаатан, оҕолор, биир дойдулааххытыгар көмөлөһүҥ», — диэн көрдөстө. Ыччаттартан биир уол улгумнук сөбүлэһэн, такси сакаастаата. Дамир, дьэ табыллан, санаата көнньүөрэн айаҥҥа турунна. Опетига чугаһаан истэҕин аайы, уол долгуйара улаатан истэ.

«Оо, эһээм барахсан, бу суол устун төһөлөөх айанныан баҕарбыта буолуой?! Кини бу сиртэн 1940 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы ыҥырыллан (онно сырыттаҕына хааннаах сэрии саҕаланар) барыаҕар диэри төрөөбүт Опетитыгар күн сирин көрүөҕүттэн баара суоҕа 22 сыл эрэ олороохтообут эбит!»

 

Грузин уолун уонна саха кыыһын тапталлара

Константин Чачуа 40-с сыллартан ыла төрөөбүт Грузиятыгар үктэммэтэҕэ. Сэрии уонна Халыма лааҕырдара, реабилитация, мас кэрдээччи – үс тылынан киһи олоҕун кэпсээн кэбистэххэ, итинник. Арай олоҕун сырдык кыыма – кини таптала этэ. Хомсомуол кыыс Малаанньа Атласова дьокутаат буолан, пиэрмэлэри кэрийэн үлэ ыыта сылдьан, биир ыалга эдэр бэйэлээх грузин уолунуун чэйдии олорон сөбүлэһэллэр. Балтараа сыл буолаат, Костя уол хол­куос бэрэссэдээтэлиттэн кэлэн кыыһы кэргэн ыйытар. Дьиҥэр ыанньыксыт тиийбэт диэн аккаастыа диэн куттанара. Дьолго, салайааччы эдэр дьону алҕыы хаалар. Ол эрээри аны хомсомуол доҕотторо Малаанньаны утары тураллар. “Хаайыыттан саҥа босхоломмут, кимэ биллибэт киһиэхэ эргэ бардыҥ”, — диэн дьүүлгэ туруораллар. Кыыстара доҕотторун тылларын ылыммат. Ити курдук кыыстаах уол 1954 сыллаахха холбоһон ыал буолаллар. Чачуалар икки кыыстанан, үс уолланан, сиэн, хос сиэн – оҕо барахсан минньигэс сытын билэн, бу дойдуттан саастарын мо­­ҥоон баран барбыттара.

Константин Чачуа дьиэ кэргэнин кытта.

Аймахтары булуу дьоло

… Сотору кэминэн уолаттар Чачуалар олорор тиэргэннэригэр кэллилэр. Дьиэ таһыгар биир уол сылдьар эбит.  Киһилэрэ нууччалыы бэрт үчүгэйдик саҥарар, Дамир эһээтин убайын хос сиэнэ Рамаз Чачуа диэн буолан биэрдэ. «Сотору дьоммут кэ­­лиэхтэрэ. Аҕам балыктыы, эбэм килиэп ыла барбыттара», — диэтэ. Өр өтөр буолбата, Дамир эһээтин убайын сиэнэ Хвича Чачуа, онтон эбээлэрэ Гогона тиийэн кэллилэр. Дамир киниэхэ эһээтин туһунан кэпсээн ис­­тэҕинэ, эбээ барахсан үөрүүтүттэн долгуйан, харахтарын уута сүүрдэ уонна күүскэ кууһан Дамиры сыллаан ылла. Гогона эмээхсин Дамир эһээтин улахан убайын уолун Мурман кэргэнэ эбит. Кинилэри кытта Константин Чачуа Саха сирин Өймөкөөнүн Төрүтүттэн 1970 сылга диэри сибээһин быспакка, билсэ сылдьыбыт эбит. Оччолорго Опетига улахан холорук туһэн, дэриэбинэ урусхалланан, сибээстэрэ быстан хаалбыт. Чачуалар хаан-уруу аймах бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсэн кэбиспиттэр. 1980 сыллаахха Дамир эһээтин убайын уола Мурман убайын Константины көрдүү ыраах Саха сиригэр кэлээри айаҥҥа туруммутугар, билэр дьонноро: «Наһаа тымныы дойду үһү, кыайан тиийиэҥ да, булуоҥ да суоҕа», — диэбиттэр. Инньэ гынан, Ю Мурман барахсан ыраах айантан аккаастаммыт. Онтон уларыта тутуу кэмэ саҕаланан, урукку бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр атын-атын судаарыстыба буола түһэллэр…

— Арааһа, Өймөкөөн хайалара эһээм, кини тапталлаах Грузиятыттан туох да атына суох буоланнар, олус сөбүлээн, иккис дойду оҥостубут эбит. Саҥа аймахтарбын кытта нэдиэлэ устатын тухары билистим. Ыраахтан-чугастан миигин көрөөрү, Чачуа аймах күн аайы кэлэрэ. Көрсүһүүттэн долгуйуу, ытаһыы – олус долгутуулаах күннэр этэ. Суотабай сибээс баара үчүгэйэ, күннээх Грузияттан Тымныы полюһуттан — Өймөкөөн Төрүтүттэн аҕабын кытта дьонун кытта билиһиннэрэн кэпсэтиннэрбитим. Икки өттүттэн батсаабынан күннээҕи хаартыскаларын ыытыһан олуһун үөрбүттэрэ. Ким кимиэхэ майгынныырын ырыппыттара. Ол аймахтыы дьоҥҥо наһаа да күндү этэ,

— диэн кэпсиир Дамир.

 

Ытык иэһи толоруу

Аймахтара Дамиры эһээтэ олорбут, ­улааппыт дьиэтин оннугар сырытыннарбыттара.

— Эһээм ыллыгынан айаннаабыт соругум – кини ахтар-саныыр төрөөбүт түөлбэтин ытык буорун иккис дойду оҥостубут, силиһин тарпыт Саха сирин Тымныы полюһун Өймөкөөнүн Төрүтүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, грузин оҕонньор көмүс уҥуоҕар тии­йэн кутуу. Ол баҕа санаабын толорон, эһээм ийэлээх аҕатын уҥуохтарын буоруттан ылан, Төрүккэ эһээм уҥуоҕар тиийэн куппутум. Грузияҕа барарбар бэ­­йэбин кытта 1998 сыллаахха “Якутия” хаһыакка суруналыыс Сергей Егоров «Его считали пропавшим без вести» диэн ыстатыйатын бибилэтиэкэттэн куопуйалаан илдьибитим. Кыраайы үөрэтэр суруналыыс 50 сыл буолан баран, эһээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа буолар туоһу докумуонун – байыаннай билиэтин анаан ирдэһэн булбута. Эһээм онно үөрбүтүөн! Онон Чачуа халыҥ аймах Сергей Егоровка махталбыт муҥура суох. Эһээм эдэр эрдэҕиттэн кырдьыар диэри оҕолорун, сиэннэрин кытта түспүт хаартыскаларын, байыаннай билиэтин, “Саха сирин көмүс ыаллара” диэн кинигэҕэ эбээлээх эһэм Константин уонна Меланья Чачуалар тустарынан суруллубут ыстатыйаны илдьэн дьонугар көрө сырыттыннар диэн хаалларан кэлбитим,

— диэн кэпсиир Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин сиэнэ Дамир Чачуа.

 

Хаан-уруу ситимэ быстыбат

Грузия уонна Саха сирин Чачуалара арахсалларыгар: “Сибээспитин аны быспаппыт, билсэ туруохпут”, — дэспиттэр. Дамир Чачуаҕа икки өттүттэн хаан-уруу халыҥ аймахха эһээтин дойдутугар суолу аспытыгар махталларын эппиттэр.

— “Дьол диэн киһи элбэх харчылааҕар буолбатах. Киһи дьоло – кини тыыннааҕа, доруобайа уонна элбэх аймахтардааҕа”, — диэн мээнэ этиллибэт эбит. Ол сиэринэн, мин эмискэ аймахтарынан байа түстүм. Онон суол аһылынна — аны Саха сиригэр аймахтарбытын Грузияттан күүтэбит,

— диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Дамир Чачуа.

Саха, эбээн уонна грузин омуктар сыдьааннара Дамир Чачуа Хабаровскайга Разведка кылаабынай управлениетыгар спецназка сулууспалаан кэлээт, Оҕо спортивнай оскуолатыгар тириэньэринэн үлэлиир. Эһээтин, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Константин Георгиевич Чачуа 100 сааһын сиэнэ Дамир Чачуа чиэстээхтик көрүстэ.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

0
0