Ийэ күнүн тэрээһиннэрэ
Сэтинньи 25 күнүгэр Арассыыйаҕа Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Ону көрсө күн күбэй ийэлэри чиэстиир элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ “Дьоруой Ийэ” аат былырыын олохтоммута, Ийэ күнүгэр 14 дьахтарга бу үрдүк аат иҥэриллибитэ, ону тэҥэ биирдии мөлүйүөн солкуобайы туттарбыттара.
Быйыл 4 ийэҕэ бу үрдүк аат иҥэрилиннэ. Кинилэри бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов эҕэрдэлээтэ.
— Бу бырааһынньык төрүттэниитэ ийэҕэ дириҥ ытыктабылга олоҕурар. Ийэ эрэ сүрэҕэ аан дойдуга муҥура суох тапталы, истиҥ сыһыаны, нарын иэйиини тарҕатар. Мин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт буоламмын, туох ыарахаттары көрсөллөрүн уонна биир сомоҕо буолуу хайдаҕын бэйэбинэн билэбин. Бары сыратын биэрэн улаатыннарбыт, олоҕун анаабыт ийэбэр махталым улахан. Кини тыһыынчанан килэмиэтир ыраах да буоллар, билигин да миэхэ көмөлөһөр.
Бигэ туруктаах дьиэ кэргэнэ суох судаарыстыба толору сайдар кыаҕа суох. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөргө, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ кэккэ миэрэлэр ылыллаллар. Ийэ хапытаала төлөнөр, чэпчэтиилэр, босуобуйалар кээмэйдэрэ улаатар, доруобуйа харыстабылын, үөрэх систиэмэтэ кэҥиир. Сыллата уонунан саҥа оскуолалар, оҕо саадтара, спортивнай комплекстар, балыыһалар, олорор дьиэлэр тутуллаллар. Бу барыта ийэлэр сарсыҥҥы күннэригэр эрэллээх буолалларын туһугар оҥоһуллар, — диэн кини эттэ.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Владимир Солодов 10-нуу оҕолоох Вера Чукроваҕа (Дьааҥы), Акулина Афонскаяҕа (Мэҥэ Хаҥалас), Виктория Васильеваҕа (Уус Алдан), 11 оҕолоох Айталина Максимоваҕа (Сунтаар) “Дьоруой Ийэ” бэлиэлэри уонна 1 мөлүйүөнү ылар сертификаттары туттартаата. Ону тэҥэ 7, 8, 9 оҕолоох ийэлэргэ “Ийэ Албан аата” мэтээли туттартаата.
Манна көрдөххө, наҕараада ылбыт ийэлэр бары да эдэрдэр, кыраһыабайдар эбит. Урут Дьоруой Ийэ буолла да, саастаах дьахтар уобараһа көстөрө. Бу кэнники кэмҥэ судаарыстыба элбэх оҕолонууну өйүүр буолбутуттан төрүөттээҕэ саарбаҕа суох. Ол аата ийэлэр уонча оҕону иитэртэн, үөрэттэрэртэн куттаммат буолбуттар.
Харда тылы Ньургуйаана Иванова (Нам) эттэ:
— Ийэ үлэтин судаарыстыба таһымыгар үрдүктүк сыаналаабыккытыгар махталбын тиэрдэбин. Биһиги дэриэбинэбитигэр “Ийэ Албан аата” мусуой үлэлиир, тоҕо диэтэр, 14 Дьоруой Ийэ баар. Ийэ хапытаалын туһанан, биһиги 2010 сыллаахха дьиэ туттубуппут. Арассыыйаҕа “Бастыҥ дьиэ кэргэ” куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит. Биһиги туох баар күүспүтүн, кыахпытын, сырабытын биэрэн, оҕолорбут үчүгэй дьон буола улааталларыгар, идэ ылан, үтүө үлэһит буолалларыгар, атахтарыгар туралларыгар кыһаллабыт, бэйэбит холобурбутунан иитэбит, — диэн махтанарын биллэрдэ.
«Ийэлэргэ иитээччи статуһун иҥэриэххэ!»
Бу күн Дьокуускай куорат Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрин сойуустара тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтилэр. Сойуус бэрэссэдээтэлэ Римма Горохова үрдүк трибунаттан биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэргэ иитээччи статуһун сокуонунан бигэргэтэргэ этии киллэрдэ. “Элбэх оҕону иитии – уопсастыбаҕа улахан суолталаах үлэ буоларын билиниэххэ наада. Онуоха элбэх социальнай чэпчэтиилэр баар буолуохтаахтар. Ол туһунан 2013 сыллаахха Арассыыйа ийэлэрин сийиэстэригэр этэн турабыт”, — диэн кини бэлиэтээтэ.
Оттон үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова дьиэ кэргэттэри өйүүргэ быйыл 7 миллиард анаммытын иһитиннэрдэ, элбэх үлэ ыытылларын кэпсээтэ. Кини бэйэтэ элбэх оҕолоох ийэ буоларынан, сойууска киирэргэ бэлэмин биллэрдэ.
Сэтинньи 23 күнүгэр Ийэ, оҕо киинигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга 14 кыыс, 7 уол оҕолору таһаартаатылар. Бу Перинатальнай кииҥҥэ төрүүллэригэр ыарахаттары көрсүөхтэрэ диэбит дьахталлары ыыталлар. Үрдүк таһымнаах медицинскэй көмөнү ылан, бары этэҥҥэ быыһаналлар.
Бу түгэҥҥэ кинилэри кэргэттэрэ, аймахтара эрэ буолбакка, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова, “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова эҕэрдэлээтилэр.
ЗАГС управлениетын салайааччытын солбуйааччы Татьяна Комаренко оҕолор аан бастакы докумуоннарын – төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэлэри туттартаата. Кэлбит дьон ийэлэргэ өйдөбүнньүк бэлэхтэри биэрэн, үөртүлэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru