Күндү дьоммут — ааҕааччыларбыт

Саха сирэ” хаһыат икки сыл устата босхо тарҕанан баран, сыыйа сурутууга көһөн эрэр. Онон сурутуу кэмин баттаһа үлэһиттэр улуустарынан сылдьарбыт, ааҕааччыларбытын кытта көрсөрбүт үксээтэ. Аҕыйах хонуктааҕыта  Нам уонна Хаҥалас  улуустарыгар сырыттыбыт.

 edersaas.ru


Намҥа икки бөлөҕүнэн

Нам улууһугар “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин, суруналыыстар Людмила Попова, Николай Попов, “Якутия” хаһыат суруналыыһа Анастасия Москвитина хас даҕаны нэһилиэгинэн сылдьан олохтоохтору кытта көрүстүбүт.

Ханнык баҕарар улууска, нэһилиэккэ тиийэн баран, сирдээх-уоттаах хаһаайыны быһа ааһар табыллыбат. Бу да сырыыга ити үгэстэн туораабатыбыт — улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Н.А.Соловьеву кытта көрүстүбүт. Бастакы бөлөх Хамаҕатта — I — Хомустаах – Үөдэй — Граф Биэрэгэ — Нам сырыттылар. Иккис бөлөх Хатырык – Түбэ – Модут – Маймаҕа — Нам үлэлээтибит.

Биллэн турар, хаһыаты дьаһалта ­дьиэтиттэн босхо ыларбыт салҕанан бара туруо диэн санаалаах олороллор эбит. Хаһыаппытын көтүппэккэ ааҕар дьон туох баар үлэбитин-хамнаспытын барытын билэллэр. Ол биһигини, хаһыатчыттары, олус үөрдэр.

Ити ыйыллыбыт нэһилиэктэр оскуолаларын, уһуйааннарын, балыыһаларын барытын кэрийдибит. Хаһыат суолтатын өйдүүр дьон — учууталлар, иитээччилэр хото суруталлар.

Ааҕааччыларбыт сүрүннээн: “Сурутуугутун тоҕо тохтоппуккутуй, дьон босхону ­босхо курдук сыаналаабат”, — диэн этэллэр. Атыттар: “Сонуну барытын интэриниэттэн ааҕабыт”, — дэһэллэр. Барытын быһааран биэрдэххэ, эбиитин 40 балаһалаах өҥнөөх хаһыаты эргим-ургум тутан, интэриниэт сонунуттан букатын атын ис хоһооннооҕун көрөн, “ээ, сөп-сөп, сурутан бөҕө буоллаҕа” дэһэ түһэллэр.

 

Сахалыы букубаар ааптарын оскуолатыгар

Түбэ улуус кииниттэн төһө да ыраах сыппытын, дьонун ахсаана аҕыйаҕын да иһин, олус түмсүүлээхтэр. Оскуолаҕа кэлэктииби көрсөөппүтүн кытта, тута, үөрэнээччилэрбитин кытта эмиэ кэпсэтэн ааһаргыт буоллар, диэн санааларын биллэрбиттэригэр, тиийбиччэ, аҕыйах мүнүүтэни кэрэйиэхпит дуо, үөрүүнэн сөбүлэстибит.

Түбэ оскуолата Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, сахалыы “Букубаар” ааптара Мария Егоровна Охлопкова аатын сүгэр. «Букубаар» 1967 сыллаахха тахсыбыта. Онно экспериментатор учууталынан, букубаарынан маҥнай оҕолору быһаччы үөрэппит киһинэн Хатыҥ Арыы оскуолатын алын кылааһын учуутала Е.К.Попова буолар. «Букубаар», уопсайа, аҕыста бэчээттэнэн тахсыбыта. Сэтинньи бүтүүтэ оскуолабытыгар М.Е.Охлопкова аатынан түмэли арыйаары сылдьабыт. Билигин матырыйаал хомуйуутунан дьарыктанабыт”, — диэн тустаах оскуола социальнай педагога Варвара Дьяконова кэпсиир.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

0
0

Добавить комментарий