«Триумф» спортивнай-култуурунай комплекска саха норуотун улуу уола, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын олохтооччулартан биирдэстэрэ, судаарыстыбаннай, култуурунай уонна научнай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай 125 сылын бэлиэтиир «Ойуунускай өрөгөйө» суолталаах тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан үгүс киһи муһунна.
edersaas.ru
3 тыһ. киһини мунньар саала «таһынан барда». Мэктиэтигэр үктэнэр да сир суох. Мин бастаан утаа олорбут миэстэбин былдьатан, туран көрөр чиэскэ тигистим. Ол эмиэ да үчүгэй курдук буолла — ханна баҕарбыт сиргиттэн тиийэн хаартыскаҕа, видеоҕа устаҕын.
Кэллиэгэбинээн, суруналыыс Ангелина Васильеваны кытта «саха сирдэрэ» иккиэ буолан, аныгы үйэ айар үлэһиттэрэ сэлэлээн хаамар кэккэлэригэр киирсэр чиэскэ тиксэн, мустуохтаах сирбитигэр — быыс кэннигэр ох курдук оҥостон тиийдибит. Сцена кэтэҕэр телевидение, араадьыйа, хаһыат, интернет-таһаарыылар биллэр суруналыыстара — үгүс киһи мустубут. Бары өр көрсүбэтэх дьон быһыытынан эҕэрдэлэһэ, үөрэ көрсөбүт. Бу түгэн хайдах эрэ суруналыыстар бырааһынньыктарын санатта. Буолумуна, улуу Ойуунускай 125 сыла үйэҕэ биирдэ буолан ааһар бэлиэ түгэн, айар үлэһиттэр бырааһынньыкпыт тэҥэ буоллаҕа.
Биир идэлээхтэрбит , сытыы бөрүөлээх «Сахамедиа» холдинг «Якутия» хаһыатын сытыы бөрүөлээх суруналыыстара Георгий Татаринов уонна Аламжи Будаев аныгы үйэ айар үлэлээхтэр кэккэлэригэр хаамсар чиэскэ эмиэ тигистилэр.
Ол икки ардыгар: «Хоҥуннубут!» — диэн хамаанда буолла. Таҕыстыбыт. Дьону кытта сэлэлээн хааман иһэн, дьикти турукка киирэн ыллым. Саала энергетикатын күүһэ эбитэ дуу, Былатыан Ойуунускай сүдү киһи буоларын өйдөбүлэ дуу, патриот санаам уһуктан, ис-испиттэн долгуйан ыллым. Бу маннык турукка оҕо эрдэхпинэ пионер кэккэтигэр сылдьан линейкаларга, агитбиригээдэлэргэ кыттарбар киирэн ыларым. Онон хайдах эрэ сэбиэскэй кэм тыына биллэн ааста. Сэлэлээн хааман кэлэн, сцена иннигэр турдубут. Эмиэ бачча чугас кэлбиччэ, түгэни мүччү түспэтим — Саха академическай тыйаатырын артыыстарын түһэртээтим.
«Триумф» спортивнай-култуурунай кииҥҥэ бэрт элбэх киһи мустубут. Аттыбар олорор Гульнара Алексеева Бүлүү Тааһаҕарыттан кэлэн балтын сыбаайбатыгар ыалдьыттаан баран, «Ойуунускай өрөгөйө» тэрээһин буоларын истэн, биир күн хааларга санаммыт.
— Айаммын уһата түспүппүн олох кэмсиммэтим. Клавдия Петрова салайар «Эйгэ» Норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччытынан үлэлиибин. Кыра эрдэхпиттэн саха классик суруйааччыларын айымньыларын эбээлээх эһээбэр ааҕан улааппытым. Ойуунускай айымньыларын үгүстүк дорҕоонноохтук аахпыт киһи буолан, айар үлэ идэтин таллаҕым буолуо. «Эгэлгэ» көр-күлүү народнай тыйаатырбыт «Оҕоҕо баҕарбыт» кэмиэдьийэтин туруорбуппут. Бу испэктээгинэн Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр «Күндэлэй» күрэххэ комедия жанрыгар лауреатынан ааттаммыппыт. Онон тыйаатырга сыһыаннаах киһи буолан, Руслан Тараховскай туруорбут сүүнэ улахан суолталаах тэрээһинин олох дууһабынан ылынным. Араас суоллаах-иистээх тыйаатырдар кыттыыны ылбыттара тэрээһини олус киэргэттэ. Бэл, Кытай тыйаатырыгар тиийэ. Саха норуотун киэн туттар Ойуунускайбытын бу тэрээһин өссө үрдүк таһымҥа таһаарда, — диэн бэлиэтээтэ айар куттаах Гульнара Алексеева.
Кырдьык, Бүлүү олохтооҕо бэлиэтээбитин курдук, Үүнэр көлүөнэ ааттаах-суоллаах айар бас-көс артыыстара — РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ народнай артыыһа Алексей Павлов уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова «Оҕоҕо баҕарбыт» испэктээктэн быһа тардыыларын көрө олорон, үгүс киһи тыйаатырга бэйэтигэр олорор курдук сананна. Маннык сүүнэ улахан саалаҕа көрөөччүгэ итинник чугаһааһын — артыыстар ураты маастарыстыбалара.
Таатта улууһун Баайаҕатыттан төрүттээх Зинаида Андросова Былатыан Ойуунускай үбүлүөйдэригэр улуус олохтоохторо дьиҥнээх таатталар буолалларын дууһалыын билэллэрин бэлиэтиир:
— П.А. Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар Таатта землячествотын ытыктааннар, тыйаатырга саамай үчүгэй эрээттэри биэрбиттэрэ. Быйыл аатырбыт биир дойдулаахпыт Былатыан Ойуунускай 125 сылын туолар «Ойуунускай өрөгөйө» тэрээһиҥҥэ анаан суолта биэрэн, таатталарга саамай көстүүтэ үчүгэй сири анаабыттарыттан биһиги олус үөрдүбүт уонна тэрийээччилэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Таатта улууһа репрессияҕа түбэспит дьоно элбэх буолан, хайдах эрэ маннык чиэһи-бочуоту дууһабытыгар ордук чугастык үөрэ ылынабыт. Былатыан Ойуунускайга анаммыт тэрээһиҥҥэ кини олорон ааспыт олоҕун барытын толору арыйбыттарын олус кэрэхсии көрдүбүт, сонуннук ылынныбыт. Бачча элбэх кыттааччы көрөөччү дууһатын таарыйар гына биир тыынынан оонньоотулар, көрдөрдүлэр, аахтылар, үҥкүүлээтилэр, оһуохайдаатылар. Балтыларбынаан театрализованнай көстүүнү көрө олорон: «Былатыаммыт барахсан Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ быһыытынан бу маннык сайдыылаах олох кэлэрин туһугар төрөөн-үөскээн, эрэйдээх олоҕу олорон, айан-тутан ааспыт эбит. Ол ону ордук ыччат ойуулаан көрдөрбүтэ хайдах курдук чаҕылхайый», — диэн уйадыйан ыллыбыт. Аны тэрийээччилэр тэрээһини босхо оҥорон, «Былатыан өрөгөйүн» элбэх киһиэхэ көрдөрөн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар Ойуунускайынан өссө күүскэ киэн туттууну сахтылар.
Зинаида Семеновна бэлиэтээбитин курдук, «Ойуунускай өрөгөйүгэр» ордук ыччат күннээтэ. Көрөөччү ахсааныгар да, кыттааччыларга да, тэрийээччилэргэ да — ыччат дьон.
Ариан Кириллин Дьокуускай к. 17 №-дээх орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ кылааһын оҕолорун кытта тэрээһини көрө анаан мустан кэлбиттэр.
— Былатыан Ойуунускай олоҕун туһунан сиһилии билбэппин. Бу тэрээһинтэн бэрт элбэх билбэтэхпин биллим. Былатыан Ойуунускай олоҕун арыйар, киһи интэриэһин тардар көстүүгэ бу аан бастакыбын сырыттым, — диэн санаатын үллэһиннэ Ариан.
Артем Иванов — Волонтердары кытта үлэлиир киин исписэлииһэ.
— «Арассыыйа доброволецтара» диэн саайтаахпыт. Онно киирэн ким баҕарар регистрацияланна да, бэйэ баҕатынан үтүөнү оҥорооччу кэккэтигэр киирэр. Онно төлөпүөннэрэ, электроннай почталара ыйыллар буолан, дьоммутун түргэнник булабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ волонтердара суох биир да улахан тэрээһин буолбат. Дьокуускай куорат араас үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэнэр ыччаттар — биһиги бастакы көмөлөһөөччүлэрбит. Бу тэрээһиҥҥэ волонтердары икки нэдиэлэ иннинэ мунньан бэлэмнээбиппит. Быһа холуйан 3 тыһ. киһини кэтэспиппит да, маннык элбэх киһи кэлиэҕэ дии санаабатахпыт. Бэйэбит да соһуйдубут. Хата ыччаттар улахан тэрээһиннэри тэрийиигэ үөрүйэх буолан, кэлбит дьону барыларын үөрэ-көтө көрсөн, дьоро киэһэ бэркэ ааста, — диэн кэпсиир эдэр киһи.
Кэлиҥҥи кэмҥэ режиссер Руслан Тараховскай аата бренд буолан эрэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ылсыан эрэ кэрэх, кини тэрээһиннэрэ бары үрдүк таһымнаахтык ыытыллар буоллулар. Онон бииртэн биир улахан сонун бырайыакка үлэлэһэр эдэр киһи бу да сырыыга «Ойуунускайын өрөгөйө» уостан уоска тиһиллэн, кэпсэлгэ сылдьар тэрээһининэн буолла.
— «Триумф» спортивнай-култуурунай комплекса норуоппут халҕаһалыы анньан кэлэн, санаабытын көтөхтө, көнньүөртэ. Дьон биһиги идиэйэбитин өйдөөтө, ылынна. Онон «Ойуунускай өрөгөйө» норуотун дууһатыгар хаһан да умуллубат кутааны уматта, — диэн бэлиэтээтэ режиссер Руслан Тараховскай.
Кырдьык да оннук. Суолталаах тэрээһин дьону сомоҕолоһууга, саҥаттан саҥа саҕахтары, сырдыгы айарга-тутарга көҕүлээтэ, үйэлээҕи торумнуурга сырдыгы сахта.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриилэрэ.