Горнай маҥанылара муҥхалаан күннээтилэр
Бу күннэргэ Маҥаныга эһиил бэлиэтэниэхтээх нэһилиэкпит 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Балаҕаннаах сайылыгар муҥха тэрилиннэ.
edersaas.ru
Суолталаах тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Никита Андреев салайар муниципалитет салалтатын хамаандаатын кытта култуура, үөрэх, үп-харчы салаатын управлениеларын үлэһиттэрэ кытыннылар.
Балаҕаннаах сайылыгын олохтоохторо Анатолий, Владимир Александровтар кэлбит ыалдьыттарбытын олус анаан маанылаан көрсөн, сылаас дьиэнэн хааччыйдылар.
Икки муҥханан үлэ күөстүү оргуйда. Мустубут дьон бары үлэлээтэ.
Күн ортолоон, киэһэриитэ, дьэ, Эбэкэбит барахсан акүүтүүлээх аспытыттан бэрсэн, кэлбит ыалдьыттар бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар.
Муҥха кыттыылаахтарын олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ итии чэйдээх, сахалыы итии аһынан күндүлээн атаардыбыт.
«Бу курдук, өбүгэлэрбит барахсаттар үтүө да үгэһи төрүттээбиттэр эбит! Дьону сомоҕолуур, биир тыынныыр тэрээһин өрүү да тэриллэ турдун. Махтал бастыҥа буоллун муҥха хаһаайыттарыгар», — диэн муҥха кыттыылаахтара Балаҕаннаах сайылык олохтоохторугар, нэһилиэк сис ыалыгар Александровтарга, иккис муҥха хаһаайыныгар Павел Чемезовка барҕа махталларын тиэртилэр.
Анастасия МАКСИМОВА,
Горнай улууһа, Орто-Сурт нэһилиэгэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан.