АЛРОСА: «Ардах түспүтүгэр биһиги буруйбут суох!»
Бүлүү өрүс киртийиититтэн эмсэҕэлээбит улуустарга олохтоохтору ыраас уунан хааччыйарга, ууну ыраастыыр ыстаансыйаны үлэлэтэргэ, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин күүһүрдэргэ Экологическай пуонда тэриллэрэ уолдьаста. Дьон доруобуйатын чинчийэн, санаторийга эмтэнэргэ, чэбдигирэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх, ону барытын хампаанньаҕа үбүлэтэргэ, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар анал бырагыраама ылынарга», — диэн сэтинньи 27 күнүгэр Ил Түмэн Бүлүү өрүс экологическай туругар анаммыт парламенскай истиитигэр норуодунай дьокутааттар уонна общественность туруорустулар.
edersaas.ru
Алмаас бырамыысыланнаһа үлэлиир улуустарын айылҕата киртийбит, нэһилиэнньэҕэ табыгаһа суох оройуонунан ааҕарга этии киллэрдилэр. Росприроднадзор Саха сиринээҕи салаата быһыт тоҕо барыытын түмүгэр Бүлүү өрүскэ быһа холоон 22 млрд. солк. суумалаах хоромньу оҥоһуллубутун иһитиннэрбитэ.
Айылҕа буруйдаах, биһиги буолбатах
Ол эрэн, «АЛРОСА” генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Игорь Соболев этэринэн, хампаанньа үлэтиттэн сылтаан буолбакка, уһун кэмнээх ардах түһэн, Иирэлээх өрүс хаатыттан тахсан, ол халааныттан быһыт тоҕо барбыт. Онон, кэлтэйдии алмааһы хостуур хампаанньаны буруйдуур, административнай эппиэтинэскэ тарда сатаан, харчыга иэс баайар төрүт сыыһатын чуолкайдаата. Хонтуруоллуур уорганнар, Экология министиэристибэтэ, Роспотребнадзор, Ростехнадзор аахпыт хоромньуларын «АЛРОСА” олоҕо суоҕунан ааҕарын, хайаларын да билиммэтин биллэрдэ. Игорь Виталиевич өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бырастыы гыналларыгар көрдөстө уонна инникитин итинник түгэн хатыламматын туһугар сэрэтэр үлэни ыытарга бэлэмнэрин эттэ.
Суут быһаарыаҕа
Хампаанньа аатыгар киирбит административнай ирдэбил барыта Арбитражнай суукка көрүллэрин санатта. Онон «АЛРОСА” туох баар ыстараап төлөбүрүн көтүрэр, онтон көлбөрүтүнэр санаалаах.
Итиниэхэ олоҕуран, ардах уутун халааныгар, айылҕа алдьархайыгар хампаанньа буруйа суоҕунан сибээстээн, Росприроднадзор хоромньуну төлөттөрөртөн аккаастаммыт.
Айылҕаны көрөр-истэр уорганнар туруорсар ыстарааптарыттан, аахпыт хоромньуларыттан «АЛРОСА” төһөнү төлүүрүн-суоҕун билиҥҥитэ суут эрэ быһаарыаҕа.
Өскөтүн хоромньуну төлөттөрдөхтөрүнэ, киирэр барыс аҕыйаан, алмаастаах аҕыс улуус ылар дивиденин кээмэйэ эмиэ кыччыан сөбүн Игорь Соболев бэлиэтээтэ.
Бүлүү өрүс уутун иһиэххэ сөп
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын управлениетын салайааччыта Маргарита Игнатьева: «Быһыт тоҕо барбытын кэннэ Бүлүү өрүс киртийэн, састаабыгар араас булкадаһыктар элбээн, нэһилиэнньэ өрүс уутун иһэрин бобон турабыт. Ол эрэн мышьяк, кадмий, кобальт курдук ыарахан эттиктэр нуорманы куоһарбатахтара. Билигин уу анаалыһа нуормаҕа чугаһаан, өрүс уутун ыраастаан баран иһиэххэ, хаһаайыстыбаҕа туттуохха сөп. Ууну ыраастыыр ыстаансыйалар бааллар эрээри, туһалара кыра, үчүгэйдик үлэлээбэттэр, ууну ситэ ыраастаабаттар”, — диэн билиһиннэрдэ.
Росрыболовство Ленскэйдээҕи управлениетын салайааччыта Олег Кузьмин Бүлүү өрүс киртийиититтэн биир да балык өлбөтөҕүн, ол эрэн, ньамаҕынан аһыыр астарыгар хоромньу улаханын иһитиннэрдэ.
Холобур, Байкал күөлү харыстыырга биэс сылга «Экология» Национальнай бырайыак чэрчитинэн 32,6 млрд. солк., Волга өрүһү чөлүгэр түһэрэргэ 245 млрд. солк. көрүллүбүт. Онон өрөспүүбүлүкэ өрүстэрин харыстыырга, ууларын ырааһырдарга, балыктарын дэлэтэргэ федеральнай бүддьүөттэн харчы көрүллэрэ наадалааҕын парламенскай истиигэ эттилэр.
Сүрүн дакылааччыттар кэннилэриттэн айылҕа харыстабылыгар үлэлэһэр общественнай түмсүүлэр, Норуодунай фронт чилиэннэрэ микрофону былдьаһа сылдьан санааларын эттилэр. Кинилэр туруорсуулара этиилэр бырайыактарыгар түмүллэн, Ил Түмэн болҕомтотугар киириэҕэ.
Хампаанньа сүрүн офиһын манна аҕаларга!
Ол этиилэртэн биирдэстэрэ: эмтээх бадараанынан, туустаах уутунан биллибит Кэмпэндээйи санаторийын өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр төннөрөргө. Хампаанньа сүрүн офиһын сир баайын хостуур эрэгийиэнигэр аҕаларга. Хонтуруоллуур уорганнар туруорсар ыстарааптарын, хоромньуларын хампаанньа билинэрин уонна төлүүрүн ситиһэргэ. Сир баайын хостуурга тулалыыр эйгэҕэ куттала суох технологияны тутталларын хонтуруоллуурга.
Кумааҕы барытын уйар, норуодунай дьокутааттар, общественность туруорсуутун тугу да көтүппэккэ суруннулар эрээри, онтон төһөтө олоххо киирэрин бириэмэ көрдөрүө. Онон бу боппуруоска аны күһүн төннүөхпүт диэн эрэннэрдилэр.
Ойбонтон уулуур ынах-сүөһүгэ төһө кутталлааҕый?
Сунтаардар ол хаһан быһаарыллыар диэри бодобуос атын сиртэн ууну аҕалыаҕын, аны саас суол алдьаннаҕына барар кыаҕа суоҕун эттилэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар, өрүс уутуттан уулуур ынахха-сүөһүгэ улахан хоромньу тахсыбытын санаттылар.
Бу кыһалҕа Бүлүү бөлөх эрэ улуустарын төбөтүн ыарыыта буолбатах. Ол диэкиттэн кэлэр ынах-убаһа этэ, арыы, үрүҥ ас Дьокуускай куоракка, Бааһынай ырыынагар эмиэ атыыланар. Ону атыыласпыт киһиэхэ кимиэхэ баҕарар дьайыылаах буолуон сөп. Өскөтүн хороҕор муостаах өрүскэ киирэн ойбоҥҥо уулуур түгэнигэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru