Амма улууһун ыччата сылын аайы ыытыллар «Муус» аһымал аахсыйатын саҕалаата. Алтаннар бастакынан туруннулар.
Сэтинньи ыйга кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоох, соҕотох ийэлэргэ, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар көмөлөһөллөр.
«Бу тэрээһини биһиги сылын аайы ыытабыт. Үтүө үгэскэ кубулуйда. Муус ылыыта саҕаланна да, хантан да ыҥырыы, этии, дьаһал киирэрин кэтэспэккэ эдэр дьон үлэҕэ турунар. Көмө саҕаланар. Бу акцияны кинилэр бэйэлэрин сыллааҕы үлэ былааныгар киллэрэллэр. Манна улууспут нэһилиэктэрин ыччата кыттыыны ылар«, — диэн этэр ыччат политикатын управлениетын сүрүннүүр специалиһа Саргылана Неустроева.
[embedded content]
Муус ылыытын Алтан нэһилиэгин ыччата саҕалаата.
Ааптар Наталья Бубякина