Дунаайа саҥа ырыанньыга сүрэхтэннэ

Бу күннэргэ ырыаһыт, ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна Фатина Иванова-Дунаайа “Дьол кустуга” диэн ырыанньыга сүрэхтэннэ.  

edersaas.ru

 

Фатина Иванова оруобуна төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, ырыаны таптааччылары, чугас дьүөгэлэрин  “Адель” банкеттыыр саалаҕа ырыанньык сүрэхтэниитигэр  ыҥырда.

Бэрт соторутааҕыта  Дунаайа диэн айар ааты ылыммыт мелодистканы СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, Суруйааччылар сойуустарын чилиэннэрэ  Наталия Михалева-Сайа, Александра Константинова-Дархаана, Галина Нельбисова, Надежда ЕГОРОВА-Намылы  уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Фатина Иванова ырыаларын  бу күн бэйэтэ истиҥник-иһирэхтик толордо, ону сэргэ «Кырадаһын абылаҥа», “Сунтаар суһума” ансаамбыл кыргыттара, Саргылаана Журавель, кырачаан Эрхаан Софронов уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Ырыаһыты кытары алтыспыт ырыаһыт, ууһу кытта бодоруспут уус буолар дииллэринии, Фатина Иванова  биир дойдулаахтара, “Ыаллыылар” диэн ааты ылыммыт дьиэ кэргэттэр мааны куоластарынан ырыа ылбаҕайын ыллаан, тойук дорҕооннооҕун туойан соһуттулар, талааннарынан үөртүлэр.

Бу киэһэ “буруйдааҕа” Дунаайа   оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорун, ол эбэтэр “Ыаллыылары” кытары күн бүгүҥҥэ диэри чугастык алтыһар, кини өйөбүлэрин билэр  буолан, санаата күүстээҕин, олоҕу туойарын  туһунан этэн, кинилэргэ ис сүрэхтэн махтанна.

Киэҥ араҥаҕа ананар ырыанньык күн сирин көрбүтэ Фатина Иванова кэнники сылларга айар үлэҕэ дьаныардаахтык ылсан кэлбитин туоһулуур. Биир дойдулаахтарын, Сунтаар Кутанатыттан төрүттээх ааптардар Альберт Бүлүүйүскэй, Руслан Ксенофонтов, Валериан Николаев хоһоонноругар ырыа айан, биир дойдулаахтарын махталларын ылыан ылла.  Кини биир дойдулаахтарын эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааптардар хоһоонноругар  элбэх ырыаны суруйда. Наталья Харлампьева, Иван Мигалкин, Сайа, Дархаана,  Сандаарыйа, Галина Иванова, Ульяна Бурнашева-Уйана, Леди Муус, И.Зверев, Уххан, С.Юмшанов уо.д.а. тылларыгар ылбаҕай ырыалары айда.  Дьэ, бу айыллыбыт элбэх ырыатын хайаан да ноталаах хомуурунньук гынан таһаарарга сананан, нота суруйар дьону көрдөөбүтэ. Билэр доҕотторвн көмөтүнэн Нам Үөдэйигэр олорор, Василий Зырянов хорга аналлаах айымньыларын бэчээттээн ырыанньык оҥорбут, Саха сирин мелодистарын  ассоциациятын чилиэнэ Василий Николаевы булбута. Дьолго, Василий Гаврильевич (сөбүлүүр ырыаһыппыт, “Туймаада” ансаамбыл көмүс куоластаах ырыаһыта Гаврил Николаев  бииргэ төрөөбүт убайа) тута сөбүлэһэн, бииргэ үлэлээн “Дьол кустуга” диэн ырыанньык күн сирин көрдө.  Ырыанньык ырыа  ис хоһооннорунан араарыллан, алта түһүмэххэ араарыллыбыт.

ЫСПЫРААПКА:

Фатина Никифоровна ИВАНОВА-РУМЯНЦЕВА

— Дьокуускайдааҕы  култуура уонна искусство кэллиэһигэр режиссура отделениетыгар үөрэммитэ.

— Айар үлэнэн 1999 сылтан дьарыктанар.

— Айар киэһэлэрэ Уус Алдан улууһун Бороҕон с.  “Тойон Мүрү” киинигэр, Дьокуускай куоракка  Көр-күлүү тыйаатырыгар, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан  Култуура киинигэр, Арчы  дьиэтигэр, “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр буолбуттара.

—  Биэс компакт-диискэни таһаарда, биэс ырыаҕа видео-килиип оҥоттордо.

Нууччалыы ырыалары уонна оҕолорго аналлаах ырыаларга идэтийэн эрэр

Доҕотторо кэпсииллэр:

Елисей Иевлев: “Кини күүстээх, ыраас куолаһа санааны уоскутар, сынньатар, куту-сүрү бөҕөхсүтэр, бэйэтигэр тардар, умсугутар алыптаах”.

 

Людмила Спиридонова-Акимова:Фатина ырыалара хайдах эрэ киһи дууһатын таарыйар ураты иэйиилээхтэр. Ол курдук, төрөппүт аҕатыгар, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕар анаабыт “Мэтээлгин кэт, бэтэрээн” ырыатын истэн баран, уйадыйбатах киһи суоҕа буолуо”.

 Дьүөгэтэ Матрена Павлова кэргэнэ Алексей Павлов:Фатина ырыалара ырааһы, сырдыгы, кэрэни доҕуһуоллуур арахсыспат аргыс буолан, биһиги олохпутугар бигэтик киирдилэр”.

Василий Парников:  “Ф.Иванова “Саха норуотун уус уран айымньытын сайыннарыыга киллэрбит кылаатын”, “Уус Алдан култуурата сайдыытыгар  киллэрбит кылаатын иһин”, “Иккис Лөгөй нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэлэринэн, СӨ Ил Түмэнин Бочуотунай грамоталарынан киэн туттабын”.

Сайа: “Фатина ырыаларын уратыта уонна күүһэ – олус истиҥ, ис сүрэхтэн тахсар иэйиилээхтэр.  Таптал, дьахтар анала, олох үөрүүтэ, дьоло – Фатина бэйэтигэр сөптөөх хоһооннору дьэ булан ылар. Булбатаҕына, бэйэтэ да суруйан кэбиһэр”.

Тамара Попова-Хадаана:  Фатина бэйэтэ эмиэ хоһоон суруйар. Бу кэнники сылларга оҕолорго анаан үчүгэй ырыалары айда. Кини ырыаларын дьон-сэргэ сөбүлээн ыллыыр. Ол аата, кини биир эмиэ бастыҥ ырыа айааччылартан биирдэстэрэ”.

 Ульяна Бурнашева-Уйана:Ордук болҕомтону тарпыт, мелодист быһыытынан улахан кэрэхсэбили ылбыт ырыатынан Сахалина Ширяева толоруутугар оскуолаҕа биир кылааска үөрэммит уола Руслан Ксенофонтов тылларыгар суруйбут “Уһуктуу” ырыата кими бары уһугуннаран, “Саҥа ырыа” курдук киэҥ түһүлгэҕэ саха эрэ сүрэҕин үөртэҕэ”.

Надежда ЕГОРОВА,

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.

0
0