Кыра ыарыы аайы үгүс дьон бырааска баран көрдөрүөхтэрин, уочаракка олорон бириэмэлэрин барыахтарын баҕарбаттар. Ол эрэн, дьаҥ-дьаһах буулаан, доруобуйаҕын кэбирэтиэн иннинэ эрдэттэн көрдөрүнэ сылдьыбыт ордук. «АЛРОСА» хампаанньа бэйэтин үлэһиттэригэр буор босхо Мииринэй куоракка иккис сылын медицинскэй скрининг тэрийэн ыытар. Билиҥҥитэ манна 7 тыһ. киһи көрдөрүннэ, сыл бүтүөр диэри 10,5 тыһ. киһини хабар санаалаахтар.
edersaas.ru
Скрининг сүрүн сыала-соруга —искэн уонна да атын улахан ыарыы саҥа үөскээн эрдэҕинэ эрдэ булан ылан эмтээһин, атын уорганнар эмсэҕэлээһиннэрин тохтотуу.
«Ыарыыны бохсуу – аныгы медицина сүрүн хайысхата. Аан дойду үрдүнэн араас эмчиттэри кэрийэн, үбү-харчыны эмтэниигэ кутуох оннугар ыарыы саҥа саҕаланан эрдэҕинэ эмтэммит ордук. Былырыын аҕыйах ый иһигэр 6 тыһ. тахса киһини көрбүппүт. Аныгы чинчийэр аппарааттар улахан ыарыыга хаптаран эрэр дьону түргэнник булан ылар кыахтаахтар. Эбии медицинскэй страховкалааһын көмөтүнэн кинилэр Арассыыйа киин балыыһаларыгар баран, хос көрдөрүнэн, эмтэнэн кэлбиттэрэ. Билигин үлэлэригэр номнуо таҕыстылар», — диэн кэпсиир «АЛРОСА» Медицинскэй киинин дириэктэрэ Юлия Кулакова.
Быйылгы скрининг 40-тан аҕа саастаах хампаанньа үлэһиттэрин үс хайысханан көрөр: «Кардиоскрининг», “Дьахтар доруобуйата” уонна “Куртах-оһоҕос ыарыыларын эрдэ сэрэтии».
Ол түмүгүнэн 142 киһи эбии чинчийэн көрүүгэ наадыйар. Искэнтэн сэрэхтээх буолууга бастакы миэстэҕэ дьахтар төрүүр-ууһуур уорганнарын ыарыыта, иккискэ – ас буһарар уорган мөлтөөһүнэ, үһүскэ сүрэх-тымыр, хаан эргиирин кэһиллиитин ыарыылара киирэллэр.
Үлэһиттэр доруобуйаларын туругун чинчийэн көрүүнү аастахтарына атын дьон билбэтин курдук бэйэлэригэр эрэ уопсай түмүгү уонна хайдах эмтэнэргэ, ыарыыны тохтоторго, сэрэтэргэ сүбэ-ама биэрэллэр. Ыксал тирээтэҕинэ, аналлаах сиргэ эмтэнэ ыыталлар.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru