Бүлүүгэ «Далбар Хотуну» таллылар

Бүлүүгэ Арассыыйатааҕы Ийэ күнүгэр аналлаах улуустааҕы «Далбар Хотун — 2018» куонкурус ыытылынна. Нэһилиэктэртэн уонна куораттан сэттэ дьахтар күөн көрүстэ. Элбэх оҕолоох ийэлэр сатабылларын, мындырдарын эдэр көлүөнэҕэ үтүө сүбэ быһыытынан көрдөрдүлэр.


Бүлүү куоратын “Алгыс” сынньалаҥ киинигэр улуустааҕы «Далбар Хотун — 2018» куонкурус буолла. Күрэх биэс түһүмэхтээх: сахалыы таҥас, бэйэни билиһиннэрии, талааны көрдөрүү, бүлүүдэ куонкурса уонна мааны былааччыйа.

«Алаһа» түмсүүттэн саамай аҕа саастаах, холобур буолар киһибит Мыреева Мария Прокопьевна, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр түмсүүлэриттэн 9 оҕолоох Томская Сардаана Петровна уонна Иванова Клара Антоновна, Өкүндүттэн Константинова Любовь Владимировна, Бөтүҥтэн Петрова Раиса Николаевна, Бороҕонтон Федорова Парасковья Степановна, Сыдыбылтан Егорова Галина Федоровна кытыннылар.


Бастакы уонна иккис түһүмэххэ кэрэ хотуттарбыт сэттэ уон ордуга сэттэ дьэрэкээннээх, үс хос кустугунан дьикти дьиримнээх эриэккэс дьарҕаалаах, уус дибилгэн оһуордаах, көрдөр үчүгэй тигиилээх саха таҥаһын таҥнан-симэнэн киирэн, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Үһүскэ кыттааччылар ыллаан-туойан, үҥкүүлээн уонна мындыр тарбахтахтарынан иистэммит оҥоһуктарын көрдөрдүлэр.

Төрдүс түһүмэххэ астаан аҕалбыт сахалыы минньигэс астарын билиһиннэрдилэр. Бүтэһиккэ киэһэ биэчэргэ кэтэр таҥастарын көрдөрөн, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.

Дьүүллүүр сүбэ таһаарбыт түмүгүнэн «Далбар Хотун» үрдүк аатын Бороҕонтон Федорова Парасковья Степановна, «Хотун Ийэ» ааты Бүлүү куоратыттан Томская Сардаана Петровна, «Уран Хотун» ааты Бөтүҥтэн Петрова Раиса Николаевна, «Айыы Хотун» ааты Бүлүү куоратыттан Мыреева Мария Прокопьевна, «Иэйии Хотун» ааты Өкүндүттэн Константинова Любовь Владимировна, «Сайдам Хотун» ааты Сыдыбылтан Егорова Галина Федоровна ыллылар, — диэн Бүлүү улууһун ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отдела иһитиннэрдэ.


Ааптар: «Олох суола» хаһыат  

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *