Байанай ыйын баттаһа Эдьигээн оройуонун олохтоохторо кыралыын-улаханныын, үгэс буолбут, күүтүүлээх балыктарыгар күндүөпкэҕэ киирэллэр. Быйыл хайа да сыллааҕар өрүс мууһа хойутаан турда, онон сэтинньи 10 күнүгэр муус аннынан балыктааһын саҕаламмытта. Ол да буоллар балыксыттар аҕыйах хонук устата сииллэригэр уонна эбии дохуот киллэринэллэригэр күндүөпкэни син балачча ыллылар.
Балыгы соҕотуопкалыыр оройуон соҕотох тэрилтэтэ – «Эдьигээн» тыа хаһаайыстыбатын кооператива нэһилиэнньэттэн балык тутарын бу күннэргэ саҕалаата.
– Быйыл биһиги күндүөпкэҕэ былааммыт 60 туонна, 47 киһини кытта дуогабар түһэрсэн турабыт. Билиҥҥи туругунан 11 туонна балык тоҥ ыскылааппытыгар кыстанна. Күндүөпкэ туттарыллар сыаната 90 солкуобайга тэҥнэһэр. Былырыын балык тахсыыта мөлтөх буолан былааммытын сиппэтэхпит, быйыл балык син биллэн дьон туттарыыта көхтөөх. Сыл бүтүөр дылы тутуохпут уонна кыһыҥҥы суолунан дуогабардаах “Якутская рыбная компания” ХЭТ тэрилтэҕэ Дьокуускайга ыытыахпыт, — диэн кэпсээтэ тэрилтэ салайааччыта Маргарита Соломонова.
Ааптар: Мария Аполлонова.